21.11.2024

Н.А. ЛУГИНОВ 75 СААҺЫГАР АНАЛЛААХ УЛУУСТААҔЫ ДОРҔООННООХТУК ААҔЫЫ КҮӨН-КҮРЭҔЭ ЫЫТЫЛЫННА

Биллиилээх общественнай деятель, Саха сирин норуодунай суруйааччыта, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун Үрдүкү Айар сэбиэтин чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ойуунускай аатынан литературнай бириэмийэ лауреата,  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын Академиятын вице-президенэ Николай Алексеевич Лугинов 75 сааһыгар аналлаах улуустааҕы уус-ураннык дорҕоонноохтук ааҕыы күөн-күрэһэ алтынньы 17 күнүгэр Нам улууһун Үөрэҕин салалтатын уонна Н. М. Рыкунов аатынан киин модельнай библиотека көҕүлээһиннэринэн  үөрэх тэрилтэлэрин икки ардыларыгар буолан ааста. Күөн күрэскэ кыттыыны ыллылар улуус оскуолаларыттан 42 улахан дьон (учуутал, төрөппүт, уһуйаан иитээччилэрэ), 36 үөрэнээччи.

Күрэх 3 түһүмэҕинэн ыытылынна, ол курдук бастакы, иккис түһүмэхтэргэ Николай Лугинов уонна саха литературатын классик суруйааччыларын айымньыларыттан кыттааччылар ааҕан иһитэннэрдилэр. Бастакы түһүмэх кэнниттэн 5 үөрэнээччи, 14 улахан киһи хаалан, иккис түһүмэххэ күөн былдьастылар. Үһүс түһүмэххэ  Николай Лугинов айымньыларын нууччалыы тылбааһын аахтылар уонна кыайыылаахтарынан буоллулар:

Оскуола үөрэнээччилэригэр:

1 миэстэ – Семенов Артур, Партизан орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ.

2 миэстэ – Ратникова Нарыяна, Е.М. Шапошников аатынан Хамаҕатта орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ.

3 миэстэ – Северьянова Нарияна, Е.М. Шапошников аатынан Хамаҕатта орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ.

Улахан дьоҥҥо:

1 миэстэ – Местников Дмитрий Григорьевич, Салбан орто оскуолатын история, обществознание учуутала.

2 миэстэ – Григорьева Людмила Савельевна, Түбэ нэһилиэгэ, төрөппүт.

3 миэстэ – Петрова Екатерина Спартаковна, М.К. Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала.

Дьүүллүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Максимова Алла Иннокентьевна  – Афанасий  Шестаков аатынан улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин режиссера, Аммосова Кира Кировна – урбаанньыт, Нам улууһун депутата, общественнай үлэһит, төрөөбүт тыл активиһа,        Васильева Оксана Егоровна– урбаанньыт, «Ийэ тыл кэскилэ» түмсүү чилиэнэ, “Отуу уота” литературнай түмсүү чилиэнэ, төрөөбүт тыл активиһа, Павлова Тина Николаевна — Нам улууһун Үөрэҕин салалтатын методическай отделын суруннуур специалиһа.

Маннык тэрээһиннэр сыалларынан буолаллар айар талааннаах дьоммут суруйааччылар  айымньыларын киэҥ араҥаҕа-нэһилиэнньэҕэ тарҕатыы,  киэн туттуу тыыныгар уһуйуу, сахалыы тылынан ааҕыыны, билиини-көрүүнү көҕүлээһин. Дорҕоонноохтук ааҕыы күөн-күрэһин кыттааччыларын, кыайыылаахтарын өссө төгүл эҕэрдэлиибит уонна «Силиһэ  суох-мас үүммэт» — диэн мээнэҕэ этиллибэт, ийэ тылбытынан саҥарыаҕыҥ, ааҕыаҕыҥ диэн махтал санаа алгыһын этэбит.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять