22.12.2024

Саха Республикатыгар Сомоҕолоһуу сылынан уонна XIII республиканскай Олоҥхо ыһыаҕын көрсө  «Нам улууһа олоҥхону ааҕар»  диэн

күргүөмнээхтик  ааҕыы акция балаһыанньата

 

Тэрийээччилэр    Н.М.Рыкунов аатынан Намнааҕы киин библиотека

Ыытыллар кэмэ:  муус устар 15 ыам ыйын 15 күннэрэ 2019 с.

Акция сыала-соруга:

  • Төрөөбүт түөлбэнэн, биллэр-көстөр биир дойдулаахтарбытынан киэн туттуу, үйэтитии;
  • Түөлбэ олоҥхоһуттарын  айымньыларын  ааҕан-иһитиннэрэн киэҥ эйгэҕэ таһаарыы;
  • Саха норуотун үтүө үгэһигэр иитии-үөрэтии, ытыктабылы иҥэрии;
  • Олоҥхо суолтатын үрдэтии;
  • Олоҥхо абылыыр эйгэтин үөрэтии-билии, киһиэхэ дьайар күүһүн итэҕэтии;
  • Ааҕыы көмөтүнэн тулалыыр эйгэни, дьону-сэргэни кытта алтыһарга уонна ис санаа  иэйиитин саҥаран-иҥэрэн атын киһиэхэ тиэрдии;

Акцияҕа кыттыы усулуобуйата:

  1. Биир дойдулаахтарбыт олоҥхолоруттан сөбүлээбит айымньыгытын  тиэкистэн эбэтэр кинигэттэн көрөн туран күргүөмнээхтик, дорҕоонноохтук ааҕан видеоҕа устан Намнааҕы киин библиотека электроннай аадырыһыгар болдьоммут кэмҥэ ыытаҕыт namlib@mail.ru. Видео бириэмэтэ 3-5 мүн уһаабат.
  2. Акцияҕа сааһыттан тутулуга суох ким баҕалаах биирдиилээн эбэтэр бөлөҕүнэн кыттыахха сөп.
  3. Кыттааччылар таҥастара, олоҥхону ааҕыылара, туруоруулара көҥүл.

 

Акцияҕа ыытыллыбыт үлэлэр библиотека инстаграм страницатыгар biblio_nam тахсыахтара уонна «Нам улууһа олоҥхону ааҕар»  диэн электроннай дискаҕа түмүллэн киириэхтэрэ.  Хас биирдии кыттааччыга Олоҥхо ыһыаҕын Дирекциятын анал туоһу суруктара туттарыллыахтара.

  Күндү биир дойдулаахтарбыт!  Нам улууһугар Олоҥхо сылынан сибээстээн акцияҕа көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырабыт!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять