Маннык ааттаах оскуола оҕолоругар анаммыт улуустааҕы конференция сэтинньи 17 күнүгэр Оҕо модельнай библиотекатыгар ыытылынна. Конференция Саха Автономията тэриллибитэ 100, Саха сиригэр Ийэ сылларыгар туһуланна. Улуус нэһилиэктэриттэн, чуолаан Салбаҥ курдук ыраах нэһилиэктэн, 20 үөрэнээччи кыттыыны ылла. Оҕолор ийэлэрин төрүччүлэрин үөрэтэн, интэриэһинэй чахчылары хомуйан, архивнай докумуоннары туһанан, дьиэ-кэргэн реликвиятын, сэдэх малларын көрдөрөн олус дириҥ ис хоһоонноох дакылааттары аахтылар. Конференция экспертэрин сүбэтигэр үлэлээтилэр: Христофоров А.Х.- И.Е.Винокуров аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл сэбиэдиссэйэ; Еремеева Л.В. — “Нам улууһа” муниципальнай тэриллии Дьиэ -кэргэн уонна ыччат политикатын сүрүннүүр отдел специалиһа; Находкина И.С. — Нам улууһун дьахталларын түмсүүтүн салайааччыта; Кокарева М.Д. — СР Бырабыыталыстыбатын иһинэн гражданнар туруктарын аактатын суруйар управление Нам улууһунааҕы отделын салайааччыта, РФ журналистарын Сойууһун чилиэнэ.
Бережнева В.Е. — Намнааҕы оҕо модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ.
Конференция түмүгүнэн кыайыылаахтарынан буоллулар: I бөлөххө 1 миэстэни Нестеров Ньургустан (5 кыл., Хатыҥ-Арыы орто оскуолата), 2 миэстэни Ларионов Никита (5 кыл., Хамаҕатта орто оскуолата), 3 миэстэни Замятин Никита (5 кыл, Хатыҥ-Арыы орто оскуолата). II бөлөххө 1 миэстэни ылбыт Сивцев Айтал (9 кыл, Бөтүҥ орто оскуолата) “Нам улууһа” муниципальнай тэриллии Дьиэ -кэргэн уонна ыччат политикатын сүрүннүүр отдел анал бирииһинэн наҕараадаланна, 2 миэстэни Попова Каролина (7кыл., Түбэ орто оскуолата), 3 миэстэни Попова Диана (9 кыл., Хатырык орто оскуолата) ыллылар. Хас биирдии кыттыбыт оҕоҕо туоһу суруктар, салайааччыларга Махтал суруктар туттарылыннылар. Кыттыбыт оҕолор эбэлэрин, эһэлэрин туһунан элбэҕи билбиттэрин, салгыы төрүччүлэрин дириҥэтэн үөрэтэр эбиппит диэн санааҕа кэллилэр.