26.12.2024

Ефрем Сивцев – Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай -практическай конференция буолуо

Тохсунньу 25 күнүгэр саха биллиилээх бэйиэтэ Ефрем Сивцев – Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах «Дойдум иһин, норуотум иһин олохпун хардата суох аныам» – диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай -практическай конференция ыытыллыаҕа.

Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Ефрем Степанович Сивцев – Таллан Бүрэ аатын Нам улууһун Бөтүҥ орто оскуолата сүгэр. Оскуола иһигэр суруйааччы түмэлэ арыллыбыта. Кини 1937 сыллаахха бэчээттэммит хоһоонун хомуурунньуга ааҕааччылар биһирэбиллэрин ылбыта. Поэт хомоҕой хоһоонноругар тыа сирин күннээҕи түбүгүн уонна төрөөбүт дойду кэрэтин уус-уран тылынан, ураты тупсаҕайдык хоһуйан ааҕааччы кутун туппута диэн тэрийээччилэр бэлиэтииллэр.

Научнай-практическай конференцияҕа бэйиэт литературнай тылын – өһүн, хоһоон суруйар ньыматын, кини айар үлэтэ саха сэбиэскэй литературатын сайдыытыгар оруолун, Нам улууһун историятын кытары ситимин сиһилии ырытыахтара.

Дьаһалы Саха сирин Суруйааччыларын союһа, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ, СӨ Национальнай библиотеката, Нам улууһун, Бөтүҥ нэһилиэгин дьаһалталара, Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим  тэрийэллэр.  Конференция библиотека историческай саалатыгар сарсыарда 9 чаастан саҕаланар. Күнүс 14 чаастан Таллан Бүрэ «Уолан Эрилик» диэн саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ буолуо.

Ыспыраапка:

Сивцев Ефрем Степанович – Таллан Бүрэ (25.01.1909 – 01.03.1984) – саха бэйиэтэ, гражданскай сэрии кыттыылааҕа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 1944 сыллаахтан ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, педагогическай үлэ ветерана,  Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ.  Ефрем Степанович Сивцев «Бочуот знага» уордьанынан, элбэх мэтээллэринэн  наҕараадаламмыта.

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять