30.10.2024

ЕРЕМЕЕВ КАЛИСТРАТ ДМИТРИЕВИЧ

(1951-1995)

Калистрат Дмитриевич Еремеев 1951 сыллаахха тохсунньу 25 кунугэр Амма оройуонугар Абаҕа нэһилиэгэр колхозтаах кэргэнигэр төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ Калистрат кыра эрдэ5инэ өлбүттэрэ, онон эһэтин аахха, И.К.Еремеевтээххэ, иитиллибитэ. Иван Константинович кэргэнэ, Калистрат эбэтэ Валентина Семеновна Эрилик Эристиин төрөппут кыыһа. Абаҕа 8-с кылаастаах оскуолатын бутэрэн баран 1969 с. Одьулууннааҕы (Чурапча) СПТУ-13 үөрэнэн шофер-слесарь идэтин ылбыта. 1970 с. Советскай Армия кэккэтигэр ынырыллыбыта. Онно сылдьан дойдутун, дьонун-сэргэтин ахтарын аан бастаан хоһоонунан этэргэ холоммута. Демобилизацияланан баран 1972 сыллаахха Намнааҕы педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн уруһуй, черчение уонна улэ уруогун учууталын идэтин ылбыта. Бу дьыл Модут 8-с кылаастаах оскуолатыгар, кэлин Аппааныга интернат сэбиэдиссэйинэн, Госстрах агенынан улэлээн сылдьыбыта. Олоҕун тиһэх түөрт сылларыгар Аппаанытааҕы оҕо музыкальнай оскуолатын директорынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.

Поэт маннайгы хоһооно 1975 сыллааха «Ленин суола» хаһыакка бэчээттэммитэ.

К.Д.Еремеев РФ Журналистарын Союһун чилиэнэ, «Саха сирин литератора» ассоциация чилиэнэ. Киэнник биллэн испит поэт этэ. Нам улууһуттан саха омук I конгреһын делегата буолан кыттыыны ылбыта. «Тохсунньу оһуора» диэн хоһооннорун хомуурунньуга 1993 сыллаахха күн сырдыгын көрбүтэ. 1995 с. кыра ааҕааччыларга өйдөнүмтүө тылынан дьиэ сүөһулэрин, тыа кыылларын тустарынан  «Кустук өҥнөөх бөтүүкчээн» диэн хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта.

К.Еремеев хоһооннору, критическэй ыстатыйалары сэргэ өссө миниатюралары суруйара, мелодия айара, фотографиянан дьарыктанара. Олоххо көрсүллэр түбэлтэлэри бэрт бэргэнник этитэлээн кэбиһэр айымньылара «Биир уоп кулуу» диэн рубриканан оройуоннааҕы «Ленин суола» хаһыакка үгүстүк бэчээттэммиттэрэ. Калистрат Еремеев суруйбут, айбыт айымньылара «Саха сирэ», «Эдэр саас», «Амма олоҕо» о.д.а. хаһыаттарга өрүү тахсаллара…

Кинигэлэр:

Кустук өннөөх бөтүүкчээн : [кыра саастаах оҕолорго хоһооннор]. — Дьокуускай : Бичик, 1995. — 24 с.

 

 

 

 

 

 

 Тохсунньу оһуора : [хоһооннор]. — Дьокуускай, 2000. — 51 с.

 

 

 

 

 

 

Олоҕун уонна айар үлэтин туһунан литература

  1. Ба5атаайыскай, Р.Холонуулар уонна хоһооннор / Р. Бауатаайыскай // Эдэр коммунист. — 1981. — Сэтинньи 20 к.
  2. Биьиэхэ ыалдьыттыыр К. Еремеев// Ильич уоттара. — 1982. — Ахсынньы 11 к.
  3. Васильев, Б.Петр Юмшановка; Александр Азаровка; Александр Кирилиннэ; Калистрат Еремеевка; Юрий Ивановка : [эпиграммалар] / Б. Васильев // Энсиэли. — 1994. — Ахсынньы 31 к.
  4. Гурьев, Н.Поэт «Кыьыл Кинигэтэ» : [Калистрат Еремеев айар биэчэриттэн] / Н. гурьев // Энсиэли. — 1994. — Кулун тутар 5 к.
  5. Дунаев, А.Бэлиэтиибит : [хоьоон] / А. Дунаев // Энсиэли. — 2004. — Атырдьах ыйын 19 к. — С. 3.
  6. Дунаев, А.Кыьыл кинигэлээх до5орум : [“Тохсунньу оьуора” кинигэтин ырытыы] / А. Дунаев // Энсиэли. — 2006. — Олунньу 9 к.
  7. Дунаев, А.Хатат (поэт К.Еремеевка «Хатат» диэн айар талааннаахтар тумсуулэрин тэрийбитигэр) ; Бэлиэтиибит (50 сааьын керсе) : [хоьооннор] / А. Дунаев // Кун сиригэр уол о5о тереен. — Дьокуускай, 2003. — С. 47
  8. Калистрат Дмитриевич Еремеев: [некролог] // Энсиэли. — 1995. — Бала5ан ыйын 26 к.
  9. Петров, Н.Калистрат Еремеев: «Тохсунньу оьуора»  / Н. Петров // Энсиэли. — 1994. — Ыам ыйын 31 к.; Саха сирэ. — 1994. — Ахсынньы 27 к.
  10. Рыкунов, Н.Калистрат Еремеев : [эдэрдэр куоластара] / Н. Рыкунов // Чолбон. — 1995. — N 8. — С. 78-87
  11. Рыкунов, Н.«Отуу уота» куедьуйэр / Н. Рыкунов // Ленин суола. — 1984. — Муус устар 5 к.
  12. Сысолятин, И.Тохсунньу оьуора / И. Сысолятин // Эркээйи. — 1994. — Олунньу 12 к.

НАЗАДtemperature in russia in julyчто подарить мужчине на день святого валентина

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять