22.12.2024

Лина Сабарайкина түһүлгэтэ

Алтынньы 25 күнүгэр биһиги биир дойдулаахпыт Саха сирин суруйааччыларын, Россия тылбаасчыттарын союһун чилиэнин Лина Михайловна Сабарайкина айар үлэтин кытта билиһиннэрэр “Мин айылҕа оҕотобун” диэн литературнай биэчэр буолан ааста.

Литературнай биэчэргэ көхтөөх кыттыыны ыллылар аймахтара Сабарайкина Туйаара Михайловна, Захарова Мария Васильевна уонна Намнааҕы гимназия бэһис кылаас үөрэнээччилэрэ. Билиҥҥи кэмҥэ экология боппуруоһа үйэ тыын проблемата буолан турдаҕына, оҕолорго анаан айылҕаны таптыыр, харыстыыр, байытар суолталаах айымньылара олус киэҥ информацияны биэрэллэр. Биэчэр кыттыылаахтара Лина Сабарайкина айар үлэтинэн санаа үллэһиннилэр, оҕолор ыалдьыттарга ыйытыы биэрэн билиилэрин чиҥэттилэр, “Ааныкчаан сибэкки – Күн кыыһа” диэн остуоруйа – пьесаттан сэттис көстүүтүн оонньоон көрдөрдүлэр, викторина боппуруостарыгар эппиэттээтилэр, тэттик кэпсээннэрин ааҕан отзыв суруйан үөртүлэр.

Библиотека туруорбут быыстапкатын сэргии көрдүлэр, билиҥҥи кэм ирдэбилинэн айылҕа туһунан сахалыы кинигэлэргэ олус наадыйалларын эттилэр.

Түмүккэ Мария Васильевна  Лина Сабарайкина айар үлэтин үөрэнээччилэр биһирииллэрин, билэллэрин уонна интириэһиргииллэрин бэлиэтээтэ.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять