22.11.2024

Горнай улууһугар истиҥ көрсүһүү

Ыам ыйын 14 күнүгэр Намнааҕы кииннэммит  библиотечнай ситим методическай киин сэбиэдиссэйэ Гоголева Раиса Алексеевна, ааҕааччыны кытта үлэлиир салаатын сэбиэдиссэйэ Павлова Наталья Васильевна, информационнай отдел сэбиэдиссэйэ Соловьева Марианна Гаврильевна, кыраайы үөрэтэр салаа библиотекара Дьяконова Раиса Николаевна уонна оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйэ Бережнева Варвара Ефремовна, библиограф Кривошапкина Любовь Николаевна, ааҕар саала сэбиэдиссэйэ Петрова Альбина Петровна  саха народнай суруйааччылара Семен, Софрон Даниловтар төрөөн үөскээбит Горнай улууһун П. Д. Аввакумов аатынан киин библиотека үлэһиттэрин кытта көрсөн кэллибит.

Айаммыт сырылаччы көнө суол устун айаннаан хара маҥнайгыттан табыллан, үөрэн-көтөн Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр  үктэннибит. Коллегаларбыт киирэр аантан көрсөн көрсүһүүбүт олус истиҥник-сылаастык саҕаланна.

Тиийээт саха народнай суруйааччыларын Семен, Софрон Даниловтар ааттарын сүгэр Духуобунас киинигэр экскурция оҥордубут. Духуобунас киинин директора Сергеева Клавдия Георгиевна биирдии сааланан кэрийэ сылдьан бэрт интэриэһинэйдик Горнай улууһун биллэр-көстөр дьоннорун дьоһуннаахтык кэпсээтэ.

Библиотека методиһа Потапова Марина Дмитриевна, ааҕааччыны кытта үлэлиир отдел сэбиэдиссэйэ  Саввина Лена Григорьевна библиотекардары, библиотека отделларын кэрийэ сылдьаннар, үлэни-хамнаһы, хайдах-туох үлэлии олороллорун сиһилии кэпсээтилэр. Библиотекаҕа ааҕааччыны тардарга араас хайысхалаах үлэлэри ыыталлар, ол курдук библиотека иһинэн тэриллибит кулууптар айымньылаахтык үлэлээн библиотека үлэтигэр сүрүн тирэх буолаллар эбит. ЛитРес электроннай библиотекаҕа нэһилиэнньэҕэ киэҥник тарҕатан табыгастаахтык тутталлара ааҕааччыны тардыбыт. Кинигэни, хаһыаты оцифровкалыырга саҥа улахан сканердара, онон библиотека электроннай ресурсатын кэҥэтиигэ үлэ саҕаламмытын сонурҕуу көрдүбүт.

Ол кэннэ тахсан оҕо библиотекатын көрдүбүт, бэйэлэрин көрүнэн-дьаһанан таһаарыылаахтык үлэлии олороллор, оҕо-аймах сөбүлээн сылдьар маанылаах миэстэтэ буолар эбит.

Бу кэннэ эбиэт кэнниттэн оскуола үөрэнээччилэригэр «Дойдум иһин, норуотум иһин олохпун хардата суох аныам» диэн гражданскай сэрии кыттыылааҕа, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, поэт, учуутал идэлээх, биир дойдулаахпыт Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах суруйааччы олоҕун, айар үлэтин  туһунан Раиса Николаевна Дьяконова кэпсээтэ. Суруйааччы туһунан билсэн баран түмүгэр оҕолорго тэттик ыйытыктар бэриллэн эппиэттэрэ толорутуттан олуһун диэн үөрдүбүт.

Уруокпут кэннэ биир бастыҥ үлэлээх Кировскай нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар баран ыалдьыттаан көрөн-истэн кэллибит. Кырдьык даҕаны нэһиэлиэгин историятын мунньан, хомуйан эдэр көлүөнэ ыччакка нэһилиэстибэ хаалар гына үлэлии-хамсыы олорор эбит. Татьяна Васильевна бэйэтэ ис дууһатыттан үлэлиирэ, хараҕа уоттанан, дьиҥ чахчы үлэтигэр бэриниилээҕэ көстөр. Баай экспонаттаах музейын өссө да сиһилии кэпсиэҕин бириэмэ ыгым буолан төннүү буолла. Татьяна Васильевнаҕа икки кынат буолан оскуола библиотекатын библиотекара        Леонтьева Татьяна Алексеевна уонна нуучча тылын, литературатын учуутала Леонтьева Марфа Иннокентьевна оҕо сайдарыгар, нэһилиэк историята сурукка-бичиккэ дириҥник үөрэтиллэн хааларыгар улахан үлэни ыыталлара хайҕаллаах суол, ол курдук Татьяна Алексеевна нэһилиэк иһинэн “Аһыма сонуннара” диэн хаһыаты таһааран олохтоохтор биһирэбиллэрин ылыан ылар эбит. Онтон Марфа Иннокентьевна библиотека иһинэн оҕолорго тэрийбит “Ыллык” кулууба улуустарыгар, республикаҕа ыытыллар араас хайысхалаах ааҕыыларга кыттан ситиһиилэрэ үгүс. Ити курдук оҕолору кыра саастарыттан нэһилиэктэрин биллэр-көстөр дьоннорун, историятын үөрэтэн, научнай дакылааттарга кытыннаран  патриот буолан иитиллэн тахсалларыгар библиотека эмиэ сүрүн үлэтэ.

Түмүгэр Бэрдьигэстээх сынньалаҥ пааркатын сөҕө-махтайа көрөн сандалы остуол тула олорон итии үүттээх чээйи иһэн күннээҕи сырыыбыт түмүгүн ырытыстыбыт. Махтаныах этибит биир идэлээх коллегаларбытыгар чуолаан библиотека директорыгар Анна Владимировна Ивановаҕа, методистка Марина Дмитриевна Потаповаҕа истиҥ көрсүһүүгүт иһин. Аны да маннык көрсүһүүлэр тэриллэн, бэйэ-бэйэҕэ сылдьыһан, үлэни кэпсэтэн-быһаарсар түгэннэр үүнэ турдуннар.

 

Ааҕааччыны кытта үлэлиир отдел библиотекардара

 Павлова Н.В., Дьяконова Р.Н.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять