22.12.2024

Модукка «Иккис Литературнай автоквест» ыытылынна

Кулун тутар 5 күнүгэр Модут нэһилиэгэр олохтоох модельнай библиотека (сэбиэдиссэй Сивцева С.С.) уонна И.С.Охлопков аатынан культура дьиэтин (директор Ядрихинская-Попова С.Н.) көҕүлээһиннэринэн түөлбэлэр икки ардыларыгар «2-Литературнай автоквест» буолан ааста.  Былырыыҥҥы күрэх Улуу Кыайыы 75 сылыгар ананан ыытыллыбыт буоллаҕына, быйылгы автоквест Россияҕа Наука уонна үрдүк технология, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр доруобуйа, Нам улууһугар И.Е.Винокуров 125 сылынан, И.С.Охлопков аатынан культура дьиэтэ уонна олохтоох модельнай библиотека 65 үбүлүөйдээх сылларыгар ананан ыытылынна. Бу күн хамаандалар тимир көлөннөн нэһилиэги кэрийэ сылдьан 5 тохтобулга сырыттылар, араас тургутуулары аастылар. Доруобуйа сылын чэрчитинэн Е.Г.Гоголев аатынан культурнай —  спортивнай комплекска араас көрдөөх моһоллору туораатылар, «Модут» стелаҕа И.Е.Винокуровка аналлаах кроссворд иһигэр саспыт чэпчэтиини көрдөөтүлэр, вышкаҕа тиийэннэр М.К.Аммосовка, И.Е.Винокуровка анаммыт хоһооннору доргуччу аахтылар, Кыайыы пааматынньыгын хаарын ыраастан чэпчэтиилэри буллулар. Күрэх түмүгүнэн кыттааччылар грамота, кыайыылаахтар мэтээл уонна көһө сылдьар кубок туттулар, ол курдук:

 «Сарыал» түөлбэ 24:21 мүн түмүктээн 1 миэстэни ситистилэр (Гуляева М.С., Терехова Т.С., Винокурова М.Н.)

  «Эрэл» түөлбэ 27:36 мүн түмүктээн 2 миэстэни ситистилэр (Куличкина А.А., Винокурова Н.П., Федоров М.А.)

 «Саһарҕа» түөлбэ 33:30 мүн түмүктээн 3 миэстэни ситистилэр (Петрова А.Г., Ли С.М., Винокуров Д.М.)

 «Үчүгэй алаас» 44:56 мүн түмүктээн 4 миэстэ буоллулар. (Дьяконова В.Д., Ядрихинский А.А., Евстафьев В.Н.)

   Наҕараадалааһын иннинэ кыттааччылар автоквест хайдах ааспытын, ким тугу ыарырҕаппытын кэпсээтилэр, оонньуу бириэмэтигэр түбэспит араас көрдөөх түгэннэрин кытта үллэһиннилэр, бэйэлэрин санааларын эттилэр.

Сардаана Сивцева, модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять