Тохсунньу 16 күнүгэр Намнааҕы Н.Рыкунов аатынан киин библиотекаҕа уран тыл ууһа, саха народнай суруйааччыта Иван Михайлович Гоголев-Кындыл төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах «Күн сарыалын кууһаммын…» диэн үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Үөрүүлээх тэрээһиммитигэр Иван Гоголев туһунан сылаас-сымнаҕас истиҥ-иһирэх тылларынан ахтан-санаан ыллыбыт, суруйааччы олоҕун, айымньыларын билиһиннэрдибит. Күндү ыалдьыттарбытынан буоллулар улуустааҕы “Отуу уота” литературнай, «Иэйии» бэтэрээннэр түмсүүлэрэ, кэнчээри ыччаттарбыт уонна Кындыл айымньыларыгар сүгүрүйээччилэр. Үөрүүлээх тэрээһиммитин «Күндүл» хоһоонньуттар бөлөхтөрө суруйааччы “Саха тыла” диэн хоһоонун дорҕоонноохтук ааҕан астылар, сал. И. Гаврильев аатынан бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Лариса Дмитриевна Данилова, режиссер Роман Герасимов. Иван Гоголев саха официальнайа суох гимнэ буолбут «Сахам сирэ барахсан» хоһоонугар композитор Грант Григорян матыып суруйбут ырыатын «Иэйии» бэтэрээннэр түмсүүлэрэ куоласка арахсан ыллаан доргуттулар, сал. Пелагея Никонова. Иван Гоголев Николай Рыкунов 50 сааһын туолбут күнүгэр «Поэтка, Николай Рыкуновка!» диэн хоһоон суруйбутун ааҕан иһитиннэрдибит. “Отуу уота” литературнай түмсүүттэн Марта-Мария эҕэрдэ тылын этэн туран Кындылга анаабыт хоһоонун ааҕан иһитиннэрдэ.
Тэрээһиммитигэр суруйааччы биир дойдулаахтара кыттыстылар. Ол курдук Бүлүүтээҕи Иван Михайлович Гоголев аатынан кииннэммит библиотечнай ситим директора Николай Николаевич Харлампьев суруйааччы 95 сыла туолбутунан Нам олохтоохторун эҕэрдэлээтэ. Биир дойдулаахтара Чочу нэһилиэгин олохтоохторо суруйааччы хоһоонноруттан быһа тардан аахпыттарын сэргии иһиттибит, салайааччы нэһилиэк библиотекара Гелена Александровна Степанова.
Кэлбит ыалдьыттар Кындылга аналлаах «Үөрэр күҥҥэ арыт ааппын ахтан аһараарыҥ» кинигэ быыстапкатыттан хоһооннорун талан тута иэйиилээхтик аахтылар. Манна бастакы миэстэни Илья Чаҕылҕан аатынан алын сүһүөх оскуолатын учуутала Степанида Николаевна Парнякова, иккис миэстэни «Иэйии» бэтэрээннэр түмсүүлэрин салайааччыта Пелагея Ивановна Никонова, үһүс миэстэни И.Гаврильев аатынан бастакы нүөмэрдээх оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Денис Сокольников ыллылар. Тэрээһиммит иннинэ Нам сэлиэнньэтин олохтоохторугар «Сахам сирэ барахсан» ырыа ааптара кимий диэн ыйытык ыыппыппыт. Манна сөптөөх эппиэти Осипова Татьяна Иннокентьевна биэрэн бирииспитин туппута.
Маны тэҥэ суруйааччы олоҕор, айымньыларыгар аналлаах тургутук ыытыллыбытыгар уопсайа 23 кыттааччыттан үс бастакы кыайыылаахтар сэмэй бэлэхтэри туттулар: Өлөөн улууһуттан Семенова Наталья Васильевна, Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүттэн Сорокина Екатерина Ивановна, Намтан Уваровская Туяра Викторовна. Тэрээһиммитин «Аан дойду ыччатын сүрэҕэ» ырыаны күргүөмнээхтик ыллаан түмүктээтибит.