Сэтинньи 29 күнүгэр Модут нэһилиэгэр «Уруйа улааттын –Улуу киһи!»диэн лозуннаах общественнай деятель, талааннаах суруйааччы, бөлүһүөк Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх тэрээһин буолан ааста.
Тэрээһин ыалдьытынан П.А.Ойуунускай сыдьаана, суруйааччы, поэтесса, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Елена Васильевна Слепцова – Куорсуннаах кэлэн биэчэри киэргэттэ.
Литературнай биэчэр бастакы чааһыгар Былатыан Ойуунускайы кытта биир кэмҥэ үлэлээбит, киэн туттар биир дойдулаахтарбыт М.К.Аммосовка, И.Н.Прядезниковка, Р.Н.Уваровскайга анаммыт стендэлэр үөрүүлээх арыйыылара буолла. Былатыан Ойуунускай олоҕун, айар үлэтин кытта билиһиннэрэр кинигэ быыстапката турда.
«Улуу Тумул чулуу уолаттара уонна Ойуунускай» уус – уран театрализованнай дьүһүйүүнү нэһилиэк талааннаах эдэр ыччаттара көрдөрдүлэр, сүрүн оруолга Н.П.Ядрихинскай оонньоото.
Тэрээһин иккис чааһыгар улаханныын, кыралыын итии үүттээх чэйдээх, арыылаах алаадьылаах сахалыы сандалы тула олорон Елена Васильевна –Куорсуннааҕы кытта сэһэргэһии саҕаланна. Кэпсэтиигэ биэчэр кыттыылаахтара Куорсуннаах бэйэтин толоруутугар айымньыларын иһиттилэр, маны тэнэ Модут нэһилиэгин иһинэн тэриллибит айар талааннаахтар «Санаа оһуора» түмсүү кыттыылаахтара айымньыларын дьоҥҥо-сэргэҕэ ааҕан иһитиннэрдилэр. Елена Васильевна айар үлэтин туһунан кэпсээн, ыйытыктарга хоруйдаан дьон биһирэбилин ылла. Кэпсэтии түмүгэр Елена Васильевна – Куорсуннаах олохтоох нэһилиэк библиотекатыгар бэйэтин кинигэлэрин бэлэх уунна.
Хас биирдии кыттааччы уонна көрөөччу ааспыт үйэ кэрдиис кэмин көрдөрөн ааһар курдук оччотооҕу бириэмэни санатардыы таҥнан – симэнэн кэллилэр. Кэлин кэнчээри ыччакка үтүө бэлэх буолуо диэн тэрээһини Вера Дмитриевна Попова видеоҕа уһулла.
Тэрээһин устата көрсүһүүгэ ананан оноһуллубут, ол саҕанааҕы бириэмэни ыччакка көрдөрөр сыаллаах фотозона турда. Литературнай биэчэр уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.
Любовь Петрова
Модут модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйин э.т.