26.12.2024

УҺУЛУЧЧУЛААХ ГОСУДАРСТВЕННАЙ УОННА ПОЛИТИЧЕСКАЙ ДЕЯТЕЛЬ М.К. АММОСОВ ТУҺУНАН “БЕССМЕРТНЫЙ МАКСИМ” КИНИГЭ КҮН СИРИН КӨРДӨ

Уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятель, биир дойдулаахпыт Максим Кирович Аммосов 125 сааһынан “Бессмертный Максим” диэн кинигэ күн сирин көрдө.
Кинигэ САССР тэриллибитэ 100, Сэбиэскэй Сойуус уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятелэ, коммунистическай партия XI, XIII, XIV, XVII сийиэстэрин делегата, ВЦИК уонна ССРС ЦИК чилиэнэ М.К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сылларыгар ананар.
Кинигэ Ю.А. Гагарин аатынан Дьокуускайдааҕы типографияҕа 1500 экземплярынан бэчээттэннэ.
Кинигэ 2 чаастан турар. Бастакы чааска 1960 сылтан саҕалаан билиҥҥи кэмҥэ диэри Саха сирин, Казахстан, Киргизия биллиилээх учуонайдарын уонна чинчийээччилэрин Сэбиэскэй Сойуус бөдөҥ государственнай уонна политическай деятелин уонна уһулуччулаах киһи быһыытынан М.К. Аммосов киэҥ өрүттээх үлэтин сырдатар ыстатыйалара киирдилэр.
Кинигэ 10-тан тахса QR-кодтаах матырыйааллардаах. Ол курдук, манна 4 документальнай киинэ, ырыалар, аймахтара бэйэлэрин тустарынан кэпсээннэрэ, тыл этиилэрэ киирдилэр.
Иккис “М.К. Аммосов аатын үйэтитии” салааҕа М.К. Аммосов аатынан государственнай бириэмийэ 24 лауреата хас сыллаахха бириэмийэни ылбыттара, бириэмийэ балаһыанньата; М.К. Аммосов аатын сүгэр тэрилтэлэр, уулуссалар, теплоход, алмаас, түмэллэр киирдилэр. “Культураҕа М.К. Аммосов уобараһа” диэн чааска кини туһунан хоһооннор, ырыалар, испиэктээкиллэр, пааматынньыктар кэпсэнэллэр.
Ону сэргэ “Аммосовскай ааҕыылар” диэн туспа салаа баар. Манна ааҕыылар хаһааҥҥыттан саҕаламмыттарын, балаһыанньатын, оҕолор бастыҥ дакылааттарын ааҕыахха сөп.
М.К. Аммосов реабилитацияламмыт кэмин кэнниттэн ыытыллыбыт мунньахтар, историческай хаартыскалар киирдилэр.
Салгыы М.К. Аммосов аймахтара, 3 кыыһын оҕолоро, сиэннэрэ, хаартыскалара, ханна олороллоро, QR-кодтаах видеороликтар, төрүччүлэрин картата бааллар.
Маны сэргэ ”Наука деятеллэрэ” салааҕа М.К. Аммосов олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын үөрэппит учуонайдар тустарынан сырдатылыннылар.
М.К. Аммосов тус бэйэтин архыыбыттан саҥа матырыйааллар: оскуолаҕа үөрэммит таабыла, суруйбут суруга, илиинэн суруллубут үлэлэрэ, черчение уруогар оҥорбут чертежтара, о.д.а матырыйааллар киирдилэр.
Редакционнай коллегияҕа Гуманитарнай чинчийиилэр уонна Хотугу норуоттар проблемаларын үөрэтэр Институт Сибиирдээҕи салаатын сүрүн научнай сотруднига, историческай наука кандидата, доцент Е.П. Антонов, Дьокуускайдааҕы Е.М. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын государственнай түмэлин директора Н.Д. Бугаев, “Нам улууһа” МТ баһылыга Ю.И. Слепцов, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта М.С. Игнатьева, М.К. Аммосов аатынан Саха сирин государственноһын историятын түмэлин сэбиэдиссэйэ А.В. Кириллин, Саха республикатын үтүөлээх учуутала Я.Е. Корякина, СР Национальнай библиотекатын директора С.В. Максимова, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ филологическай факультетын журналистика кафедратын сэбиэдиссэйэ О.Г. Сидоров, Н.М. Рыкунов аатынан Нам улууһун кииннэммит библиотекатын директора М.Р. Софронова үлэлээтилэр. Кинигэни Дьокуускайдааҕы муниципальнай архыып докумуоннары туһаныыга уонна информационнай өҥөлөрү оҥорууга отдел начальнига А.А. Захарова, СР Национальнай архыыбын уопсай боппуруостарга директоры солбуйааччыта Н.Н. Малышева хомуйан оҥордулар.
Кинигэҕэ СР Национальнай архыыбын, СР Национальнай библиотекатын, Дьокуускайдааҕы Е.М. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын государственнай түмэлин, СР Национальнай художественнай түмэлин, М.К. Аммосов аатынан Саха сирин государственноһын историятын түмэлин, М.К. Аммосов аатынан Мемориальнай түмэл, К.Д. Уткин аатынан Ньурбатааҕы норуоттар доҕордоһууларын түмэлин фондаларын докумуоннара уонна матырыйааллара туһанылыннылар.
Кинигэ киэҥ араҥаҕа ананар.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять