22.11.2024

Поэт, суруналыыс Николай Рыкунов төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах тэрээһин…

Сэтинньи 23 күнүгэр биллиилээх суруналыыс, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, поэт, өр сылларга “Ленин суола”, “Эҥсиэли”  хаһыаттарга кылаабынай редакторынан үлэлээбит, Нам улууһун айар талааннаахтарын, «Отуу уота” литературнай түмсүүлэрин төрүттээбит, салайбыт Николай Михайлович Рыкунов  төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах  куйаар ситимигэр  сэргэх, истиҥ көрсүһүү буолан ааста.

Тэрээһини сылаас тыыннаан, ситимнээн СР суруйааччыларын сойууһун уонна «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэнэ Прасковья  Байанаева ыытта.

Поэт Николай Рыкунов туһунан  аймах-билэ дьоно,  «биир үлэлээхтэрэ, биир өлүүлээхтэрэ – хатан ох тыллаахтара-хаһыатчыт поэттара», айар абылаҥҥа  ылларбыт  үтүө-мааны доҕотторо-атастара санаан-ахтан аастылар.

        Кыттыыны ыллылар «Нам улууһа” МТ баһылыгын солбуйааччыта Петр Васильевич  Абрамов, Н.М.Рыкунов  кыыһа СР үөрэҕириитин туйгуна Майя Николаевна Рыкунова, биллиилээх общественнай деятель, Саха Республикатын Духуобунаска академиятын вице-президенэ, академик, Россия суруйааччыларын Правлениятын хос председатэлэ уонна сэкирээтирэ, Саха Республикатын искусствотын  үтүөлээх деятелэ, Нам, Кэбээйи улуустарын  Бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын норуодунай суруйааччыта  Николай Алексеевич Лугинов, Россия суруналыыстарын, суруйааччыларын Сойуустарын чилиэнэ, поэт, литературнай кириитик, тылбаасчыт, редактор, хомуйан оҥорооччу, кыраайы үөрэтээччи, прозаик, Таатта, Нам улуустарын, Алдан нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, Николай Рыкунов аатынан бириэмийэ лауреата  Николай Егорович Винокуров-Урсун, редакцияҕа бииргэ улэлээбит үөлээннээҕэ, «Эҥсиэли» хаһыат редакторын солбуйааччыта, СР бэчээтин туйгуна, Нам улууһун Бочуоттаах гражданина  Владислав Гаврильевич Касьянов,  «Отуу уота» литературнай түмсүүнү бэрт кыахтаахтык, өр сылларга салайан кэлбит Александр Григорьевич Дунаев, «Отуу уота» литературнай түмсүүгэ бу күннэргэ саҥа бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт А.М. Татаринов-Удьурҕай уонна «Отуу уота» чилиэннэрэ.  

Тэрээһин   «Даадар» түөлбэтигэр турар Н.Рыкунов «Дьахталларга» диэн хоһоонугар анаммыт сквериттэн Нам нэһилиэгин олохтоохторо, “Эҥсиэли” хаһыат редакцияттан корреспондент Семен Аргунов быһаччы сибээскэ холбонон тахсан сибэкки дьөрбөтө уурдулар. Дьэ, онтон салгыы поэт олоҕун, айар үлэтин кэпсиир видеоролик, Н. Рыкунов аат. киин библиотека поэкка анаммыт үйэтитии үлэтин кэпсээн көрдөрдүлэр. 

Бу сэргэх-истиҥ көрсүһүүнү И. Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы  орто  оскуолатын «Чаҕылыс» бөлөх ааҕыыта «Сүрэҕим ийэ сирбиниин» ( сал. Васильева Анна Ефимовна) олус диэн киэргэттилэр.

Хайа да поэт айымньыта, хоһооно ырыа буолан көттөҕүнэ, ол поэт үйэтэ өссө икки бүк улаатар диэн этэллэр. Николай Рыкунов хоһоонноругар Иван Бубякин-Чөҥөчөк, Александр Дунаев, Алексей Егоров о.д.а.  матыып түһэрэннэр  ырыа буолан көтүппүттэрэ. Ол курдук норуокка киэҥник биллибит «Эн эрэ…» диэн хоһоонугар Алексей, Екатерина Егоровтар бэртээхэй матыып айаннар,  ыллааннар дьон уоһуттан түһэрбэттэр. “Эн эрэ…” ырыаны Саргылана Пономарева толоруутугар истэммит сүргэбит көтөҕүлүннэ.

Түмүккэ улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигин директора Майя Романовна Софронова Николай Рыкуновка анаммыт биобилиографическай ыйынньыгы суруйааччы кыыһыгар М.Н. Рыкуноваҕа туттарда. Ыйынньыгы бэлэмнээн таһаарда  кылаабынай библиограф А.С. Колпашникова. Бу кэннэ сыл устата Николай Рыкунов төрөөбүтэ 85 сылыгар анаммыт, ыытыллыбыт үлэлэри кэпсээн сырдатта уонна республиканскай литературнай «Николай Рыкуновы ааҕабыт» акция түмүгүн үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кыайыылаахтары бэлиэтээһин буолла.

Акция сэтинньи 10-23 күннэригэр ыытыллан,  барыта  71 үлэ киирдэ,6 улуустан, Дьокуускай, Мирнэй  куораттарыттан. Кыттыыны ылбыт дьоммутугар махтал-истиҥ тылын тиэрдэбит уонна кыайыылаахтарбытын өссө төгүл истиҥник эҕэрдэлиибит:

  • ВИДЕООТЗЫВ – Николай Рыкунов айымньыларын туһунан тус санааларын этэргэ кыайыылааҕынан Петрова Екатерина Спартаковна Нам улууһа, Хатырык нэһилиэгэ таҕыста.
  • ВИДЕОААҔЫЫ — улахан дьоҥҥо кыайыылааҕынан Руфова Елена Игнатьевна, Нам улууһа,  I Хомустаах нэһилиэгэ, оҕолорго кыайыылааҕынан Буйко Аркадий,  Мирнэй куорат, биһирэбил – Петрова Виктория, Үөһээ Бүлүү, Туобуйа нэһилиэгэ.
  • ФОТОПРОЕКТ — Винокурова Мария Григорьевна, Нам улууһа, Хамаҕатта нэһилиэгэ.
  • «BookLook»- Соловьева Варвара Николаевна, Кэбээйи улууһа, Чагда нэһилиэгэ.
  • Н.М.Рыкунов аатынан библиотека анал бирииһэ Нам орто оскуолатын 7 г кылааһыгар ананна.

 

Сылаас көрсүһүүнү Нам улууһун нэһилиэктэрин баһылыктара аахпыт  Н.Рыкунов «Ийэ кытылбар хоһоон» айымньытынан түмүктээтибит.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять