18.12.2024

Наталья Харлампьева Нам улууһугар

        Бэс ыйын 8 күнүгэр Эҥсиэли хочотугар,  Нам улууһугар дьоро-истиҥ күн ааста. Биир күн Наталья Ивановна Харлампьевалыын — Россия Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрин, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын  бэрэссэдээтэлин, Саха Республикатын Духуобунаска академиятын академигын, Саха  народнай поэтын, Саха Республикатын П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай, Суорун Омоллоон аатынан Саха Республикатын Ил Дарханын литературнай, Саха АССР комсомолун, Казахстан «Алаш» литературнай, Россия «Улахан литературнай», Александр Твардовскай аатынан бириэмийэлэрин лауреатынаан, Нам уонна Горнай улуустарын, Маҕан бөһүөлэгин Ытык киһитинээн атах тэпсэн олорон, уун утары көрөн астык кэпсэтии, сэһэргэһии буолла.  Ол курдук I Хомустаах федеральнай, модельнай  «Эйгэ» саҥа көлүөнэ  библиотекатыгар олохтоохтор тоҕуоруһа мустан Наталья Ивановна Харлампьеваны көрүстүлэр. Бу көрсүһүүттэн Наталья Ивановна астыммытын-дуоһуйбутун биллэрэн махтал-сылаас тылларын эттэ.

      Онтон массыына сымнаҕас олбоҕор олорон улууспут киинигэр Намҥа айаннатан И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан  аатынан литературнай музейга сылдьан,   салҕыы П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтигэр Нам нэһилиэгин олохтоохторун, ааҕааччыларын, саха литературатын сэҥээрээччилэрин  кытта биир ураты истиҥ көрсүһүү буолан ааста. Дьэ, кырдьык да саха киһитэ сэлэһэн-сэһэргэһэн бардаҕына айаҕа аһыллар, өрөөбүт уоһа өһүллэр диэн этии баар. Дириҥ махталынан, тапталынан  күндү ыалдьыппытын кытта, норуот поэта Наталья Ивановналыын бэйэтэ хоһоонугар этэринии:-

Дьылҕа тургутар түгэнигэр,

Олох бутуур эргииригэр,

Үлэ үмүрүйбэт түбүгэр

Эйэҕэстик сэһэргэһэр

Аралдьытар аргыстааҕым,

Уоскутар убайдааҕым,

Эрэллээх эдьиийдээҕим

Үчүгэй да эбит…

Халлааным үрдүүр курдук

Сэһэргэһии күүһэ оннук!,  диэн туран кэпсэтиибитин саҕалаатыбыт.

      Наталья Харлампьева, маннык айаны үбүлүөйдээх 70 сааһын бэлиэтиир күнүгэр анаан ааҕааччыларын, саха литературатын сэҥээрээччилэрин кытта көрсүһээри  «Суруйааччы уонна кэм» экспедиция тэрийбит эбит. Олоҕун оҕо саастарыттан, удьуор дьонуттан-төрөппүттэриттэн саҕалаан  “Аҕам, ийэм Маҕаҥҥа көһөн да баран «Намнарбыт» дэһэллэр этэ. Онон мин Намтан тардыылаахпын ” диэн истэн олорор дьон үөрэ, сэргии иһиттибит.

      Наталья Ивановна, айар аартык суолугар 70-сыллар иккис аҥардарыгар киирбит. Поэзия эйгэтигэр оҕо сааһыттан убаммыт. «Поэт буолбаттар, поэт буолан төрүүллэр» диэн биллэр этии баар. Ол туһунан  суруйааччы бу курдук этэр «Хоһоон суруйар дьоҕуру үөрэнэн, уһуйуллан ылар кыах суох… Хоһоонньут буоларга, тылга сүгүрүйүүгэ, мин санаабар удьуордааһын сүрүн оруоллаах». Онон айар аартык суолун, «суруйааччы” буолар аналы ыарахан, үлэлээх дьиир. Бэйэтин олоҕун аартыгар үгүс үтүө дьону көрсүбүтүн, алтыспытыттан саҕалаан, Саха суруйааччыларын литературнай нэһилиэстибэлэрин үйэтитиигэ, Анемподист Софронов-Алампа туһунан тус санааларын, Сэмэн Данилов айар аартык суолун тэлиитигэр сүбэ-ама, өйөбүл, эдэр  айар дьоҥҥо ананар «эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарын”,  норуоттар литератураларын кытта доҕордоһуу сыһыаны олохтуур биир сүрүн үлэтэ буоларын, ХИФУ РФ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна культураларын институтугар сыһыаннаах анал курсун, студеннарын  туһунан анаара кэпсээтэ. Кэпсээн, сэһэргэһии быыһыгар народнай поэт бэйэтин хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдэ, хас биирдии хоһоонугар анабыл кэпсээннээх буолла. Киһи эрэ долгуйа, астына истэр гына ааҕан, саҥалыы санааны, кыымы сахта.   Ааҕааччылар ыйытыктарыгар эппиэттээн хардарыта астынныбыт.  

     Биллэн турар маннык күҥҥэ бастатан туран айар-суруйар дьон бэйэлэрин эйгэлэрин  билинэллэр. Николай Рыкунов сахпыт  «Отуу уота” литературнай түмсүү салайааччыта Алексей Михайлович Татаринов-Удьурҕай  сибэкки дьөрбөтө, эҕэрдэ суругу туттарда уонна  үөрэ-көтө Наталья Харлампьева хоһоонноруттан аахтылар, санааларын үллэһиннилэр. Күммүтүн киэргэттилэр сахалыы матыыбынан «Нам кылыһах» фольклорнай бөлөх композицията (сал. Мария-Маайа Григорьева) уонна уолаттар толорууларыгар «Сарсыарда саһарҕа». Истиҥ-сылаас көрсүһүүнү «Отуу уота” литературнай түмсүү бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта,  СР Суруйааччыларын союһун чилиэнэ Прасковья Дмитриевна Байанаева тупсаҕайдык тутан, толорон биэрэн ыытта. 

       Бу курдук норуот поэта бэйэтин тус бөлөһүөктүү санаатын, кэпсээнин, хорутуулаах үлэлэри оҥорорун, айарын-тутарын сөҕө-махтайа иһиттибит.

      Наталья Ивановна Харлампьева «Киһи санаа кулута» диэн өс хоһоонун бэрт сатабыллаахтык тойоннуур.  «Санаа баар — модун күүс! Санааҥ кыайар буоллаҕына, туох да мэһэйдиир кыаҕа суох. Санаатын кыайан салайар киһи – кыахтаах киһи» — диэн сэргэх сэһэргэһиибитин түмүктээн, хаартыскаҕа үйэтитэн, бэлэх кинигэ тутан норуот поэтыттан илии баттааһыннаах суруттаран сылаас мичээрдээх, ис куппут толору байан дьиэҕэ тарҕастыбыт.

 

                                                                       Наталья Павлова

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять