26.12.2024

Саха тылын угуйар кистэлэҥин сэгэтэн…

Үс саха үөскүүр үөрүүтэ буолбут,

Түөрт саха төрүүр төлкөтө олорбут

Урааҥхай буолан

Уһаан-тэнийэн барар

Уураахпыт ууруллубут эбит,

Киһи буолан кэҥээн барар

Кэскилбит кичэллибит эбит

                                           Былатыан  Ойуунускай

Саха киһитэ сахалыы толкуйа, төрөөбүт төрүт тыла-өһө, суруга-бичигэ аныгы олох тэтимигэр оҕустаран симэлийэр кутталланна, диэн сахабын дэнэр эрэ барыта, бу күҥҥэ, тыын боппуруос оҥостор буолуохтаах. Сэтинньи ыйын 11 күнүгэр М.А.Охлопкова аатынан Хатырык модельнай библиотекатыгар саха киһитин уйулҕатын, тылын, суругун инники дьылҕатын туһугар сүрэҕинэн-быарынан ыалдьар СР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ поэт, прозаик, суруналыыс Акулина Михайловна Иванова-Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына ыалдьыттаата.

“Оҕо төрөөбүт тылынан майгыта олохсуйар, өйө тобуллар, айар дьоҕура сайдар” диэн бэргэн этиини табатык өйдөөн, ыччаттарбытын сөптөөхтүк иитэрбит биһиги сүрүн сорукпут буолар диэн санаанан салайтаран, суруйааччы, күн бастакы аҥарыгар, М.К.Аммосов аатынан орто оскуола алын, орто уонна улахан кылаас үөрэнээччилэриниин көрүстэ. Манна, оҕолорго анаан Хотойук Айгыына саха тылын сүмэтин, айылгытын иҥэрэр сыаллаах тэттик тургутуктары ыытта. Кэлбит оҕолордуун сайаҕастык кэпсэтэн, ылыннарыылаахтык сэһэргэһэн,  суруйуу, суруйааччы сүрүн өйдөбүллэрин бэт тиийимтиэтик быһаарда.

«Алгыстаах аартыктар арыллан…» диэн ааттаммыт литература киэҥ кэрэ эйгэтин арыйар дьоро күн иккис аҥарыгар нэһилиэк обществоннаһын, «Уйулҕа» литературнай түмсүү чилиэттэрин, нэһилиэнньэни кытары интириэһинэй көрсүһүү буолла. Мин, бу күн, кыттыылааҕа буолан олорон, суруйааччы Хотойук Айгыынаны-билиҥҥи кэм уоттаах тыллаах, философскай көрүүлээх суруйааччы буолар эбит, диэн санааҕа кэллим. Ол курдук, бу аһаҕас кэпсэтиигэ, ис сүрэхтэн тахсар тыллар сааһыланыыларын кистэлэҥин эрэ буолбакка, билигин тыҥаан кэлбит кэм-байыаннай дьайыы, ийэ күүһэ, патриотизм- тиэмэлэрэ киэҥник, арылхайдык ырытылыннылар. Күөх экраҥҥа көрдөрүллүбүт, суруйааччы күүстээх тыллардаах “Очуостар” хоһоонугар, “Кэм кэллэ” ыҥырыы цикл-хоһоонноругар уһуллубут, киһини толкуйдатар, уйулҕатын таарыйар клиптарга  поэт патриот буолара торумтуйан көһүннэ. Маны таһынан, ааптар 2017 с. тахсыбыт «Арыт түүлбэр, арыт сүрэхпэр» хоһооннорун хомуурунньугун, элбэх сэҥээриини ылбыт 2021с. «Айар» кинигэ кыһата бэчээттээн таһаарбыт «Тэпсиллибит сибэкки» автобиографическай кэпсээннэрин бастакы кинигэтин билиһиннэрдэ, саҥа айыллыбыт хоһооннорун аахта. Түмүккэ, кэлбит дьоннуун санаа атастаһан кэпсэтии төлкөтө төлөрүйдэ, сэһэргэһии саараҥ баһа сарбылынна.

Дьэ, ити курдук, Хатырык библиотекатыгар буолан ааспыт»Алгыстаах аартыктар арыллан…» диэн саха литературатын сайдам күнүгэр сааһыттан тутулуга суох кыттыбыт дьон кэпсэтиитэ ситимнэнэн, санаата сааһыланан, айар кут оҥкулугар быһаччы кыттан бэйэҕэ саҥаны иҥэринэн, сонуну сомсон, уйулҕаны таарыйтаран сахалыы толкуйбут чөллөрүйэн, өрөкүйэр өйбүт уһуктан һаҥа һаха тыына иҥэрилиннэ иниэ!.. Дом! Дом! Дом!

Татьяна Сивцева

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять