Нам улууһун суруйааччыта, Россия журналистарын сойууһун чилиэнэ, “Эҥсиэли” хаһыат общественнай корреспондена, Салбан уонна Хамаҕатта нэһилиэктэрин ытык киһитэ, үлэ, тыыл ветерана, Саха киинэтин үлэһиттэрин ветерана, тоҕус кинигэ автора, М.Н.Жирков – Хара Макар баара буоллар быйыл күһүн 90 сааһын туолуохтаах этэ. Бу юбилейдаах датаны көрсө суруйааччы оҕолорго анаабыт хоһоонноругар күрэхтэһии тэрийэн ыыппыппыт, уопсайа 105 о5о кыттыыны ылла. Тэрээһиҥҥэ суруйааччы чугас доҕотторо, оҕолоро, сиэннэрэ истиҥ иһирэх тылларынан ахтан- санаан аастылар.
Күрэхтэһии үс бөлөҕунэн буолбута. Бастакы бөлөххө И. С. Гаврильев аатынан Нам бастакы нүөмэрдээх оскуолатын 1 “а” кылааһын үөрэнээччилэрэ (салайааччы Т. Н. Посельская) “Сайылык оҕолоро” композицияны толорон сайыҥҥы күннэри санаппыттара. Салбан орто оскуолатын үьүс кылааһын үөрэнээччитэ Федоров Ярослав (салайааччы М.Р.Протопопова), туттан-хаптан сапсыммахтаан дьиҥнээх бөтүүгү мөтөҥнөттө. Модут орто оскуолатын үһүс кылааһын үөрэнээччилэрэ (салайааччы С.Н.Охлопкова) суруйааччы оҕолорго анаабыт бастакы “Үрүмэччи” диэн кинигэтинэн хоһооннору аахтылар. Бу оҕолор саамай бастыҥнар ааттарынан бэриэмийэннэн уонна өйдөбунньүк бэлиэннэн наҕараадаланнылар. Маны таһынан 1, 2, 3 миэстэлэргэ тиксибит оҕолор наҕараадаланнылар. Партизан оскуолатын оҕолоро Кэҥкэмэ үрэх туһунан хоһоонноро, Саха французкай лицей бастакы кылааһын үөрэнээччитэ Широких Айгылана “Тойон сэргэ” диэн эһээтигэр анаммыт хоһоону ааҕан, Нам бастакы оскуолатын 3 “б” кылааһын үорэнээччитэ Находкина Аля хоһоонун хомуһунан догуһуоллаан анал бириистэринэн бэлиэтэннилэр.