22.12.2024

Эҥсиэли кэрэ куолара

Саха литературатын төрүттээбит суруйааччыларыттан биирдэстэрэ Анемподист Иванович Софронов-Алампа маҥнайгы таптала  Нам улууһуттан төрүттээх кимий?

Ахсынньы 19 күнүгэр Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотекаҕа  олус интириэһинэй тэрээһин буолла. Күндү ыалдьыттарбытынан буоллулар «Далбар Хотун» сурунаал бас эрэдээктэрэ Айталина Никифорова-Шадрина уонна “Далбар Хотун” сурунаал  «Саха саарыннарын далбар хотуттара» рубрикатын ааптара, биллэр учуонай, философия билимин доктора Валентина Григорьевна Семенова. Валентина Григорьевна «Эҥсиэли кэрэ куолара» диэн саха литературатын төрүттээбит суруйааччыларыттан биирдэстэрэ Анемподист Иванович Софронов-Алампа маҥнайгы тапталын, Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгиттэн төрүттээх Елизавета Афанасьевна Слепцова-Корякина уонна тапталлаах кэргэнин дьон өйүгэр-санаатыгар үйэлэргэ “үрүҥ туллук” быһыытынан хатанан хаалбыт Евдокия Константиновна Гоголева-Яковлева, Нам Көдөһүтүттэн төрүттээх саха бастакы артыыската Мария Евсеевна  Федорова, 20-с сылларга дьахтар хамсааһынын тэрийсибит, актыбыыска Евдокия Ефимовна Обутова тустарынан революция иннинээҕи сэдэх хаартыскалары көрдөрөн олус кэрэхсибиллээхтик кэпсээбитин кэлбит ыалдьыттар сэҥээрэ иһиттилэр. Елизавета Афанасьевна бииргэ төрөөбүт балтылара саха дьахталларыттан соҕотоҕун Берлиҥҥэ тиийбит, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Мария Афанасьевна Слепцова уонна Пелагея Афанасьевна Слепцова. Тэрээһиммитигэр Пелагея Слепцова сиэнэ Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо Ирина Васильевна Грязнухина эдьиийин Елизавета Афанасьевна туһунан кэпсээтэ, хаартыскалары көрдөрдө.

Валентина Семенова Анемподист Софронов-Алампа туһунан РФ уонна Саха сирин архыыптарын, музейдарын, периодикатын матырыйааллара, суруйааччы уус-уран айымньылара, суруктара уонна ахтыылара түмүллэн киирбит “Алампа” диэн монографиятын библиотекаҕа бэлэх уунна. Валентина Григорьевна Алампа маҥнайгы тапталын Елизавета Афанасьевна Слепцова туһунан “Далбар Хотун” сурунаал 2024 сыл 7-с нүөмэригэр уонна Евдокия Константиновна Гоголева “Саха театрын килбиэннээх аата” диэн ыстатыйата 8-с нүөмэригэр тахсыбыттара, сурунааллар эһигини-ааҕааччыларын кэтэһэллэр.  

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять