22.12.2024

«Саргылаах дойду» республиканскай хоһоон күрэҕин түмүгэ

Биллиилээх поэт, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сылын көрсө Хатыҥ-Арыы администрацията, Нам улууһун библиотекаларын тиһигэ, Хатыҥ-Арыы олохтоох бибилэтиэкэтэ кулун тутар ыйга өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саргылаах дойду» диэн хоһоон айар күрэҕин тэрийэн ыыттылар. Уопсайа күрэххэ 56 киһи кытынна, ол иһигэр 7 оскуола үөрэнээччитэ, 3 эдэр ыччат. Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Решетникова Мария Афанасьевна-Арылы Дуйдаах-поэтесса, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, СӨ культуратын туйгуна; Татаринов Алексей Михайлович-Удьурҕай– поэт, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Нам улууһун «Отуу уота» литературнай түмсүү салайааччыта; Гоголева Раиса Алексеевна – СӨ культуратын туйгуна, Нам улууһун библиотекаларын тиһигин информационнай-методическай салаатын сэбиэдиссэйэ; оҕолорго дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлэстэ Павлова Пелагея Дмитриевна – И.Е.Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ.

«Саргылаах дойду – Сахам сирэ» диэн хоһоонунан оҕолорго I үрдэли ылла Валерия Романова, И.Е.Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын 9б кылааһын үөрэнээччитэ. II үрдэли ылла Виола Егорова, М.В.Петрова аатынан Таастаах орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ. III үрдэлгэ тигистэ Ева Андреева, Ньурба улууҺун А.Ф.Алексеев аатынан Чуукаар орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ.

Ыччат дьоҥҥо «Чаҕылҕан туһунан санаалар» диэн хоһоонунан I үрдэли ылла Айгыына Бурнашева (Уус-Алдан, Кэптэни). II үрдэл — Татьяна Дашевская, (ОртоХалыма, Ойуурдаах). III үрдэл- Сардана Окоемова, (Дьокуускай куорат).

Улахан дьоҥҥо «Үрдүк айыылар ыра санаалара» диэн хоһоонунан I үрдэли ылла уонна кыайыылааҕынан ааттанна Винокуров Семен Петрович (ОртоХалыма улууһа, Налимскай). II үрдэли «Арыйбатах ааннарым» диэн хоһоонунан ылла Федорова Саргылана Семеновна – Саргылана Сайын (Хаҥалас улууһа, Күөрдэм). «Эһэм өтөҕө» диэн хоһоону суруйан III үрдэли ылла Никифоров Валерий Васильевич – Чигди, (Үөһээ Бүлүү улууһа, Дүллүкү).

Маны таһынан дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылын ыллылар: Макарова Людмила Петровна, (Нам улууһа, Хатын-Арыы), Мария Афанасьевна Кудрина (Орто Халыма улууһа, Хатыҥнаах), Кондаков Иван Иванович – Тимирхан (Бүлүү улууһа, Бөтүҥ), Винокурова Александра Гаврильевна – Чууйа (Орто Халыма улууһа, Налимскай), Протопопова Анна Семеновна (Горнай улууһа, Өрт), Местникова Александра Дмитриевна – Сандаара (Уус-Алдан улууһа), Азарова Надежда Егоровна – Алаас Илгэ (Нам улууһа, Таастаах).

Күрэх кыайыылаахтарыгар истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит, айар үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт! Кыттыбыт дьоммутугар махталбытын биллэрэбит, салгыы айа-тута сылдьыҥ диэн баҕа санаабытын этэбит!

Бука бары кыттааччыларга туоһу суруктары электроннай почтаҕа ыытыахпыт. Кыайыылаахтарга Добун суруктары уонна Хатыҥ-Арыы олохтоох дьаһалтата олохтообут бэлэх сертификаттарын тиксэриэхпит.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять