22.12.2024

Поэзия чааһа

 

Муус устар 17 күнүгэр Бөтүҥ модельнай библиотекатын ааҕар саалатыгар Е.С.Сивцев – Таллан Бүрэ аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччилэригэр (кылаас салайааччыта Черепова Н.В.)  саха народнай поэта Петр Николаевич Тобуруокап 100 сааһын көрсө «Хоһоон хонуулардаах, ырыа ыллыктардаах..» диэн Поэзия чааһа буолан ааста.  Поэзия чааһын саҕаланыытыгар олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ Колесова В.С оҕолору поэт олоҕун, айар улэтин кытта билиһиннэрдэ, оҕолорго аналлаах кинигэлэрин ырытыытын онордо. Ол  кэнниттэн үөрэнээччилэр поэт хоһооннорун уустаан ураннаан ааҕан иһитиннэрдилэр уонна хоһооннорун тематын арыйар уруһуйдарын көрдөрөн кэпсээтилэр. Тэрээһин түмүгэр оҕолор  викторина боппуруостарын таайыыга көхтөөхтүк кытыннылар.

Колесова В.С., библиотека сэбиэдиссэйэ

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять