Ыччаты патриотическай иитиигэ араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Биһиги эмиэ онно кырата суох кылааппытын киллэрсэбит. Ол курдук, улууска ыытыллыбыт куонкуруска ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа “Нам улууһун ытык сирдэринэн «Дороги памяти» ыччат 2 күннээх велопробега” диэн бырайыак суруйан субсидия ылбыта. Бырайыак Улуу Кыайыы 75 сылыгар ананар.
Атырдьах ыйын 17-18 күннэригэр велопробег кыттыылаахтара Нам – Аппааны – Кыһыл Дэриэбинэ – Бөтүҥ – Модут – Хатырык – Нам маршрутунан айаннаары бэлэмнэнэ сылдьаллар.