22.11.2024

Суруйааччы В.В. Ушницкай-Сэки 85 сааhа.

В. В. Ушницкай РСФСР үөрэхтээһинин туйгуна, учууталлар учууталлара, Саха республикатын үөрэҕириитин систематын ветерана, Орто Халыма, Нам улуустарын, Түүлээх, Хамаҕатта, I Хаҥалас нэһилиэктэрин Бочуоттаах гражданина 85 сааhыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээhин муус устар ый 13 күнүгэр Нам нэhилиэгэр  Афанасий Шестаков аатынан сынньалаҥ киинигэр ыытыллыаҕа..

Василий Васильевич айар үлэтигэр  анаммыт «Отуу уотун оhуора» диэн кинигэ быыстапката Н.М. Рыкунов аатынан улуустааҕы киин библиотекаҕа тэрилиннэ.

 

 Ушницкай Василий Васильевич-Сэки 1932с. муус устар 6 күнүгэр Уус-Алдан оройуонугар Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Бастакы хоһооно оройуон хаһыатыгар «Бассабыыктыы тэрийээччи» 1946с. бэчээттэммитэ («Алдаҥҥа» диэн хоһоон). Бастакы кинигэтинэн «Тууһут тураах» диэн болар. Ити кэнниттэн «Мороду моргуора», «Олоҕум аргыстара», «Азбука»,  «Оҕо-оҕо эрдэххэ», «Ааспыты анаарыы, билиҥҥини билии» диэн кинигэлэри таһаартарбыта.

Нам улууhун «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэнэ.

Күн анныгар күлүк буолан

Киhи олоруо суох тустаах,

Сир үрдүгэр кини суолун

Хайаан да хаалларыахтаах.

      Хаалларыахтаах сиргэ киhи

     Ханнык эмэ үлэтин,

    Булгуччулаах ытык иэhин,

    Бэйэтин кэнчээритин.

Киhи суола ыраас, сырдык

Уонна күндү буолуохтаах,

Ону кытта тэҥҥэ кырдьык

Аргыстаhа сылдьыахтаах.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять