22.12.2024

Поэзия истиҥ киэһэтэ

Сэтинньи 26 күнүгэр И.С.Охлопков аатынан култуура дьиэтигэр Лукинова Екатерина Афанасьевна-Сэргээнэ көҕүлээһининэн поэзия биэчэрэ буолан ааста. Бу доҕордуу көрсүһүүгэ Дьокуускай куораттан Г.Г.Басылайканова – Кэнтик кыыһа салайааччылаах  “Кырсаада”  айар түмсүү кэрэ аҥардара кэлэн ыалдьыттаатылар.  “Кырсаадалар”  Модут нэһилиэгин айар дьоҕурдаахтарын «Санаа оһуора” түмсүү  чилиэннэрин кытта итии чээйдээх сандалы тула олорон ирэ-хоро кэпсэттилэр, санаа үллэһиннилэр уонна инники үлэни былааннаатылар. Тэрээһин саҕаланыытыгар «Кырсаада» уонна «Санаа оһуора»  түмсүүлэр салайааччылара киирии тыл эттилэр, түмсүү чилиэннэрин кытта билиһиннэрдилэр, тугу үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьалларын кэпсээтилэр. Владислав Ядреев-Бэйэ киһитэ кэлбит дьону уруйдаан – айхаллаан бэйэтин матыыбыгар, Екатерина Лукинова тылыгар ырыа ыллаан дьиэрэһиттэ. «Кырсаада» түмсүү бэйэлэрин хоһооннорун аахтылар,  Иван Мигалкиҥҥа анаммыт литературнай дьүһүйүү көрдөрдүлэр. «Санаа оһуора” түмсүү  чилиэннэрэ Сыроватская А.С., Попов Н.П – Тэккэ Ньукулай, Протопопова О.П., Москвитина Т.Н. бэйэлэрин айымньыларын билиһиннэрдилэр, киэҥ эйгэҕэ таһаардылар.

Кэлбит ыалдьыттар олохтоох модельнай бибиотекаҕа бэйэлэрин кинигэлэрин бэлэх ууннулар.

Биэчэр наһаа истиҥ доҕордуу тыыннаах ааста, поэзия уран тыллара кынат буолан көттүлэр. Тупсууна, Ферапонтова Е.В.-Сырдыкчаана, Ядреев В.Г-Бэйэ киһитэ ырыалара, Львова Р.Е-Дөлүһүөн чабырҕаҕа бу биэчэри ситэрэн-хоторон, киэргэтэн биэрдилэр.

Сардана Сивцева

Модут модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять