23.12.2024

Олоҥхо ыһыаҕын көрсө

Ахсынньы 5 күнүгэр И.Е.Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледжка  «ОЛОҢХО ЫҺЫАҔА: ТӨРҮТ ҮГЭСТЭРИ СӨРГҮТҮҮ, ХАРЫСТААҺЫН, ТАРҔАТЫЫ» Х Өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференция  ыытылынна. Бу улахан таһымнаах тэрээһиҥҥэ Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим специалистара актыыбынай кыттыыны ыллылар. Ааҕааччыны кытта үлэлиир отдел (сэбиэдиссэй Павлова Н.В.)  «2019 сыл – Олоҥхо ыһыаҕын түһүлгэтэ Эҥсиэли хочотугар” диэн киэҥ ис хоһоонноох кинигэ быыстапкатын туруорда. Художник Черноградскай В.П. оҥорбут паннота дьон-сэргэ биһирэбилин ылла.

9 хайысханан улэлээбит конференцияга биэс специалист дакылааттарынан кытыннылар. Ол курдук Кривошапкина Любовь Николаевна,  Оҕо библиотекатын библиографа  “Героический эпос Олонхо-детям: традиционные подходы и малые формы”, Потапова Александра Ивановна, Фрунзе библиотекатын сэбиэдиссэйэ “Норуот ырыаһыта, олонхоһута Буоратай”, Сивцева Марианна Семеновна, Таастаах библиотекатын сэбиэдиссэйэ «Таастаахтан төрүттээх Ийэ олонхоһут-Соловьев А.Е.», Местникова Татьяна Арыяновна, Хатырык библиотекатын библиотекара “В.Н.Бочоох. Олонхоһут Бочоох бииргэ төрөөбүттэрин, чугас дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар…», Сивцева Лариса Петровна, 1Хомустаах  библиотекатын библиотекара “Олонхо дойдутун устун айан. Оҕолорго олонхо сүрүн ис хоһоонун билиһиннэрии” диэн олонхоҕо анаммыт үлэлэрин билиһиннэрдилэр.

Кэлэр 2019 сылга Олоҥхо ыһыаҕын көрсө Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим коллектива анал программанан олонхону үөрэтиигэ, чинчийиигэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ, чуолаан  оҕолорго саха норуотун культуратын, үгэстэрин тарҕатыыга үгүс өрүттээх үлэни ыытарга былаанныыр.

 

Гоголева Р.А., методист

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять