22.11.2024

Сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин олохсутан

Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр уонна саха норуотун улуу сырдатааччыта, талааннаах лингвист Семен Андреевич Новгородов 130 сылыгар анаммыт “Саха дьыктаан” республикатааҕы акция олунньу 12 күнүгэр 11 чаастан ыытылынна.

Бу тэрээһин оскуола оҕотуттан саҕалаан улахан дьоҥҥо тиийэ табатык суруйууну уонна төрөөбүт төрүт тыл кыһалҕаларыгар уопсастыба араас араҥатын болҕомтотун тардар сыаллаах 2014 сылтан үгэскэ кубулуйан тэриллэр. Тэрийээччилэринэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи Национальнай библиотека уонна Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй университет саха тылын хаапыдырата буолаллар.

Нам улууһугар «Сахалыы дьыктаан» акция хамсык ыарыы хааччахтааһынынан, куйаар ситимин нөҥүө ыытылынна. Н.М. Рыкунов аатынан Нам киин библиотекатын тэрийиитинэн зуум, ютуб нөҥүө кыттааччылар холбоннулар. Тиэкиһи “Тэтим” радио ыытааччыта, биир дойдулаахпыт Индира Софронова олус үчүгэйдик аахта. Тиэкис норуодунай суруйааччы Софрон Данилов “Барымаҥ даа, кубалар” романыттан быһа тардыллан бэлэмнэммит. Уопсайа 17 нэһилиэктэн 259 киһи кыттыыны ылла.

Ордук көхтөөхтүк Салбаҥ, 1Хомустаах, Хатырык, Нам нэһилиэктэрин дьоно-сэргэтэ кытынна. Уопсайа «4” сыанаҕа 70, “5” сыанаҕа 45 кыттааччы суруйда.

“Бастыҥтан бастыҥ суруксут” анал ааты Сайдам Айар Кыыдаана Арылхан Кыыһа, Матрена Платонова, Светлана Беляева (Нам), Айталина Винокурова, Элеонора Николаева, Матрена Яковлева (Аппааны), Александра Баишева, Анна Охлопкова, Людмила Петрова, Анджела Федорова (Затон), Татьяна Филиппова, Юлия Иванова (1Хомустаах),  Евдокия Бочкарева (Көбөкөн), Ольга Кайгородова (Хатырык),  Саргылана Павлова (Модут), Варвара Макитова (Фрунзе), Анна Эверстова (Салбаҥ) ыллылар.

Быйылгы дьыктаан төһө да куйаар ситиминэн ыытылыннар кыттааччытын ахсаана элбэх буолла. Дьон дьиэҕэ олорон, сэргэхсийэ, аралдьыйа таарыйа көхтөөхтүк кытыннылар уонна сылын аайы дьыктаан суруйааччылар интэриэстэрэ улаатан иһэрэ көстөр. Библиотекалар өй оонньуутун, таабырыннары уонна да атын дьарыктары өссө киэҥник ыытаргыт буоллар диэн баҕа санааларын эттилэр.

Кыттааччылар санаалара:

Светлана Беляева “Быйылгы Өрөспүбүлүкээнскэй салгын куйаарын ситимин нөҥүө Ийэ тыл күнүгэр анаммыт Сахалыы дьыктааҥҥа кыттан олус үөрдүм. Дьыктааны биир дойдулаахпыт Индира Софронова аахпыта өссө кэрэхсэбиллээх. Маннык хабааннаах тэрээһиннэр үгэс курдук хаалан, өссө да сылтан сыл аайы үгүс киһини хабан ыытылла турарыгар баҕарабын».

Сардана Сидорова  «Олунньу 13 күнэ мин олохпор биир наһаа суолталаах күн. Сыл аайы бу күн сахалыы дьыктаан суруллар буолуоҕуттан көтүппэккэ, үөрэ-көтө суруйабын. Бэйэбин маннык тургутан көрөрбүттэн, төрөөбүт сахам тылын ис куппунан ылынарбыттан наһаа дуоһуйабын, астынабын. Олус үчүгэй, кэскиллээх тэрээһин. Инникитин дьыктаан суруйааччы ахсаана элбии, эбиллэ турдун, сахабыт тыла сайда, чэчирии турдун.  Улахан махталбын библиотека үлэһиттэригэр, Люция Григорьевнаҕа, » Тэтим» араадьыйа ыытааччытыгар Индираҕа тиэрдэбин.

   Төрөөбүт тылы таптааһын төрөөбүт норуоту таптааһыны, киниэхэ ис сүрэхтэн бэриниилээх буолууну кытта быстыспат ситимнээх”.

 Матрена Платонова «Быйыл  Софрон Данилов «Барымаҥ даа, кубалар» романтан быһа тардан  тиэкис ааҕылынна. Тиэкиһи «Тэтим» радио ыытааччыта Индира Софронова аахта. Индира Олеговна бэрт холкутук, өйдөнүмтүөтүк ааҕан диктант суруйааччылар  куттарын тутта. Түгэнинэн туһанан тэрийээччилэргэ махталбын тиэрдэбин. Киһи бэйэтин тургутан көрөрүгэр олус үчүгэй тэрээһин».

Маны таһынан «Таптыыр Сахам тылынан» Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 3-8 кылаас үөрэнээччилэригэр бэһис сылын ыытыллар сахалыы дьыктаан акцияҕа Нам улууһуттан 754 үөрэнээччи  кыттыыны ылла. Намнааҕы Оҕо библиотекатын тэрийиитинэн улуус киинигэр  514 үөрэнээччи кытынна. Үөрэнээччилэр онлайн нөҥүө саха тылын таба суруйууга тургутук ыйытыктарга эппиэтээтилэр.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять