22.12.2024

Сырдык сыдьаайынан сандааран

  Ыам ыйын 17 күнүгэр,  Модут нэһилиэгэр намнар киэн туттар биир дойдулаахпыт, Модут нэһилиэгиттэн төрүттээх, CP культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СР бэчээтин туйгуна, Россия суруйааччыларын уонна суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, Эдуард Володин аатынан имперскэй култуура уонна Россия улахан литературнай бириэмийэтин 2-с ист. лауреата, суруйааччы, тылбаасчыт, суруналыыс Мария Егоровна Алексеева үтүө аатын үйэтитэр “Сырдык сыдьаайынан сандааран” истиҥ-иһирэх ахтыы киэһэтэ буолан ааста.

  2018 сыллаахха Мария Егоровна аатын үйэтитээри биир идэлээхтэрэ,  доҕотторо “Мария” диэн ааттаах кинигэ таһааран, 2019 сыллаахха Нам улууһун киин библиотекатыгар кинигэтин сүрэхтэниитин тэрийэн дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрбиттэрэ. Уонна, бу быйыл, кини төрөөбүт түөлбэтигэр Мария Егоровна олоҕун, үлэлээн ааспыт үлэтин билиһиннэрэ,  төлкөтө түспүт сириттэн төрүттэниэхтээх диэн санаанан салайтаран Модут нэһилиэгэр ахтыы киэһэтин ыытыахха диэн истиҥ көрсүһүү тэрилиннэ.

   Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар: “Нам улууһа» МТ баһылыга Юрий Слепцов; улуус баһылыгын солбуйааччы Петр Абрамов; Мария Алексеева Ил Түмэҥҥэ тылбаас салаатыгар, Россия, Саха суруйааччыларын сойууһугар, “Кэскил”, “Юность Севера”  хаһыаттарга бииргэ үлэлээбит дьоно;  норуот суруйааччыта Николай Лугинов; суруналыыс уонна суруйааччы Иван Ушницкай; суруйааччы Евдокия Иринцеева-Огдо; РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Александр Васильев-Көрдүгэн; суруйааччы, тылбаасчыт, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Нина Дьячковская уонна  Модут, Нам оскуолаларыгар бииргэ үөрэммиттэрэ, биир дойдулаахтара.

   Мария Егоровна 1957 сыллаахха Модут нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Москва куоракка Максим Горький аатын сүгэр литературнай институту бүтэрэн, олоҕун тухары үлэтин тылы, литератураны кытта сибээстээн үлэлээбитэ. Кини ыраах Аллайыаха улууһугар «Сайдыы суола» хаһыакка литературнай үлэтин саҕалаабыта. Онтон «Бэлэм буол», «Саха сирэ», «Советы Якутии» хаһыаттарга үлэлээбитэ. Саха республикатын Ил Түмэнин протокольнай отделыгар, документационнай управлениетын салайааччытынан өр сылларга үлэлээн, республикабытыгар сокуон оҥоһулларыгар, ылылларыгар бэйэтин үтүө кылаатын киллэрбитэ.

   Мария Алексеева 1979 сыллаахха Москваҕа М.Горькай аатынан Литературнай институту бүтэрбит сахалартан биир бастакы анал үөрэхтээх, талааннаах тылбаасчыт, саха тыла государственнай тыл быһыытынан сайдыытыгар улахан өҥөлөөх салайааччы быһыытынан биллэр.

Мария Егоровна өр сылларга Республика Верховнай Сэбиэтин секретариатыттан саҕалаан, боротокуоллуур сектор сүрүннүүр специалиһынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. СР Парламенын аппараата тэриллиэҕиттэн документационнай салайыы  структурнай подразделениетын салайбыта. Докумуоннары оҥорууга 2 государственнай тыл – сахалыы уонна нуучча тыллары — тэҥҥэ сөптөөхтүк туттан тыл култууратын сайыннарыыга улахан кылаатын киллэрбитэ. Үлэ саҥа хайысхаларын, саҥа технологиялары, саҥа терминологиялары туһаныыга дьаныардаахтык үлэлэспитэ.

   Москватааҕы М.Горькай аатынан Литературнай институту  ситиһиилээхтик бүтэрбит чаҕылхай талааннаах үлэһит художественнай уонна официальнай текстэри тылбаастааһыҥҥа үрдүк ситиһиилэммитэ. 1988 сыллаахха «Бэлэм буол»  хаһыаты  нууччалыы таһаарыыга 2 сыл устата соҕотох тылбаасчытынан  таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

   Киэҥ билиилээх, үрдүк культуралаах үлэһит   СР Парламенын аппараатыгар үлэҕэ дьоҕурдаах коллективы тэрийэн, Парламент сокуону оҥорууга үлэтин үрдүк таһымҥа таһаарбыта. Кини бэлэмниир докумуоннара өрүү үрдүк хаачыстыбалаахтарынан уратылаахтара. Мария Егоровна улахан убаастабылынан туһанара, үгүс депутааттар, парламен аппараатын үлэһиттэрин үтүө сүбэһитэ этэ.

   Мария Егоровна сахалартан биир бастакы профессиональнай тылбаасчыттар кэккэлэригэр киирэр. Ол курдук, Библияны сахалыы тылга тылбаастыыр тылбаасчыттар бөлөхтөрүгэр киирэн, 2004 сыллаахха «Сана Кэс Тыл» диэн Сана Завет тылбааһа күн сирин көрбүтэ.  2002 сыллаахха Петр Оготоев «Элэс Боотур» диэн олоҥхотун нууччалыы саҥардан, саха эпоһын атын омуктар ааҕар, үөрэтэр кыахтаммыттара. Ону кэккэ Василий Семенович Яковлев-Далан «Дьылҕам миэнэ» романа нууччалыы тылга тылбаастанарыгар үлэлэспитэ.

    Ахтыы күнэ Модут орто оскуолатыгар 7-11 кылаас оҕолоругар тылбаасчыт идэтин кытта билиһиннэрэр профориентационнай уруоктан саҕаланна. Уруогу Евдокия Семеновна Иринцеева-Огдо, Нина Егоровна Дьячковская, Альбина Андриановна Борисова ыыттылар.

 Тэрээһин иккис чааһыгар ыалдьыттар култуура дьиэтигэр Модут олохтоох модельнай библиотеката бэлэмнээбит “Сырдык сыдьаайынан сандааран” Мария Егоровна олоҕун, айар үлэтин кэпсиир кинигэ быыстапкатын дуоһуйа көрдүлэр, билистилэр.

  Бу күн Мария Егоровна араас сылларга бииргэ үлэлээбит коллегалара,  доҕотторо-атастара, аймах-билэ дьоно кини олоҕун, айар үлэтин туһунан кэпсээтилэр, ахтан-санаан аастылар. Тэрээһин түмүгэр кини олорон ааспыт олоҕун, үлэтин туоһулуур, кини аата  улууспутугар, республикабытыгар, дьоммут-сэргэбит өйүгэр-санаатыгар хааларыгар Мария Егоровна аатынан анал стипендия олохтуурга уонна сылын аайы ыытыллар тылбаас күрэҕин тэрийэргэ диэн быһаарыы ылыннылар.

   Ахтыы күнэ олус истиҥник-иһирэхтик буолан ааста, Мария Егоровна чугас дьоно, доҕотторо, биир дойдулаахтара кинини сылаас, үтүө тылларынан олохторун тухары ахтыахтара, саныахтара.

Сардана Сивцева,

Модут модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять