22.12.2024

Ытыктыыр киһибит, үтүө доҕорбут Кривошапкин Иннокентий Захарович сырдык кэриэһигэр

Саха муудараһа этэринии, «Өй-санаа анаммыт киһитэ-түбүктээх олохтоох». Төрөөбүт дойдута, норуота сайдарын, олоҕо тупсарын, кэрэ эйгэтэ үксүүрүн туһугар күнүстэри-түүннэри толкуйдаан, санаа-оноо эргиирэ оҥостон, “туох эрэ саҥаны, үйэлээҕи оҥорбут киһи” диэн сырдык ыра санаанан салайтаран, үлэлээбит киһи, тугу оҥорбута, олоххо киллэрбитэ күн-дьыл ааһан истэҕин аайы өссө суолтата үрдээн, дириҥээн иһэр.

Бу дьыл сэтинньи 3 күнүгэр биһиги бары ытыктыыр, убаастыыр киһибит, кыраайы үөрэтээччи РФ суруналыыстарын союһун чилиэнэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР  культуратын үтүөлээх үлэһитэ, бочуоттаах ветеран, Гражданскай килбиэн бэлиэ хаһаайына, республика суруналыыстарын «Кыһыл көмүс бөрүө», телерадио суруналыыстарын Сэбиэскэй Союз Геройа Н.А.Кондаков аатынан государственнай, поэт Н.М.Рыкунов аатынан улуус суруналыыстарын бириэмийэлэрин лауреата, Нам улууһун, Таастаах нэһилиэгин бочуоттаах киһитэ, төрөөбүт улууһун туһугар элбэх кылаатын киллэрбит Кривошапкин Иннокентий Захарович хамсык ыарахан ыарыытыттан өрүттүбэккэ олохтон туораата.

Иннокентий Захарович библиотеканы кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээбитэ. Кини библиотека үтүө доҕоро, сүбэһитэ этэ. Библиотекабытыгар ыытыллар араас таһымнаах тэрээһиннэрбитигэр өрүү үөрэ-көтө кэлэн кыттыыны ылара, сүбэлээн-амалаан, көҕүлээн биэрэрэ. Улууска кыраайы үөрэтээччилэрин түмсүүтүн салайааччытынан, Нам улууһун Ытык сирдэрэ диэн хайысханан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитин түмүгэр улууспут историятын кэпсиир элбэх кинигэлэри хомуйан таһаартарбыта. Бу таһаартарбыт кинигэлэрэ библиотекабыт фондатыгар киирэн ааҕааччыларбыт киэҥ биһирэбиллэрин ылаллар. Кэнники сылларга ыарахан ыарыыга ыллардар даҕаны, олох бэриммэккэ олоххо тардыһыыта күүстээх буолан “Олоҕум кэрчиктэрэ” диэн олорбут олоҕун, үлэтин кэпсиир үтүөкэн кинигэни бэчээттэтэн таһаартарбыта. Дьоҥҥо-сэргэҕэ өрүү көмөлөһө, туохха эмит мунаарбыт буоллахтарына хасыһан булан-талан, сүбэлээн-амалаан биэрэрэ. Иннокентий Захарович киһи быһыытынан олус элэккэй, эйэҕэс-сайаҕас, киэҥ-холку майгылааҕа. Күн аайы библиотека аанын аһан «Элбэх ааннаах Чаачахаан кыргыттара бааргыт дуо?» диэн киирэн кэллэҕинэ, бэл библиотекабыт иһэ сырдыы түспүккэ дылы буолара, кэпсээн-ипсээн саҕаланара…

Иннокентий Захарович Кривошапкин төрөөбүт дойдутугар, улууһун дьонугар бэриниилээх патриот этэ. Кини төрөөбүт-үөскээбит улууһун сайдыытыгар сүҥкэн үйэлээх үлэлэри, бар дьонугар дьоһун кинигэлэри таһаартаран, улууһун дьонугар-сэргэтигэр үйэ-саас тухары тугунан да кэмнэммэт кылаатын киллэрбит киэн туттар киһибитинэн буолар. Библиотекабыт үтүө доҕорун, наставникпытын, аҕа саастаах табаарыспытын хаһан даҕаны умнуохпут суоҕа.   

        

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять