22.12.2024

Саҥа саҕахтары саҕар, умсулҕаннаах тэрээһин.

Киһи барахсан айылҕаны кытта сүрэҕинэн силбэһэр эҥин дьикти кэрэлэрдээх кэмигэр, ыаллыы сытар Маймаҕа нэһилиэгин сиригэр, хотун Лена биэрэгэр балаҕан ыйын 12 — 13 күннэригэр култуура эйгэтигэр биир идэлээхтэр икки ардыларыгар, Хатырык «Сайдам»сынньалаҥ киин (сал. Ефремова Е.В.) көҕүлээһининэн улуустааҕы духовно- творческай»FREEDOM end CREATIVITY» диэн, култуура үлэһиттэрэ

биир сомо5о буолар, профессиональнай таһымнарын үрдэтэр, айар- тутар дьоҕурдарын, айылгыларын уһугуннарар сыаллаах – соруктаах,  инновационнай бырайыактары көрүү күрэҕэ буолан ааста.

Манна 5 хамаанда курэхтэһэн,опыт уллэстэн, семинарга кыттан саҥаны билэн-көрөн, аар айылҕалыын алтыһан барда.
Кэлбит хамаандалар икки кун устата араас түһүлгэлэргэ бэт умсугутуулаахтык улэлээтилэр: “Режиссерскай”,”Сценарнай”,”Оформительскай”,”Хоьоон  хоьуйуу”. Балары таһынан, тимбилдинг буолла(тэрилтэ үлэһиттэрэ түмсүүлээх буолалларыгар туһуламмыт тэрээһин тиэриминэ). Манна хас биирдии хамаанда эрдэ бэлэмнээн аҕалбыт оонньууларын оонньоттулар.

Бастакы күн күрэҕи үөрүүлээхтик арыйдылар, сахалыы сиэринэн кэлбит дьону буруонан ыраастаатылар, саха хомоҕой хомуһун тыаһынан алҕаатылар. Араас ырыа күрэхтэрин кыайыылаахтара Хатырык нэһилиэгин “Махсыым ыччаттара” эр дьонун ансаамбыла ылбаҕай ырыанан эҕэрдэлээтэ, РДНТиСКТ ,,Арктика,,   , улуустааҕы култуура бырабылыанньатын салайааччыта Е.А.Заровняева, күрэ5и тэрийээччи Хатырыктаа5ы “Сайдам”СК сал. Е.В.Ефремова кыттааччыларга тахсыылаах, кыайыылаах улэ күннэрин, ылсыбыттарын ыһыктыбат күүстээх санааны баҕардылар.  Онтон салгыы, хамаандалар хапытааннара тэрийээччилэртэн жеребъевка түмүгүнэн кыттар ньүөмэрдэрин, үлэлэьэр тиэмэлэрин ыллылар:Салбаҥ — ,,Кыайыы күнүн тэрийии”, Хатын- Арыы ,,Оҕо бырааһынньыгын тэрийии”, 1 Хомустаах ,,Дьиэ- кэргэн күнэ”, А.Ф. Шестаков аат.НАДь ,,Ийэ күнэ”, Улуустааҕы кииннэммит библиотечнай ситим ,,Саҥа дьыл” .

Бу күн РДНТиСКТ анал лекциятын кэннэ, күнүс 15:00 ч.түһүлгэлэр үлэлэрин саҕалаатылар. Түһүлгэлэргэ бөҕө үөстээх маастардар, идэтийбит үлэһиттэр кэлэн көх-нэм буолан маастар кылаас биэрбиттэрэ бааттаах- байанайдаах, үтүктэргэ- үөрэнэргэ үтүө холобур буолла. Холобур, оформительскай түһулгэ сорудаҕа: бэриллибит ДВП матырыйаалынан тиэмэҕэр сөп түбэһэр фотозона оноруу, ол курдук хамаанда кыттааччыта сорудаҕы толоруон инньинэ туппутун туругурдар, талба талааннаах Хатырык оскуолатын начаалынай кылааһын учуутала М.В.Степанова кэпсээнин истэн, маьынан быьыллыбыт үлэлэрин көрөн, матырыйаалы талыы “сэкэриэттэрин,, билэн сорудаҕы бэлэмнээх са5алаата. Онтон “Хоһоон хоһуйуутун” түһүлгэтигэр; өтүүнү хатар курдук уус тыл абылаҥын, хоһоон суруйуу, тылы сааьылаан суруйуу, иэйии үөскүүр кистэлэҥин биллилэр.
Иккис күн хамаандалар түһүлгэлэринэн маҥнайгы күн бэриллибит сорудахтарын оҥорон,бырайыактарын ситэрэн-хоторон сыаналыыр субэ инньигэр көмүскээтилэр.
Уопсай сыанабыл түмүгүнэн:
1 м. — 1Хомустаах. «Алгыс» норуот айымньытын киинэ
2 м. — Хатын –Арыы. «Чороон» сынньалаҥ киинэ
3 м. — Улуустааҕы кииннэммит библиотечнай ситим хамаандата буоллулар.

Бастакы миэстэҕэ култуура бырабалыанньата (нач. Заровняева Е.)30тр, иккис миэстэҕэ улуустааҕы биир идэлээхтэр сойуустара(бэрэс. Горохова Р.Н. аатыттан солбуйааччы Трофимова А.А. )20тр, уьускэ- Хатырыктааҕы Сайдам СК (сал Ефремова Е.В.)10тр сууммалаах сертефикаттарын туттараннар, кыайыылаах хамаандаларга оҥорбут бырайыактарын олоххо киллэрэллэригэр кыах бэрдилэр.

Маны таьынан, биирдиилээн түһүлгэлэринэн анал бириистэр туттарылыннылар, ол курдук сценарий туьулгэтигэр.А.Ф.Шестаков аатынан норуот айымньытын дьиэтин хамаандатыгар Ийэ күнүгэр аналлаах интеллектуальнай — музыкальнай программатын иһин Олоҥхо фондатыттан (Сал.Бочкарев А.В.), Режиссура түһүлгэтигэр Хатыҥ -Арыы «Чороон СК ,РДНТиСКТ (сал. Семенов С.С.  ), Оформительскай түһүлгэҕэ. Салбан нэьилиэгин «Эйгэ» СК Хатырык нэьилиэгин «Сайдам» сынньылыҥ кииниттэн,Тимбилдинг – 1 Хомустаах нэьилиэгин»Алгыс» НАК Хатырык нэьилиэгэ МТ (баьылык Ю.В.Дьяконов).
Маннык тэрээһиннэ  Хоьоон хоьуйуу туьулгэтэ үлэлээбитэ бэйэтэ эмиэ туспа суоллаах- иистээх сана сүүрээн. Сыаналыыр сүбэҕэ, улууспутугар биллэр, дьон- сэргэ убаастыыр дьоно, хоһоону сырдык сулус оҥостубут, хомоҕой тыллаах, айар- тутар  дьоҕурдаах —  СР суруйааччыларын союьун чилиэнэ, Нам педогагическай колледжын уьуйааччыта П.Д.Байанаева,»Отуу уота»хоһоонньуттар,»Туллук хаара»мелодистар түмсүүлэрин чилиэнэ З.В.Нератова-Тупсууна,РФ үөрэҕириитин туйгуна, «Отуу уота»түмсүү чилиэнэ А.М.Татаринов –Удьурҕай үлэлээбиттэрэ бэт сайдам – сайаҕас, истиҥ, иһирэх буолла. Бастакы уонна иккис күннэр түмүктэринэн, l м.Петрова Наталья Васильевна (Нам. А.Ф.Шестаков аат.НАДь), 2 м.Михайлова Татьяна Васильевна ( Нам,Намнааҕы Н.Рыкунов аатынан КБС), 3 м.Тумусова Сардаана Петровна ( Хомустаах 1 «Алгыс» НАК) таҕыстылар, кыайыылаахтар Улуустааҕы кииннэммит библиотечнай ситим анал аат дьаралык суруктарынан, бэлэхтэринэн наҕараадаланнылар, онтон сыаналыыр сүбэ биһирэбил бирииһэ Винокурова Марианна Николаевнаҕа( Хатын-Арыы «Чороон,»СК) тигистэ.

Култуура эйгэтин бары хайысхаларын, үлэһиттэрин түмэр, үлэҕэ саҥа тыын, кыах биэрэр сыаллаах умсугутуулаах тэрээһин бэт көхтөөхтүк, таьаарыылаахтык, үтүө түмүктэрдээх ааста. Бэртээхэй тэрээһиннэ кыттыбыттар саҥаны саҕан, күһүҥҥү айылҕа алыбын эттэригэр – хааннарыгар иҥэринэн саҥа үлэ сылыгар, туруоруммуттарын туруорсар, саҕалаабыттарын салайар, үлэни- хамнаһы үлүмнэтэр гына чиҥник- эрдээхтик хардыылаатылар.

 

Т.А.Местникова

М.А.Охлопкова аат.Хатырыктаа5ы модельнай библиотека улэьитэ

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять