Олунньу 27 күнүгэр оҕо библиотекатын көҕүлээһининэн IX улуустааҕы Уоланнар ааҕыылара “Мин аатым ааттаныа, мин ырыам ылланыа” күрэх ыытылынна. Уопсайа күрэххэ 16 нэһилиэктэн 200 тахса оҕо кэлэн кыттыыны ылла. Саха норуотун аар саарга аатырдыбыт, Саха сиригэр Автономнай республиканы тэрийсибит, уоттаах төлөннөөх поэт, илбистээх тыллаах прозаик, драматург, саха биир бастакы ученайа, саха наукатын торуттээбит, саха саналаах киэҥ туттар бөдөн общественнай- политическай деятеля Платон Алексеевич Ойуунскай, быйыл төрөөбүтэ 125 сылыгар ананна.
Кыра бөлөххө:
Гран-при хаһаайына- Аппааны 2 нүөмэрдээх Сандаара оҕону сайыннарар киин бастакы бөлөх иитиллээччитэ- Винокуров Дамир монолог “Оҕо куйуурдуу турара”.
I миэстэ — Аппааны 1 нүөмэрдээх Хатыҥчаана оҕону сайыннарар киин бастакы бөлөх иитиллээччилэрэ (Эверстов Юра, Андреев Талбан, Ксенофонтов Артем, Замятин Никита, Потапов Никита, Мордовской Юра) Литературнай-музыкальнай композиция «Эргэ үҥкүүлэр-саҥа хоһооннор»
II миэстэ — Аппааны 2 нүөмэрдээх Сандаара оҕону сайыннарар киин бастакы бөлөх иитиллээччитэ –Татаринов Айхал “Ньургун Боотур олонхоттон быһа тардыы”
II миэстэ — Түбэчээн детсад оҕолоро Федоров Эрсан, Захаров Дамир «Ойуунускай көҥүл ырыата»
III миэстэ — Сулусчаан оҕо саадын Мичээр бөлөх иитиллээччитэ Колесов Артем “Мэник” хоһоон.
III миэстэ — Нам 8 нүөмэрдээх Көлүкэчээн оҕо саадын уолаттара Сивцев Виталий, Матаннанов Артем, Данилов Иван, Заровняев Даниил, Уваров Кирилл. «Москва» хоһоон
III миэстэ — Көбөкөн оҕо саадын иитиллээччитэ Федотов Эрчим «Москва» хоһоон
Дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин ылла — Партизан Кустук оҕо саадын Дьөһөгөйчөөн ааҕар бөлөх иитиллээччилэрэ Оконешников Альберт, Турантаев Артур, Баишев Эрхан. П.А. Ойуунускай 1926 сыллаахха суруйбут хоһооно «Туйаарар туойбута».
Орто бөлөххө:
Гран-при — И.Д. Чаҕылҕан аатынан Намнааҕы алын сүһүөх оскуолатын 1 “в” кылаас уолаттара Барабанов Святослав, Бережнев Петя, Бобровский Валентин, Габышев Тимофей, Иванов Артем, Лукавин Валера, Охлопков Антон, Прокопьев Илья, Слепцов Эльдар, Тихонов Айсен, Федоров Радомир, Эверстов Максим литературнай-музыкальнай композиция “Завещание орла”.
I миэстэ — Е.П. Сивцев аатынан 2 Хомустаах орто оскуолатын 4 кылаас үөрэнээччитэ Старков Эрхан “Былааһы сэбиэккэ”.
II миэстэ — И.Д. Чаҕылҕан аатынан Нам алын сүһүөх оскуолатын 3 “б” кылаас уолаттара Барашков Лева, Бетюнский Дамир, Бурцев Айысхан, Васильев Арылхан, Васильев Данил, Габышев Савелий, Гаврильев Эрхан, Егоров Кирилл, Кривошапкин Костя, Максимов Миша, Сивцев Антоний, Шелковников Ильдар. Литературнай композиция “Сахалар көҥүл иһин”.
II миэстэ — Н.С. Охлопков аатынан Нам улуустааҕы гимназиятын 2 кылаас үөрэнээччитэ Охлопков Стасик монолог “Оҕо куйуурдуу турара”.
III миэстэ -И.Д. Чаҕылҕан аатынан Намнааҕы алын сүһүөх оскуола 2 “в” кылаас уолаттара Жирков Дагир, Дьячковский Уйгун, Евстафьев Айтал, Кулаков Эрсан, Кривошапкин Жора, Николаев Сарыал, Монастырев Айаал, Максимов Айдын, Кильбясов Алик, Попов Андрей “Оҕо куйуурдуу турара”.
III миэстэ — И.С. Гаврильев аатынан Нам 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын 2 “а” кылаас уолаттара Филиппов Вадим, Скрябин Тимур, Иванов Айастан, Тарабукин Дамир, Семенов Дима, Посельский Арылхан “Атыыр мунньах” кэпсээнэ.
III миэстэ — Модут орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ Васильев Айдын хоһоон “Өрүөл кэриэһэ”.
Дьууллуур сүбэ биһирэбилин ылла — Партизан орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ Аксееков Ваня “Өрүөл кэриэһэ” хоһоон.
Улахан бөлөх:
Гран-при — Н.С. Охлопков аатынан Нам улуустааҕы гимназиятын 10 кылааһын уолаттара литературнай-художественнай композиция “Көҥүл ырыата”.
I миэстэ — Арбын орто оскуолатын үөрэнээччитэ Иванов Дима хоһоон “Син биир буолбаат”.
II миэстэ — М.К. Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатын 10 кылаас үөрэнээччилэрэ Кутуков Станислав, Наумов Өркөн, Ноговицын Айсиэн, Сивцев Аким, Стручков Алексей, Чепалов Айхал литературнай композиция.
II миэстэ — Нам 2 нүөмэрдээх орто оскуолатын 10 “а” кылаас уолаттара Туласынов Юлиан, Григорьев Афанасий, Кобяков Мичил, Бурнашев Андрей, Платонов Евгений, Федоров Дима, Ударин Антон, Пермяков Радомир, Константинов Тимур. “Хоочугур уола- Былатыан” литературнай-музыкальнай композиция дьүһүйүү- поэма.
III миэстэ — Е.П. Сивцев аатынан 2 Хомустаах орто оскуолатын 7 кылаас уолаттара Попов Илья, Марков Ваня, “Өйдөөх оҕо” хоһоон.
III миэстэ — Модут орто оскуолатын 7 кылаас үөрэнээччитэ Павлов Коля “Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар” хоһоон.
III миэстэ — Искра орто оскуолатын 5 кылаас үөрэнээччитэ Андреев Юра монолог “Оҕо куйуурдуу турара”.
Дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин ылла — И.С.Гаврильев аатынан 1 нүөмэрдээх Нам орто оскуолатын 9 “в” кылаас уолаттара Собакин Мирослав, Сивцев Костя, Осипов Уйгун, Дягилев Андрей, Стручков Данил.