22.11.2024

Нам улууһугар бастакы эмчит, политсыылынай Александр Сиповичка анаммыт тэрээһин.

 

Сэтинньи 20 күнүгэр Модут нэһилиэгэр  “Ситим” балаҕан дьиэтигэр “Нэһилиэгим историятыттан” диэн Нам улууһугар бастакы эмчит, политсыылынай Александр Сиповичка анаммыт бэрт интэриэһинэй, сэргэх тэрээһин буолан ааста.

Тэрээһини Владислав Гаврильевич Ядреев ылба5ай ырыатынан арыйда, онтон олохтоох модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Сардана Семеновна Сивцева Модут нэһилиэгэр политическай сыылка историятыттан быһа тардан кэпсээтэ. Ол курдук, 19 үйэ иккис аҥаарыгар Модут нэһилиэгэр 8 политсыылынай олорон ааспыттара биллэр:

Людвиг Понецкай – 1867 – 1870 сс.

Михаил Петров – 1877с., Модукка олохсуйан олорбут.

Эдмонт Студзинский – 1883-1895

Сипович Александр Александрович – 1883-1894 сс

Тонышев Иван Федорович – 1885с., Модуккка олохсуйан өлбүт.

Коган Бернштейн (Баранова) Наталья Осиповна – 1890 – 1895 сс

Феликс Яковлевич Кон, кэргэнэ Христина Гринберг – 1891-1895 сс

Антон Антонович Костюшко – Валюжанич – 1903с

Бу дьон Модукка олохсуйан олорор кэмнэригэр саха оҕолорун ааҕарга, суруйарга үөрэппиттэрэ, сибиинньэ, куурусса, сүөһү-сылгы иитиитинэн дьарыктаммыттара уонна саха дьонун олоҕун-дьаһаҕын үөрэппиттэрэ, ону таһынан олохтоох нэһилиэнньэ инники сайдыытыгар, билиилэрэ кэҥииригэр бэрт элбэҕи оҥорбуттара.

Кыраайы үөрэтээччи Лукинова Екатерина Афанасьевна Александр Сипович олоҕун, үлэтин туһунан кэпсээтэ, историческай хаартыскалары, докумуоннары көрдөрдө.

Нам улууһугар бастакы эмчит, политсыылынай, поляк А.А.Сипович Модукка 11 сыл олорбута. Кинини билиҥҥи Модут уонна Бөтүҥ быыһынан турар вышканнан иһирдьэ “Маҥан Кэрэх” диэн сиргэ кыра балаҕаҥҥа олохсуппуттар. Бу үтүөкэннээх эмчит олорбут сылларыгар Модут дьонун эрэ буолбакка, Нам улууһун бары нэһилиэктэрин кэрийэ сылдьан олохтоохтору эмтээбитэ,үгүс киһини өлөр өлүүттэн быыһаабыта.

Биэчэр түмүгэр А.А.Сипович хос сиэнигэр, педагогическай үлэ ветераныгар, Саха Республикатын уонна Российскай Федерация үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитигэр, Нам улуүһун, Бөтүҥ, Модут нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕор Василий Никитич Макаровка эҕэрдэ тылларын этэн туран, Модут нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Суздалова Мария Алексеевна, бэтэрээннэр түмсүүлэрин салайааччыта Дьяконова Варвара Дмитриевна өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттардылар.

 

 Сардана Сивцева

Модут модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять