26.12.2024

Кэбээкэп саҥа кинигэлэрин сүрэхтэниитэ

Муус устар 6 күнүгэр Н.М.Рыкунов аатынан улуустааҕы киин библиотека ааҕар саалатыгар РФ уонна СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, поэт, СӨ Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, Нам, Кэбээйи улуустарын, Көбөкөн, Хатырык, Хамаҕатта нэһилиэктэрин Ытык Киһитэ, улуустааҕы «Эҥсиэли» хаһыат общественнай корреспондена, айар талааннаахтар «Отуу уота» суруйааччыларын түмсүүлэрин салайааччыта, чилиэнэ, уонча кинигэ автора Андрей Григорьевич Кобяков туһунан “Саха сирин үтүөкэн дьоно” сериянан бэчээттэнэн тахсыбыт «Андрей Григорьевич Кобяков (1945-2019)» уонна «Олох инники күөнүгэр» диэн саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэлэр сүрэхтэниилэригэр, истиҥ ахтыы көрсүһүү буолан ааста.
Үөрүүлээх тэрээһиммитин Ю.Потапов-Саргын тылл., Владислав Ядреев-Бэйэ киһитэ матыыбыгар «Отуу уотун» өрөгөй ырыатынан ааптар В.Ядреев –Бэйэ киһитэ ньиргиччи ыллаан арыйда. Андрей Григорьевич тапталлаах кэргэнэ Софья Дмитриевна Кобякова, оҕолоро, аймахтара, улуус дьаһалтатыттан баһылык Юрий Иннокентьевич Слепцов, улуустааҕы депутаттар сэбиэттэрин председателэ Иван Романович Попов, баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Петр Васильевич Абрамов уонна Кэбээйиттэн, Мэҥэ-Хаҥаластан, Дьокуускай куораттан бииргэ алтыспыт, үөрэммит табаарыстара, үлэлээбит доҕотторо, үөлээннээхтэрэ ыалдьыттаатылар. Бу күн А.Г.Кобяков улахан уоппуттаах, сатабыллаах салайааччы, киһи киэнэ килбиэннээҕэ, үлэһит үтүөтэ, истиҥ доҕор, тапталлаах кэргэн, амарах аҕа, эйэҕэс эһэ өттүнэн сылаас-истиҥ тылларынан үллэстэн, ахтан-санаан аастыбыт. Андрей Григорьевич хоһоонноругар элбэх ырыа айыллан дьон сэргэ сэҥээриитин кутун туппута. Ол курдук, уостан түспэт ырыалар «Хатырык”, “Мутукча сытынан”, «Собо», “Дойдубар” бу тэрээһиҥҥэ ылланан дьон сүргэтин көтөхтулэр, үөртүлэр.

Саҥа тахсыбыт «Андрей Григорьевич Кобяков (1945-2019)» кинигэҕэ бөдөҥ хаһаайыстыбаннай салайааччы Андрей Григорьевич Кобяков олоҕун, үлэтин туһунан кэпсиир ахтыылар А.Г. Кобяков удьуордарын төрүччүтэ, чугас дьонун, оскуолаҕа, Саха государственнай университетыгар бииргэ үөрэммит оҕолорун, доҕотторун, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрин дириҥ ис хоһоонноох ахтыылара түмүллэн киирбиттэр. Бу саҥа кинигэни хомуйан оҥордо Андрей Григорьевич кэргэнэ Софья Дмитриевна, редактор РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Нам, Кэбээйи улуустарын Бочуоттаах гражданина, Н.М.Рыкунов аатынан бириэмийэ лауреата Григорий Константинович Эверстов, матырыйааллары компъютерга талла Анна Яковлевна Эверстова.
Кинигэ 264 сирэйинэн, 100 ахсааннаах Дьокуускай куорат «Алаас» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста.
Иккис тахсыбыт «Олох инники күөнүгэр» саҥа хомуурунньук Андрей Григорьевич айар үлэтин, алтыспыт дьонун-сэргэтин туһунан кэпсиир ис хоһоонноох. 195 cирэйдээх кинигэни хомуйан оҥордо Эҥсиэл хаһыат редактора Лена Алексеевна Ноговицына.
Саҥа кинигэҕэ Андрей Григорьевич инники сылларга туспа кинигэнэн бэчээттэппит хоһооннорун хомуурунньуктара, поэмалара, «Эҥсиэли» хаһыакка тахсыбыт ыстатыйалара, кини туһунан биирдиилээн дьон ахтыылара, айымньытын ырытыылара киирдилэр. Кинигэҕэ аан тылы «Эҥсиэли» хаһыат кылаабынай редактора Владислав Гаврильевич Касьянов суруйда. Биһиги улуустааҕы Эҥсиэли редакциябытыгар бу кинигэ хомуллан, таҥыллан оҥоһулунна. «Дани-Алмас хампаанньа» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ типографиятыгар 80 экземплярынан бэчээттэннэ.
Үтүө киһи аата үс үйэҕэ барар. Бүгүҥҥү истиҥ-сылаас ахтыы күнүн уонна Андрей Григорьевич туһунан дьоно-сэргэтэ, кэргэнэ Софья Дмитриевна, оҕолоро аатын үйэтитэн ыччаттарыгар дьоһун бэлэх оҥордулар

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять