21.11.2024

Василий Егорович Колмогоров төрөөбүтэ 100 сылыгар

Саҥа сыл маҥнайгы, үбүлүөйдээх улахан, бэлиэ тэрээһининэн буолла,тохсунньу 15 күнүгэр, Үлэ кыһыл Знамята, Бочуот Знага уордьаннар кавалердара, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Кэбээйи, Нам оройуоннарын Бочуоттаах гражданина, кыраайы үөрэтээччи Василий Егорович Колмогоров төрөөбүтэ 100 сылыгар.

Тэрээһин буолан ааста И. Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педколледжка. Бу тэрээһиҥҥэ анаан оҥоһуллан турда, дириҥ ис хоһоонноох, Нам улуустааҕы библиотека оҥорбут, Василий Егрович олорбут олоҕун , үлэтин, дьиэ кэргэнин кэпсиир кинигэлэрин быыстапката.

Быыстапкаҕа киирбиттэрэ Василий Егорович туһунан ахтыылар, Кэбээйигэ, Намҥа үлэлээбитин туһунан кинигэлэр, ыстатыйалар.

Үөрүүлээх, үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар Юрий Иннокентьевич Слепцов – Нам улууһун Аҕа баһылыга. Иван Иванович Левин – Кэбээйи улууһун Аҕа баһылыга, Сииттэ нэһилиэгин Аҕа баһылыга – Семен Тимофеевич Тимофеев.

Егор Михайлович Ларионов, Гаврил Гаврильевив Местников, Никифор Дмитриевич Терехов, Роза Андреевна Иванова, Кэбээйи улууһун делегацията уонна Василий Егорович Колмогоров оҕолоро —  Василий Васильевич Колмогоров, Иван Васильевич Колмогоров, Мария Васильевна Сайдыкулова, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ уо.д.а. Тэрээһин биир тыынынан, үрдүк таһымнаахтык, истиҥник ааста.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять