22.12.2024

Нарын иэйиигэ уйдаран…

                               Киин библиотека5а поэзия күнүнэн «Истиҥ иэйии ыллыгынан» улуус юбилейдаах  суруйааччыларыгар: А.Г.Дунаевка, Е.А.Дьяконова5а, Е.М.Феофановка, В.В.Кривошапкин – Майскайга, мелодист В.Г.Ядреевка, Г.Г.Слепцов – Дьиэрэнкэйгэ аналлаах тэрээһин буолла.

Суруйааччылар олорор түөлбэлэриттэн э5эрдэлэр, хоһоонноро ааҕылыннылар: ННОШ оскуолатын 3 «б» кыл (сал. М.Н.Михайлова ), библиотека хоһоон аа5ар бөлөҕө, Корякина М.С, Попова В.К, Москвитина Т.Н. Поэт В.В.Кривошапкин – Майскай туһунан ахтыыны Е.А.Кутукова, «Дьуэгэлэр» ансаамбыл  ырыатын толорон, мелодист Г.Г.Слепцов –Дьиэрэнкэй олоҕун Е.В.Слепцова кэпсээн, ырыатын Сахаяна Жиркова толорон, Е.А.Кутукова ахтан,  «Төрөөбүт алааскын эн таптаа» ырыатын кэлбит дьону ыллатан, дьон астыныан астынна. Тэрээһини бэт көхтөөхтүк  «Иэйии» ансаамбыл ырыаһыттара (сал. Т.А.Гурьева) ыллаан киэргэппиттэрэ, ситэрэн — хоторон биэрдэ.

Бу тэрээһиҥҥэ «Саҥа аат»  — З.В. Нератова (Хамаҕатта) кистии сылдьыбыт иэйиитэ аһылынна,  хоһооно биһирэннэ. Хоһоон куттаах А.Е.Гуляева  эҕэрдэтин тиэттэ. Мустубут дьон ыллаан- туойан, хоһоон истэн санаалыын сайҕанан, дууһалыын үөрэн тарҕастылар.

К.К.Попова

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять