22.12.2024

Поэт Е.С.Сивцев-Таллан Бүрэ үбүлүөйдээх дьоро күнэ

Тохсунньу 25 күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр М.К.Аммосов аатынан культура уонна духуобунай сайдыы  Дыбарыаһыгар Саха биллиилээх поэта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах “Норуотум иһин, дойдум иһин олохпун хардата суох аныам” үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста.

Дьоро күҥҥэ ыалдьыттары “Нам кылыһах” этно-фольклорнай бөлөх (салайааччы Мария Григорьева-Маайа) тыыннаах сахалыы доҕуһуолунан көрүстэ. Н.М.Рыкунов аатынан Нам киин библиотеката Таллан Бүрэ олоҕун, айар үлэтин сырдатар “Таллан тыла үйэлэргэ иһилиннин” диэн киэҥ ис хоһоонноох кинигэ быыстапкатын тэрийдэ.

Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар «Нам улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччы Юрий Вячеславович Дьяконов, Нам улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Иванович Винокуров, Саха народнай суруйааччылара  Николай Алексеевич Лугинов, Павел Николаевич Харитонов-Ойуку, Саха Сирин суруйааччыларын Сойууһун бырабылыанньатын бэрэсэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас редактора, поэт, публицист Гаврил Гаврильевич Андросов, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, «Нам» түмсүү салайааччыта Гаврил Гаврильевич Местников, ССРС Ис дьыала5а министерствотын туйгуна, Бөтүҥ нэһилиэгин Ытык киһитэ, Үлэ ветерана Егор Егорович Лукин, Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ уолаттара:  буойун-интернационалист, Вьетнам сэриитин кыттыылааҕа Тит Ефремович Сивцев, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Нам улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Россия суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Российскай Федерация суруналыыстарын союһун чилиэнэ Степан Ефремович Сивцев-Хамалҕа. Үөрүүлээх күҥҥэ улууспут общественноһа, үөрэх, культура эйгэтин үлэһиттэрэ, оскуола үөрэнээччилэрэ саалаҕа толору муһуннулар.

Тэрээһин режиссер Иван Новиков туруоруутугар Намнааҕы народнай театр артыыстара уонна Бөтүҥ орто оскуолатын «Хотойук» литературнай куруһуок оҕолоро (сал.Протопопова Т.Р.) кыттыылаах литературнай дьүһүйүүттэн саҕаланна.

Ыҥырыылаах ыалдьыттар, уолаттара Тит Степанович уонна Ефрем Степанович Сивцевтар, Российскай Федерация үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Е.С.Сивцев-Таллан Бүрэ аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала  Матрена Михайловна Осипова поэт Таллан Бүрэ олоҕун, айар үлэтин кэлбит дьоҥҥо киэҥ ис хоһоонноохтук сырдаттылар.  Тэрээһин үөрүүлээх чааһынан үгэскэ кубулуйбут бастыҥ үөрэхтээх, көхтөөх оҕоҕо стипендия туттарыыта буолла. Стипендияны Таллан Бүрэ оҕолоро, сиэннэрэ Бөтүҥ орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитигэр, үгүс республиканскай, улуустааҕы ырыа күрэхтэрин кыайыылааҕа, “Хотойук” литературнай түмсүү чилиэнэ Дьулурҕан Харитоновка үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.

 

Бу күн поэт хоһоонноругар айыллыбыт ырыалар ылланнылар. Ол курдук, «Өлүөнэҕэ», «Түүҥҥү сибэкки» Саха Республикатын норуодунай артыыһа Александр Емельянов, «Мааппа ырыата” — Изольда Федотова, “Кэллим кэпсээри” Мария Харитонова-Елисеева – Сыдьаайа Хотун толордулар. Биэчэри ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр: Саха Республикатын норуодунай артыыската Анегина Дьяконова, Дьулурҕан Харитонов уонна “Ай-Ыллаа”, “Дархан” вокальнай ансаамбыллар (сал.Винокурова И.С.).

Өссө даҕаны уран тыл оһуорун симээбит, Ийэ тыл илбиһин иҥэрбит, өлбөөдүйбэт өркөн өй, айар айылгы айыы сиэнэ, бөлүһүөк, Саха биллиилээх поэта, ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ үбүлүөйдээх сылыгар Наммыт улууһугар сыл устата киэҥ хабааннаах үтүө тэрээһиннэр ыытылла, сырдык аатын үйэтитэр үлэлэр бара туруохтара диэн эрэнэбит.

Валентина Колесова, Бөтүҥ модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять