22.12.2024

ТАТЬЯНА КСЕНОФОНТОВНА УОННА ИЛЬЯ ЛАЗАРЕВИЧ ЕРЕМЕЕВТЭР ДЬОҺУН ОЛОХТОРУГАР АНАММЫТ КИНИГЭ КҮН СИРИН КӨРДӨ

Олунньу 3 күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр, М.К. Аммосов аат. култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар, Н.М. Рыкунов аат. улуустааҕы киин библиотека ааҕар саалатыгар, “Ахтылҕаннаах сылаас куккутун өлбөт тыынныахпын баҕардым…” диэн олус истиҥ-иһирэх кинигэ күн сирин көрбүтүн үөрүүлээхтик бэлиэтээһин ыытылынна.

Сылаас тыыннаах кинигэ саха ыалын чаҕылхай холобурунан буолар Нам улууһун ытык мааны дьонноро, кэргэннии Татьяна Ксенофонтовна уонна Илья Лазаревич Еремеевтэргэ ананан таҕыста. Кинилэр дьылҕа хаан бэйэтэ ыйан-кэрдэн ыыппытын курдук, дьоһун олоҕу олорон, улууспут, дойдубут чэчирии сайдарын туһугар дьоһун кылааты киллэрсибиттэрэ.

Кинигэ 100 ахсаанынан Медиа-Холдинг «Якутия» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыт. Кинигэни СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ культуратын туйгуна. «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, Нам улууһун Ытык киһитэ Зоя Ивановна Лукина хомуйан оҥорбут.

Улуус кэскилин түстэспит ирдэбиллээх салайааччы, үтүө сүбэһит, кэрэ киһи, улахан дьиэ кэргэн Далбар хотуна, амарах ийэ Татьяна Ксенофонтовна туһунан бииргэ алтыспыт дьоно махтана ахталлар. Кини үтүө-мааны майгыта, киэҥ билиитэ, инникитин ырааҕы өтө көрөн, киэҥник былааннаан үлэлиирэ уос номоҕор сылдьар. Дьонугар-сэргэтигэр биир тэҥник ытыктабыллаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, кыһалҕаларын ымпыгар-чымпыгар тиийэ ыйыталаһан, быһаарсан, сүбэлээн-амалаан үлэлээбитин үгүс киһи махтана ахтар. Татьяна Ксенофонтовна дьолун булбут тапталлаах Намын сиригэр 40 сыл араас эппиэттээх үлэлэргэ тахсыылаахтык үлэлээбитэ.

Илья Лазаревич тарбахха баттанар учуонай-агроном идэлээх үтүөкэн киһи туруу үлэһитэ, сөҕүмэр билиилээҕэ, сэмэй майгылааҕа, киһи быһыытынан көнөтө, чиэһинэйэ, салайааччы сиэринэн эппиэтинэстээҕэ, ирдэбиллээҕэ. Ленин аатынан холкуоска солбуйааччы председателинэн, кэлин “Хатыҥ Арыы”, “Комсомольскай” сопхуостарга кылаабынай агрономунан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Сэбиэскэй кэмҥэ төрөөбүт-үөскээбит Намын оройуонугар эрэ буолбакка, бүтүн Саха сиригэр бурдугу, хортуоппуйу үүннэриигэ уонна хомуйан туһаҕа таһаарыыга, сири оҥорууга, бурдугу үүннэриигэ механизацияны сайыннарыыга улахан кылаатын киллэрбитэ.

Татьяна Ксенофонтовна уонна Илья Лазаревич кинигэ аан тылыгар этиллэринии, кырдьык даҕаны, дьоһун олохторо киэҥ ыырдаах, үрдүк аартыктаах, уһун айаннаах.


Кинилэр 53 сыл бииргэ олорон, 3 оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, оҕолорун, сиэннэрин кыра эрдэхтэриттэн такайан үтүө-мааны майгылаах ыал ийэлэрэ, аҕалара, үтүөкэннээх үлэһиттэр гына иитэлээн таһаарбыттара.

Халыҥ аймахтардаах, элбэх ыччаттардаах ыал былыр-былыргыттан саха дьонун муҥур баҕата буолар. Сахаларга төрүт киһи төрүөҕэ, ытык киһи ыччата диэн хайҕабыл бастыҥа этиллэр үтүө өйдөбүлэ баар. Татьяна Ксенофонтовна уонна Илья Лазаревич оҕолорун олорбут олохторун былаһын тухары ити өйгө-санааҕа иитэн, үөрэтэн, такайан кэллэхтэрэ. Бу буолар дьоһун ыал Еремеевтэр оҕолорун олоҕу, үлэни, үөрэҕи сыаналыырга уһуйбут үчүгэй хаачыстыбалара. Билигин кинилэр ыччаттара аныгы олох хаамыытынан олохторун сиэрин булунан араас эйгэҕэ ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Уоллара Алексей Ильич Еремеев норуотун итэҕэлин ылан, СӨ Государственнай мунньаҕын бэрэссэдээтэлигэр тиийэ үүннэ. Биһиги кинини дойдутугар бэриниилээх, үрдүк таһымнаах, киэҥ билиилээх-көрүүлээх салайааччы быһыытынан билинэбит, улууспут, дойдубут кэскилин оҥорсор киэн туттар киһибит.

Бүгүҥҥү үөрүүлээх түгэҥҥэ ыалдьыттаатылар Татьяна Ксенофонтовна уонна Илья Лазаревич оҕолоро: доруобуйа харыстабылын туйгуна, национальнай медицинскэй киин үрдүк категориялаах бырааһа Татьяна Ильинична Кобякова уонна кини кэргэнэ СӨ үтүөлээх травматолог бырааһа, 2 №-дээх республиканскай балыыһа бырааһа Данил Семенович Кобяков; СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Нам 1 №-дээх оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын үрдүк категориялаах учуутала Валентина Ильинична Максимова уонна кини кэргэнэ, СӨ автомобильнай транспорын бочуоттаах үлэһитэ, “НКТЭ” АО инженерэ Николай Никитич Максимов; политологическай наука кандидата, СӨ Государственнай мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Алексей Ильич Еремеев уонна кини кэргэнэ ХИФУ преподавателэ Анна Карловна Башарина; кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, уруу-аймах дьонноро, доҕотторо.

Кинигэ күн сирин көрбүтүнэн эҕэрдэлээтилэр уонна истиҥ-иһирэх ахтыылары оҥордулар: “Нам улууһа” МТ баһылыга Юрий Слепцов; Татьяна Ксенофонтовна уонна Илья Лазаревич уоллара Алексей Еремеев; СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, М.К. Аммосов аат. государственнай бириэмийэ лауреата, Сунтаар Нам улуустарын Ытык киһитэ, СӨ Бочуоттаах гражданина Егор Михайлович Ларионов; ССРС культуратын, СӨ профтехүөрэхтээһинин туйгуна, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Мария Николаевна Габышева; “Нам” түмсүү салайааччыта Гаврил Гаврильевич Местников; саха норуодунай суруйааччыта Андрей Васильевич Кривошапкин; саха норуодунай суруйааччыта Елена Васильевна Слепцова-Куорсуннаах уонна кини кэргэнэ Андриян Васильевич Лукин; Татьяна Ксенофонтовна бииргэ алтыспыт истиҥ дьүөгэтэ Вера Никифоровна Винокурова.

Музыкальнай эҕэрдэлэрин тиэртилэр: СӨ культуратын туйгуна Андрей Замятин уонна А. Шестаков аат. норуот айымньытын дьиэтин специалиһа Дмитрий Барабанов.

Тэрээһини Р.Н. Дьяконова уонна Н.В. Павлова иилээн-саҕалаан ыыттылар.

Киһи олоҕо туох үтүөнү, тугу тутан-айан хаалларбыккынан сыаналанар дииллэринии, Татьяна Ксенофонтовна уонна Илья Лазаревич олорон ааспыт олохторо, үтүө холобурдара куруук дьонноругар-сэргэлэригэр үрдүккэ, сырдыкка сирдьит буолан кынаттыахтара, суоллара-иистэрэ үйэлэр тухары сүппэккэ кэрэ кэпсэл буолуохтара.

Кинилэр дьоһун-мааны олохторо сыл-хонук сыыдамнык устан аастаҕын аайы көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, кэрэни, үтүөнү айарга сирдьит буолуо.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять