22.11.2024

С.А. Новгородов аатынан “Бичик” национальнай кинигэ кыһатын күнэ Нам улууһугар

Олунньу ый 26 күнүгэр ыалдьытымсах Энсиэли хочотугар, биьиги республикабыт  сахалыы кинигэни таһаарар,  бары киэн туттар  С.А. Новгородов аатынан “Бичик” национальнай кинигэ кыһатын күнэ  олохтоохтор болҕомтолорун тардан, таһаарыылаахтык  буолан ааста. Кинигэ таһаарыытын дьыалата олус эппиэтинэстээх, уустук, буолаары буолан билиҥҥи кэмҥэ уонна биһиги курдук аҕыйах ахсааннаах норуоттарга. Кинигэ суолтатын туһунан биир этиинэн этэр эбит буоллахха, кинигэ иитэр-үөрэтэр, сайыннарар, элбэҕи биллэрэр, иҥэрэр эрэ буолбакка, бу үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ хаалар туох баар өй-санаа. духуобунай баай материальнай көстүүтэ буолар.

 “Бичиктэр” улууспут хас да нэһилиэгэр – Түбэҕэ, Модутка, Үөдэйгэ, I Хомустаахха, Намҥа сылдьан ааҕааччыларын кытта көрүстүлэр. Бу истиҥ көрсүһүүлэргэ кыттыыны ыллылар, дуоһуйа истинник кэпсэттилэр: Егоров Август Васильевич – С.А. Новгородов аатынан “Бичик” национальнай кинигэ кыһатын генеральнай директора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ, Луковцев Валерий Николаевич — С.А. Новгородов аатынан “Бичик” национальнай кинигэ кыһатын сүрүн редактора, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын Үтүөлээх үлэһитэ, Макеева Марина Гаврильевна — С.А. Новгородов аатынан “Бичик” национальнай кинигэ кыһатын үөрэх уонна оҕо литературатын салаатын сэбиэдиссэйэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин Үтүөлээх үлэһитэ, Габышева Сардаана Петровна – коммерческай директор, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин туйгуна, Филиппова Акулина Петровна – сүрүн редакторы солбуйааччы, закаһы кытта үлэлэһэр салаа сэбиэдиссэйэ, Мигалкин Иван Васильевич — Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай поэта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун председателэ, Андросов Иван Афанасьевич – Айанньыт – суруйааччы, прозаик, Россия суруналыыстарын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Иванова Мария Альбертовна, Санникова Лена Александровна — С.А. Новгородов аатынан “Бичик” национальнай кинигэ кыһатын менеджердара.

Бу күн нэһилиэнньэ “Бичик” национальнай кинигэ кыһата таһаартаабыт сахалыы кинигэ атыы-быыстапкатыттан сөбүлээбит өр кэтэспит кинигэлэрин атыылаһан үөрүүлэрэ үксээтэ.

         Н.М. Рыкунов аатынан улуустааҕы библиотекаҕа Саха өрөспүүбүлүкэтин «Саха Өрөспүүбүлүкэтин тылын туһунан» сокуону олоххо киллэрэр,  саха тылын,  литературатын уонна төрүт култууратын сайыннарар сыаллаах икки өрүттээх бииргэ үлэлииргэ сөбүлэҥ баттаһыыта буолла.  Нам улууһа муниципальнай тэриллии баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов уонна С.А. Новгородов аатынан “Бичик” национальнай кинигэ кыһатын генеральнай директорын Август Васильевич Егоровтыын үөрүүлээх быһыыга-майгыга сөбүлэҥ баттастылар.

Ыалдьыттарбыт — “Бичик” национальнай кинигэ кыһатын салалтата сыл Бастыҥ ааҕааччыларыгар Туоһу сурук уонна сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Ол курдук,  Үөдэй нэһилиэгиттэн: “Бастыҥ ааҕааччы” – Павлова Людмила Михайловна, “Бастыҥ оҕо ааҕааччы” — Протопопова Алина, Үөдэй орто оскуолатын   6 кылааһын  үөрэнээччитэ, “Бастыҥ ааҕар дьиэ-кэргэн”  – Дария Степановна, Дмитрий Степанович Дмитриевтар.  1Хомустаах нэһилиэгиттэн — “Бастыҥ ааҕааччы” Николаев Филипп Иванович, “Бастыҥ оҕо ааҕааччы” – Николаева Анжелина , 1Хомустаах орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ, “Бастыҥ ааҕар дьиэ-кэргэн”  — Варвара Касьяновна, Федор Иванович Новгородовтар. Түбэ нэһилиэгиттэн — “Бастыҥ ааҕааччы” – Павлов Николай Петрович, “Бастыҥ оҕо ааҕааччы” – Попов Власий, Түбэ орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ, “Бастыҥ ааҕар дьиэ-кэргэн”  — Амана Павловна,  Анлрей Герасимович Дьяконовтар. Модут нэһилиэгиттэн — “Бастыҥ ааҕааччы” Новгородова Анастасия Иннокентьевна, “Бастыҥ оҕо ааҕааччы” – Быканова Анжелика, Модут орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, “Бастыҥ ааҕар дьиэ-кэргэн”  — Альбина Алексеевна, Алексей Петрович Шадриннар. Нам нэһилиэгиттэн — “Бастыҥ ааҕааччы”  Гаврильева Анастасия Егоровна, “Бастыҥ оҕо ааҕааччы” – Попова Камилла, 2 №-дээх Нам орто оскуолатын 5 “а” кылааһын үөрэнээччитэ, “Бастыҥ ааҕар дьиэ-кэргэн”  — Уйгун, Санаайа, Алевтина Филипповна, Евгений Николаевич Дьячковскайдар.

Дьэ, бу курдук,  истиҥ ис хоһоонноохтук, киэҥ хабааннаахтык “Бичик” национальнай кинигэ кыһатын күннэрэ Наммыт улууһугар аастылар. Инникитин даҕаны үүнэ-сайда туруохтун Сахабыт сирин биир бастыҥ кинигэ кыһата бары киэн туттар “Бичиктэрбит”!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять