Кэлиҥҥи сылларга информационнай технологиялар өтөн киирэннэр, олохпут тосту- туора уларыйда, сайдыы көрүҥэ дииргэ эрэ тиийэбит. Ол гынан баран урукку сайдыыны, саамай улахан суолталаах – үөрэҕи, билиини, өйү, киһини сайыннарар ньыма буолар өттүн, ити саҥа технологияҕа күлүктэтэн, наадыйбат да буоллубут. Хомойуох иһин, төрөппүттэр бассааптан, компьютертан арахсыбат буоллулар. Кинигэ аахпакка, ирэ-хоро кэпсэппэккэ — оҕо тэлэбиисэргэ, түлүпүөҥҥэ хам хатанан күнү барыыр буолла. Дьиэ кэргэни сомоҕолуур оонньуулар умнууга бардылар. Ону сөргүтэн, биир дойдулаахпыт Ильина Любовь Семеновна дьиэ кэргэнэ остуол оонньуутун «Моя Якутия» географическай лото оҥорбуттар. Ол лотоларынан, «Кэскил» оҕо хаһыатын кытта түмсэн «Мин дойдум — Сахам сирэ» оскуола оҕолоругар республикаҕа күрэх тэрийбиттэр. Намҥа, Чурапчыга,Тааттаҕа, Хаҥаласка, Горнайга ыытар былааннаахтар.
Онньуу Саха сирин географическай балаһыанньатын үөрэтиигэ, кыраныыссатын, айылҕаттан хостонор сирин баайын, айылҕа кэрэ-бэлиэ сирдэрин,терминнэргэ билиини хаҥатар, чиҥэтэр сыаллаах оҥоһуллубут. Дьиэ кэргэҥҥэ оонньуурга эмиэ табыгастаах. Онньуу 6 хонуулаах, 120 боппуруостаах, биир хонуу 12 эппиэттээх, кытаанах кумааҕыннан оҥоһуллубут, өҥнөөх хаартыскаларынан, уруһуйдарынан киэргэтиллибит, хомуллан хоруопкаҕа угуллар. Оонньуу рецензеннэрэ: Михайлова Т.В, Россия географическай түмсүүтүн Саха сиринээҕи салаатын чилиэнэ, Дьокуускай куорат национальнай гимназиятын учуутала, Гоголева П. А, ХИФУ экология кафедратын чинчийээччи-профессора, Оконешникова Н. В, ХИФУ доцена, педагогическай наука хандьыдаата, Коротова В. И Дьокуускай куорат 17№ оскуолатын учуутала.
Күрэх биһиги уулууспутугар кулун тутар 11 кунугэр Нам улуустааҕы библиотекатыгар буолан ааста. 1 № НОО, 2№ НОО, НУГ, ХСФАО, Хатырык ОО, Көбөкөн ОО, Модут ОАО, 2-Хомустаах ОО, Таастах ОО, Салбаҥ ОО, Бөтүҥ ОО 3 оҕолоох хамаандалара кытыннылар. Оонньуу түмүгүнэн Салбаҥ ОО (Дьяконова Диана, Суздалова Даяна, Пестерев Уйусхан) кыайыылаах та5ыста, 2 миэстэ – Көбөкөн ОО ( Горохов Вася, Потапов Ярик, Тютрин Чаҕыл), 3 миэстэ – (Тимофеев Алеша, Иванова Настя, Наумова Маша).
Попова К.К.