22.12.2024

I Өрөспүүбүлүкэтээҕи «ОЛОҤХО Дьыктаана-2019»

Сэтинньи 24-30 күннэригэр Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Олоҥхо дэкээдэтин чэрчитинэн биллэриллибит, Ийэ тыл барҕа баайын иҥэриммит олонхо тылын-өһүн таба суруйар үөрүйэҕи олохсутар – иҥэрэр сыаллаах «Олоҥхо дьыктаана» аахсыйа быйыл аан бастаан ыытылынна.  Нам улууһун дьоно-сэргэтэ аахсыйаттан туора турбакка көхтөөхтүк кытынна. Библиотекаларга, оскуолаларга дьыктааны сааһыттан, идэтиттэн уонна үөрэҕиттэн тутулуга суох, баҕалаах дьон, уопсайа улуус үрдүнэн 672 киһи суруйда. Улахан дьоҥҥо киэн туттар биир дойдулаахпыт  П.П.Ядрихинскай -Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр” олоҥхотуттан быһа тардыы, онтон оскуола оҕолоругар эдэр олоҥхоһут Юрий Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхоттон тиэкис ааҕылынна. Н.М.Рыкунов аатынан Нам киин бибилэтиэкэтигэр дьыктааны Нам 1№дээх орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Замятина Люция Григорьевна аахта. Уопсайа 14 киһи суруйбутуттан 8 кыттааччы «туйгун» сыанаҕа суруйдулар. Бары кыттыбыт дьоҥҥо I Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо дьыктаана–2019” аахсыйаҕа  кыттыбытын туһунан туоһулуур сурук (сертификат)   туттарылынна. “Туйгун” сыананы ылбыттарга дипломнары Олоҥхо сылын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ туттарыллыаҕа.

Туйгун билиилээх кыттааччылар испииһэктэрэ, бастыҥ көрдөрүүлээх улуустар ааттара (I-III миэстэлэр) ахсынньы 10 күнүгэр olonkho.infoпортал «Олоҥхо дьыктаана» балаһатыгар тахсыаҕа.

 

Р.Гоголева, методист

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять