РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

Сарсыныгар Саур-Могилаҕа кимэн киирии буолла. Сэлиэһинэй үүнэн турар бааһыната улаханнык хаххалаабат. Маманазаров диэн улахан төрөл көрүҥнээх узбек киһитэ пулеметчик онно өлбүтэ. Ол да буоллар, хуторга киирдибит. Гриша Москвитиннаах хаҥас флангаҕа аппа уҥуоргу тэллэҕэр ПТР-даах тиийбиттэр. Биһиги хуторга баарбыт. Лихачев старшина уонна атын хас да киһи бааһырбыттар. Күн киэһэрбитэ. Немецтэр утары охсон, очуоһу таҥнары ыган киирдилэр. Биһиги аҕыйаабыт этибит, кыайан турууласпатыбыт, төннөргө тиийдибит, ол соҕотох аппабытынан. Тахсан, бааһына ортотугар сыттыбыт. Киэһэ бороҥуйга эмиэ киирэн көрдүбүт да - хуторы иккиһин кыайан ылбатыбыт. Ити чугуйууга Москвитиннаах, тэйиччи сыппыт буоланнар, аппа төрдүгэр кыл-мүлчү түспүттэр этэ, төбөтүгэр бааһырбыт автоматнай взвод командира лейтенаны таһаарбыттар.

Биһиги чааспыт, биэс сууккалаах кыргыһыыттан улаханнык илистэн, дьоммут аҕыйаан, аһа-үөлэ быстан, кыргыһыы хонуутуттан тахсар буолта. Ыран-сылайан, өлөн-сүтэн, улаханнык эмсэҕэлээн, санаабыт түһэн, аччыктаан-утатан, кыра-кыра бөлөҕүнэн Маслово аппаҕа тиийэн мустубуппут. Комбат Русинов, атаҕар бааһыран, тайахтаах сылдьара, биһиги ротабыт командира Шмырев моонньо бэрэбээскилээҕэ, взводпут командира Севастьянов бааһыран туораабыт.

Ити курдук, биһиги сэриигэ маҥнайгы сүрэхтэниибит элбэх өлүү-сүтүү, алдьаныы-кээһэнии абатын-сататын эппитигэр-хааммытыгар быһаччы иҥэрбитэ, абаны-сатаны дириҥэппитэ.

Биирдэ, атырдьах ыйыгар. Алөксеевка аттыгар буолбут сэриигэ хайдах эрэ быстах түбэлтэҕэ түбэһэн ыт буола сыспыттаахпыт. Халлаан сырдыыта танкаларга олорон, марш-бросок оҥорон, өстөөх позициятыгар ыга киирбит этибит. Өстөөх, эрдэттэн бэлэм сыппыт буолан, танкаларбытын дэлби уматалаата, пехоталар траншеяларга тохтуурга күһэллибиттэрэ. Мартынов диэн Учуртан сылдьар сааһыран эрэр бэрт сылбырҕа, бэргэн ытааччы киһи баара. Кини биһи кэккэлэһэ киирэн испиппит, биир алдьанан турар биһиги танкабытын ааһа сүүрбүппүт, онтон, тохтоон туран, ытыалаһан барбыппыт: киһим СВТ бинтиэпкэлээҕэ, элбэх баҕайы ботуруону сүгэ сылдьара, оттон мин автоматтааҕым, онтубар икки эрэ дискэлээҕим. Начаас ыккардыгар, киһим, быган биэрбит үс фашиһы охторбута, онтон «абытай» диэбитинэн охтон түспүтэ. Ботуруону хааламмыт вещевой мөһөөччүгүн кытыыта буруолаан эрэрэ, ону уста охсон, таҥнары сүөкээн, буорга тэпсэммин умуруордум, онтон киһибин бэрэбээскэлиир буоллум. Буулдьа, киһим сымнаҕас сиринэн, иһин курдат ааспыт, бэрэбээскэлиир биир бакыат тук буолбата, онон бэйэм бакыаппынан эбии баайдым. Киһим ыарыыланара сүрдээх, хаана барара бэрт, кыайан турбат буолла. Ол да буоллар, өйүн сүтэрбэтэ, онон плащ-балаакканан хонноҕун анныттан эрийэ ылан, санныбар сүгэн төннөн истибит. Арай өйдөнөн кэлбиппит: киһим бинтиэпкэтэ хаалан хаалбыт! (Сэрии толоонугар, өйдөөх хааҥҥынан, бэйэҥ сааҕын-саадаххын хаалларарыҥ хайдах да табыллыбат, инньэ гынан, киһибин сытыаран баран, бинтиэпкэни ылан кэллим). Били алдьанан турар танканы ааһан, дьоммут сытар траншеяларыгар тиийэн кэллибит, биир киһи көмөлөһө кэллэ. Ити курдук, бэргэн ытааччы, саха хорсун байыаһа, Учур олохтоох булчуттарын чулуу представителэ Мартынов инники кирбииттэн тахсыбыта, кини кэлиҥҥи дьылҕатын билбэтэх хомолтолоохпун. Киһибин санитардарга туттаран баран, дьоммор төннөн истэхпинэ, биир киһи утары иһэрэ, чугаһаан кэлбитэ - Гриша Москвитин эбит, хаҥас илиитин бэрэбээскэлэммит. «Станковай пулеметтаах сыттахпына, танк (били Мартынов биһиги ааһа киирэ сылдьыбыт танкабыт) күлүгүттэн ыттылар быһыылаах», - диэбитэ. Ити кэнниттэн, лейтенант Москвитинныын мин сэрии кэнниттэн эрэ көрсүбүтүм.

1943 сыллаах сайыҥҥы кимэн киириилэргэ, оборонатын тоҕо көттөрөн, өстөөх түптээн тохтуур түгэни булбатаҕа: Таганрог босхоломмута, утуу-субуу элбэх нэһилиэнньэлээх пууннары босхолоон испиппит, Украина биир бөдөҥ киинин Сталино диэки киирэн испиппит.

Ити сыл күһүнүгэр, эмиэ танковай десаҥҥа сылдьан, мина үлтү тэбиитигэр ыараханнык бааһыран, полевой санбакка биир дойдулааҕым Филипп Хрисанфович Аринкин көрөн-истэн, госпитальга атааран, бэрт уһуннук эмтэнэн, атахпар туран, дойдубун булан, салгыы бэйэм идэбинэн үлэ үөһүгэр түспүтүм.

Ама ааспытын иһин, ынырык ыар охсуулаах, үгүс өлүүлээх-сүтүүлээх дьыллар кэлэн ааспыттара. Советскай норуот, кини албан ааттаах Кыһыл Армията, Коммунистическай партия салалтатынан хара дьайдаах фашизмы үлтү урусхаллаан, үгүс норуоттары босхолообута. Бу бэйэлээх сайдыылаах социализм үтүө олоҕор кэллибит. Ону өрүү араҥаччылыы, үүннэрэ-сайыннара туруу - бу билиҥҥи көлүөнэ сүрүн соруга уонна чиэстээх эбээһинэһэ.

 

1984 с. Нам с.

1  2  3