|
ЫТЫК СИРДЭР
Таллан Бурэ былыргы дой5оххо оло5уран Ыыс Булгунньах ырыата диэн поэманы 1978 сыллаахха суруйбута. 1999 с. Ыыс Булгунньах Нам улууьун Ытык сиринэн бигэргэтиллибитэ.
МУЗЕЙ-ДЬИЭЛЭР
1994 с. тохсунньу 13 к. Саха Республикатын Правительствотын уура5ыгар оло5уран 1994 с. тохсунньуга Е.С. Сивцев-Таллан Бурэ оло5ун уонна айар улэтин кердерер музей-дьиэ аьыллыбыта.
1989 с. П.И. Сивцев аатынан Намнаа5ы историко-этнографическай музей иьинэн И.Д. Винокуров-Ча5ыл5ан аатынан литературнай музей-дьиэ аьыллыбыта.
ЕЙДЕБУННЬУК БЭЛИЭЛЭР
2005 с. И.Д. Винокуров-Ча5ыл5ан "Хайыьар" ырыа-хоьоонугар улуус ветераннарын Советын председателин М.В. Петрова уонна П. Сивцев аатынан Намнаа5ы историко-этнографическай музей директорын ке5улээьининэн ейдебунньук бэлиэ тутуллубута. Автор Н.Д. Огонеров.
2006 c. П.И. Сивцев аатынан Намнаа5ы историко-этнографическай музей уьаайбатыгар Н.М. Рыкунов «Дьахталларга» хоьоонугар ейдебунньук туруорулунна. Автор-скульптор В.И.Шадрин.
КИНИЛЭР ААТТАРЫНАН...
Улуус Мунньа5ын быьаарыытыгар оло5уран, Н.М.Рыкунов аатын уйэтитэр инниттэн кини аатын улуустаа5ы киин библиотека5а инэрэр туьунан 1996 сыллаахха сэтинньи 29 кунугэр улуус баьылыга А.Н.Ядреев ыйаах таьаарбыта.
Саха Республикатын Правительствотын 1994 с. тохсунньу 13 к. 18 N-дээх уураа5ынан Бетун орто оскуолата поэт Е.С.Сивцев-Таллан Бурэ аатын сугэр,
1958 с. Ленскэй сельсовет (Нам с.) дьаьалынан Советскай уулуссаны 3 чааска араарбыттара. Итинтэн биирдэстэрин Чагылган Винокуров диэн ааттаабыттара.
1986 с. тохсунньу 1 к. САССР Министерствотын Советын дьаьалынан (ахсынньы 25 к. 1985 с. 475 N-дээх)Лесная уулусса (Нам с.) Сивцев Е.С. - Таллан Бурэ аатын сугэр.
1994 с. Бетун нэьилиэгин дьаьалынан Бетун нэьилиэгин Шмидт аатынан уулуссата Е. С. Сивцев-Таллан Бурэ уулуссата диэн уларытыллыбыта.
1999 г. олунньу 24 к. Даадар кварталын Дорожнай уулуссата Н.М.Рыкунов уулуссата диэн уларытыллыбыта.
|
||||||||