22.12.2024

«Кинигэ күүһэ» акция Нам улууһугар ыытылынна

Нам кииннэммит библиотекатын ситимин филиалларыгар уонна Оҕо библиотекатыгар сылын аайы ыытыллар «Кинигэ күүһэ» республиканскай акция ыытылынна. Быйылгы акция Саха сиригэр Үлэ сылынан, Бүтүн Россия үрдүнэн бэлиэтэнэр библиотека күнүгэр ананна.

Бу улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ үлэни өрө туппут нэһилиэктэр киэн туттар, убаастанар үтүө-мааны дьоно кэнчээри ыччакка  оҕо саастарыгар сөбүлээн аахпыт кинигэлэрин ааҕан иһитиннэрдилэр, ааҕыы киһи олоҕор суолтатын туһунан кэпсээтилэр, санааларын үллэһиннилэр. Ол курдук, Түбэҕэ Нам улууһун Ытык киһитэ Р.Е.Лукина, 1Хомустаахха тыа хаһаайыстыбатын ветерана, СР үтүөлээх ветеринарнай бырааһа  Л.В.Алексеева, Бөтүҥҥэ Нам улууһун Ытык киһитэ, нэһилиэк бэтэрээннэрин Сэбиэтин салайааччыта Л.В.Михайлова, Салбаҥҥа тыа хаһаайыстыбатын туйгуна Д.А.Лугинова, Партизаҥҥа нэһилиэк баһылыга А.Н.Зырянов, Хамаҕаттаҕа үөрэҕирии туйгуна Е.Г.Саввинова, Аппааныга орто оскуола директора П.Н.Оконешников, И.Е.Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы краеведческай музейын специалиһа М.В.Нестеров, Модукка үөрэҕирии туйгуна, нэһилиэк Ытык олохтооҕо О.П.Протопопова, 2 Хомустаахха нэһилиэк Ытык олохтооҕо, “Отуу уота” литературнай түмсүү чилиэнэ Л.Е.Пестрякова, Фрунзеҕа үөрэҕирии бочуоттаах үлэһитэ В.Н.Макитова, Намҥа Оҕо библиотекатыгар СР үтүөлээх учуутала Л.П.Адамова уо.д.а акцияны өйөөн көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Оҕолор хас биирдии ааҕыллыбыт айымньыны олус сэргээн иһиттилэр, ыйытыктары биэрдилэр. Онон республика бары библиотекаларыгар ыытыллар “Кинигэ күүһэ”  акция оҕону ааҕыыга уһуйууга, кинигэҕэ тапталы иҥэрэргэ  биир сүрүн тэрээһин буолар. Бука бары кыттыбыт дьоҥҥо,  үөрэнээччилэргэ СР Национальнай библиотекатын аатыттан туоһу суруктар туттарылыннылар.

Р.Гоголева

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять