04.12.2024

Төрөөбүт алааскын эн таптаа!

Муус устар 6 күнүгэр библиотекабыт ааҕар саалатыгар айылҕаттан дэгэттэр талааннаах Россия культуратын туйгуна, Саха мелодистарын ассоциациятын чилиэнэ, самодеятельнай композитор, хомусчут-импровизатор, худуоһунньук,  Нам улууһун «Туллук Хаара» мелодистар түмсүүлэрин чилиэнэ Слепцов Гаврил Гаврильевич – Дьиэрэҥкэй  төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах  «Төгүрүк алааскын Эн таптаа!» истиҥ-иһирэх ахтыы киэһэтэ буолан ааста.

 Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ ыҥырыылаах ыалдьыттарынан буоллулар: Никонов Сергей Саввич – 2-Хомустаах нэһилиэгин  баһылыгын солбуйааччы, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ, СӨ “Гражданскай доблесть” бочуотунай бэлиэ, «За заслуги перед отечеством II степени» уордьан кавалера, сахабыт сирин биир биллэр улахан «Тыгын Дархан» ресторанын  1993 сылтан иилээн-салайан үлэлэппит директора, күн бүгүн да кини олох үөһүгэр, күн бокуой билбэккэ үлэлии-хамсыы сылдьар, бары убаастыыр, ытыктыыр киһибит Мария Николаевна Габышева, Копырина Антонина Гаврильевна — Гаврил Гаврильевич бииргэ төрөөбүт балта, ону сэргэ Гаврил Гаврильевич оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара,  бииргэ алтыспыт, үлэлээбит табаарыстара, доҕотторо, биир дойдулаахтара уонна кини талааныгар сүгүрүйээччилэр.

Саха сирин биир кэрэ айылҕалаах Муома улууһун Суон Тиититтэн төрүттээх Слепцов Гаврил Гаврильевич   төрдүн-ууһун, оҕо сааһын, дьонун-сэргэтин билиһиннэрдэ бииргэ төрөөбүт балтыта – Дьокуускайдааҕы 7 нүөмэрдээх профлицей устудьуоннарын уопсайдарын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир, профессиональнай үөрэхтээһин ветерана Антонина Гаврильевна Копырина.

Гаврил Гаврильевич Слепцов биир киһиэхэ дэҥҥэ бэриллэр дэгиттэр талааннаах дьоннортор биирдэстэрэ буолар. Гаврил Гаврильевич Эҥсиэли хочотун Нам улууһун 2 Хомустаах нэһилиэгин сөбүлээн, таптаан иккис дойду оҥостон олохсуйан олорбута, үлэлээбитэ, айар-тутар музата, талаана арыллан элбэх ырыатын айбыта. 

Гаврил Гаврильевич худуоһунньук, уус уонна дириҥ билиилээх иитээччи этэ. Кини 8 кылаас кэнниттэн Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ, онтон Ленинградскайдааҕы Репин аатынан художественнай институтка үөрэнэ сылдьыбыта.  Ол кэннэ, 1987 с. Саха государственнай университетын историческай факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Гаврил Гаврильевич Муомаҕа, Нам улууһугар II Хомустаахха, Салбаҥҥа, Арбыҥҥа черчение, уруһуй, үлэ, музыка, история учууталынан, Намнааҕы музыкальнай оскуолаҕа, улуустааҕа киин библиотекаҕа художнигынан, II Хомустаахха уруһуй кылааһын аһан айымньылаахтык үлэлээбитэ. Гаврил Слепцов  ырыаны эрэ айар буолбатах. Кини өссө хомус көмөтүнэн эгэлгэ көтөр-сүүрэр саҥаларын араара истэн, хомуһу сатаан тутан охсо үөрэнэргэ оҕолору, улахан дьону уһуйбута. Кини хомуска үөрэтэр туспа методиканы айбыта, хомуһунан эмтээһин (ол эбэтэр хомусотерапия) диэни тарҕаппыта. Бу хомус  дьарыгар кини хомус ууһун Иннокентий Никитич Готовцевтыын иккиэн айар үлэ имэҥэр ылларан үлэлэспиттэрэ, ситимнэрин холбообуттара.

Гаврил Гаврильевич 1993 сылтан  2 Хомустаахтааҕы  «Хомус» оҕо уһуйааныгар музыкальнай салайааччынан үлэлээбитэ. Үлэлиир кэмигэр уруһуйдьут да быһыытынан, ырыаҕа, хомуска кырачаан оҕолору үөрэтэн бу оҕо саадын үлэтэ ньиргийэн олорбута. Манна үлэлиир кэмнэригэр Гаврил Гаврильевич айар үлэтигэр саҥа саҕахтар арыллан барбыттара. Ол курдук, «Саха оҕотун ырыа кэрэ эйгэтигэр иитии, үөрэтии, уһуйуу» диэн айар үлэтинэн үрдүк категориялаах иитээччи буолбута. Кини методическай кинигэлэр автордара.

Гаврил Гаврильевич 2 Хомустааҕы иккис дойду оҥостон 1974 с.  “Хомустааҕы таптаан” диэн маннайгы ырыатын, табаарыһынаан Реворий Егорович Тарскайдыын суруйбуттара. Бу ырыа арааһа элбэх киһи дууһатын хамсаппыта буолуо. Ол да иһин 2 Хомустах дьоно-сэргэтэ бу ырыатын нэһилиэк гимнэ оҥостон уостан түспэт ырыа гыннылар. 

Ити кэмтэн айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанан 1978 сылтан мелодист быһыытынан киэнник биллибитэ, айар куттаах доҕотторун, биир идэлээхтэрин кытта алтыһара элбээбитэ. Айар улэ алыбыгар ылларан оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо аналлаах 60-ча ырыаны айан хаалларда. Олортон сорохторо сахалыы үнкүүгэ музыка буолан культура түһүлгэтигэр дьүрүһүйэллэр.

Гаврил Слепцов саха биллиилээх поэттара Семен Данилов, Күннүк Уурастыырап, Константин Туйаарыскай, Петр Тобуруокап, Михаил Ефимов тылларыгар элбэх ырыалары суруйбута. Ону сэргэ бэйэтин хоһоонноругар хас да ырыалаах

Гаврил Гаврильевич-Дьиэрэҥкэй норуокка биллибит ырыалара «Мичээрдэр», «Дьиэрэнкэй», өссө Республикаҕа киэҥник биллибит, Саха сирин бастакы президенин Михаил Николаев үрдук сыанабылын ылбыт, Гранынан бэлиэтэммит ырыата «Төрөөбүт алааскын эн таптаа» буолар. Гаврил Гаврильевич ырыалара радио көмүс фондатыгар уһуллубуттара, олор үгүстүк истээччилэр көрдөһүүлэринэн бэриллээччилэр. Импровизатор-хомусчут, самодеятельнай композитор, учуутал үүнэр көлүөнэни кэрэҕэ иитиигэ ситиһиилээх үлэтин иһин «Россия культуратын туйгуна» үрдүк аат ылбыта. Г.Г.Слепцов-Дьиэрэнкэй талаанынан, үлэтинэн бар дьонун тапталын, сүгүрүйүүтүн ылбыта.   Кини туһунан Саха телевидениятыгар 1998 сыллаахха олус истиҥ биэрии уһуллубута.

Гаврил Гаврильевич олоҕун аргыһа, таптыыр кэргэнинээн Лидия Николаевналыын 5 оҕо,  элбэх сиэн,   хос сиэн тапталлаах ийэлэрэ, аҕалара, эбээлэрэ, эһээлэрэ   буолаллар. Билигин Гаврил Гаврильевыһы санатар, кини олоҕун салгыыр дьоннордоох.

Ахтыы киэһэтигэр кэлбит ыалдьыттар бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрин, доҕордорун, аймахтарын Гаврил Гаврильевич-Дьиэрэҥкэй туһунан олус истиҥник ахтан — санаан, «Төрөөбүт алааскын Эн таптаа» кинигэ быыстапкатын дуоһуйа көрөн, билсэн, үтүө-мааны тылларынан оҕолоругар аҕаларын аатын-үлэтин үйэтитэ, тарҕата сылдьалларыгар махтанан тарҕастылар. Үтүө киһи олоҕо үс үйэҕэ барар. Кини, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ аҕаларын, эһээлэрин  олоҕун салгыахтара, удьуор утум буолан тэнийиэхтэрэ. Онтон чугас дьонноро, доҕотторо кинини сылаас, үтүө тылларынан олохторун тухары ахтыахтара, саныахтара.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять