РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

Челябинскайга биһигини үс аҥы араартаатылар: саастаах өттүбүт маршевайга, эдэрдэртэн сорохпут үөрэнэр батальоҥҥа, элбэх уол саппаас чаастарга ананнылар. Инньэ гынан мин, А.И. Слепцов, Г.Л. Москвитин, Г.И. Емельянов уо.д.а. хаһыа да буолан, 276-с полкаҕа младшай командирдары бэлэмниир курска үөрэнэ бардыбыт. Ити полк Челябинскай электростанциятын (ЧГРЭС) территориятыгар баара. Онтон чугас, Ленинградтан, Кировскай завод эвакуацияланан олороро. Онно харабылга турарбыт, тракторнай завод территориятыгар тиийэн патруллуурбут. Үөрэхпит куораттан 7-8 км сиргэ урукку ферма территориятыгар этэ. Онно танкодром баара, стрельбищелааҕа. Сүрдээх киэҥ-нэлэмэн хонуу уонна бааһына сирэ этэ. Үөрэхпититтэн куоракка киирэн эбиэттиибит. Инньэ гынан, үөрэнэр сирбитигэр күҥҥэ иккитэ кырынарбыт. Ас-үөл кырыымчык, сырыы кытаанах этэ. Барыбыт да улаханнык илистэрбит. Ол да буоллар, эрчиллэн-эрчиллэн, син тулуйдубут, кыһыары курспутун бүтэрдибит.

1942 сыл, сэтинньи ортотун саҕана, биһиги младшай сержант званиелаах байыаннай чаастарга тарҕастыбыт. Москвитин биһиги «Кыһыл Хаһаарыма» диэн ааттанар кирпииччэ дьиэлэрдээх сиргэ, куорат иһигэр, 18-с туспа хайыһар биригээдэтигэр ананан тиийдибит. Онно Русинов диэн командирдаах уһүс батальоҥҥа түбэстибит. Ротабыт командира Шмырев, солбуйааччыта Голованов диэн этилэр. Мин стрелковай взводка. Москвитин пулеметнай взводка түбэспиппит. Биһиги взводпут командира Сайтеев диэн эдэр младшай лейтенант, отделениебыт командира Иванов диэн нуучча киһитэ. Мин ручной пулемет маҥнайгы нүөмэрэ этим. Иккис нүөмэринэн Корнилов диэн сааһыра барбыт киһи. Итини таһынан, сахалартан биһиги отделениебытыгар Кэбээйиттэн А. Сметанин, Орджоникидзевскайтан Пудов, Уус-Алдантан Лазарев бааллара. Атын дьиэҕэ, туспа батальоҥҥа, Намтан М. Я. Колесов, Н. Г. Сысолятин уо. д. а. бааллара.

Хайыһарынан ручной пулемету соһо сылдьыы олус ыарахана, сылаалааҕа. Онуоха эбии ас-таҥас мөлтөҕө, режим кытаанаҕа улаханнык эрийбитэ. Сыра быстыыта, ыарыыга хаптарыы түбэлтэлэрэ тахсыталыыллара. Мин иккис нүөмэрим Корнилов, биһиги бииргэ сылдьыбыт доҕорбут Т. Замятин уо. д. а. лазарекка киирбиттэрэ.

1943 сыл тохсунньу ортолообута. Ленинграды блокадалааһыны биһиги сэриилэрбит көҥү көппүт үөрүүтүн-көтүүтүн иһиттэхпит утаа, биригээдэбит походка турбута: тохсунньу 21 күнүгэр, киэһэлик, туох баарбытын барытын хомунан, «Кыһыл Хаһаарыматтан» тахсыыбытыгар Т. Замятин лазареттан тахсан, сайыһа көрөн хаалаахтаабыта.

Поезка олорон, Сталинград диэки аттаммыппыт. Аара, тибии тибэн, тохтуу-тохтуу, тимир суолу ыраастыы-ыраастыы, айаннаан истибит. Сотору миигин ротаҕа писарь оҥордулар. Инньэ гынан, аны командирдарбын, старшинабын кытта биир хочуолтан аһыыр буоллум.

Сталинградка чугаһаан иһэн, Ленинскэй диэн сиргэ тохтоон хааллыбыт. Ити кэмҥэ Сталинградтааҕы кыргыһыы түмуктэммитэ, онон Сталинград соҕуруу өттүгэр Красноармейскайга аастыбыт. Ити кэмҥэ уу-хаар тахсан турара, оттон биһиги кыһыҥҥы таҥаһынан, хайыһарбытын сүгэн, таһаҕаспытын волокушаҕа соһон, бадарааны, ууну кэһэн айанныырбыт.

Красноармейскайтан оруобуна Кыһыл Армия күнүгэр, олунньу 23-гэр, поеһынан арҕаа аттанныбыт. Аара Сальскайга хайыһарбытын, волокушабытын хааллардыбыт. Мечетинскэй станицаҕа тиийдибит. Миэлиҥсэлэрин немецтэр үлтүрүппүт буоланнар, бурдук суох. Нэдиэлэ буолан баран, салгыы Батайскайга тиийдибит. Онно тиийээт, өстөөх самолеттарын бомбалааһыннарыгар түбэстибит, хас да киһибитин сүтэрдибит. Онтон Ростовынан Новочеркасскайга бардыбыт, ону ааһан, 4-с гвардейскай мотомеханизированнай биригээдэҕэ холбостубут. Онон мин писардаан бүттүм. Отделениебар саҥа, атын дьоҥҥо тиийдим, арай Алексей Сметанин баара. Гриша Москвитин взводугар баара, станковай пулеметчик этэ.

Доннааҕы Ростов уонна Таганрог икки ардыларыгар Чалтырь диэн хуторга олорон, Таганрог обороналанар траншеятын хаһабыт. Онно, Чалтыртан балай да ыраах 158 сиргэ, күн ахсын сылдьабыт, олус илистэбит, улаханнык алларыйааччы да баар. Чалтырга уонна кини тулатыгар элбэх чаастар турар быһыылаахтара. Онно биһиги оройуон II Модутуттан Яков Суздалов баарын дьоннор көрбүттэр этэ, мин урут Намҥа бииргэ үөрэммит уолбун Вася Захаровы көрсүбүтүм. Захаровтар төрдүлэрэ Чурапчылар. Кинилэр Намҥа олоро сылдьыбыттара. Убайын учуутал А.Г. Захаровы Якутскайга урут көрсөрүм.

Ростовскай уобалас сиригэр, онон-манан наар сатыы сылдьан, сэриигэ бэлэмнэнэр этибит. Онтон Донецкай уобалас сиригэр киирбиппит. Биһиги танковай десант автоматчиктара буолбуппут. Батальоммутуттан аҕыйах киһи талыллан, от ыйын 14 күнүгэр разведкаҕа бара сылдьыбыттара, онно Гриша Москвитин сылдьыспыта. Кинилэр кэлбиттэрин кэннэ, Дмитриевканан, танкаларга олорон тиийэн, фашистар обороналарын тоҕо көппүппүт. Биһиги, танкабыт эмсэҕэлээн, Дмитриевканы ааһаат, олорон хаадбыппыт. Ол түүнү быһа өстөөх күүстээх бомбалааһыныгар түбэспиппит уонна сырдаабытын эрэ кэннэ салгыы барбыппыт. Саур-Могила диэн очуос таһыгар тиийбиппит. Ити очуос тэллэҕэр аҕыйах ыаллаах хутор баара. Онно киириигэ киэҥ нэлэмөн бааһына, арай хаҥас-өттубүтүнэн биир аппа чугаһыыр. Бааһына бэтэрээ өттүнэн олордуу хахха ойуур балаһата ааһар, ону кыйа айан суола субуллар. Биир киэһэ ол суолунан сэрии чааһа ааһан иһэрэ. Онно мин биир дойдулааҕым В.С. Вннокуров баара, кини бөлүүн улахан суостаах кыргыһыыга киирэн тахсыбытын кэпсээн ааспыта.

1  2  3