Н.М.Рыкунов аатынан улуустааҕы киин библиотекаҕа бэс ыйын 26 күнүгэр «Белые ангелы долины Эҥсиэли» кинигэ сүрэхтэниитэ олус истиҥник буолан ааста.
Акушер аан дойдутааҕы күнэ 1991 сыл ыам ыйын 5 күнүттэн бэлиэтэнэр. Акушерскай-гинекологическай сулууспа акылаата, үлэтин төрдө – нэһилиэнньэ кэрэ аҥардарын – кыыс оҕону, төрүүр уонна аҕам саастаах дьахталлар доруобуйаларын кэтээн көрүүгэ, профилактикаҕа сытар. Нам улууһугар бастакы акушерскай көмөнү оҥоруу 1938 сыллааха тэриллибитэ. Бу 85 сыл устата төһөлөөх элбэх ийэҕэ көмө, кырачаан оҕолор саҥа күн сирин көрөр дьоллорун бэлэхтээбиттэрэ буолуой биһиги үрүҥ халааттаах аанньалларбыт.
«Белые ангелы долины Эҥсиэли» кинигэ Нам улууһун киин балыыһатын акушерскай-гинекологическай сулууспатын историятын, сайдыытын, билиҥҥитин уонна үлэлээн ааспыт үлэһиттэрин, убаастабыллаах доруобуйа харыстабылын ветераннарын үлэлэрин-хамнастарын кэпсиир-сырдатар, үйэтитэр.
Бу саҥа кинигэни хомуйан оҥордулар, кинигэ ааптардара: Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үрдүк категориялаах быраас гинеколог Евдокия Николаевна Москвитина уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үрдүк категориялаах клиническэй психолог Розалия Прокопьевна Черкашина. Саҥа кинигэбит түөрт түһүмэхтээх, түһүмэхтэрэ үстүү-биэстии разделларынан 239 сирэйинэн, 200 ахсааннаах Дьокуускай куоракка «Сахапечатька» бэчээттэнэн таҕыста. Редактор Анна Александровна Захарова, художественнай редактор Гаврил Иванович Попов. 2020 сыллаахха төһө да хамсык ыарыыта бүрүүкээн турар бириэмэтэ буоллар кинигэ күн сирин көрөн дьон махталын ылбыта.
Доруобуйа эйгэтигэр саҥа киһи – кырачаан оҕо күн сирин көрөрүгэр күүс-көмө буолар долгутуулаах, эппиэтинэстээх үлэлээх миэдиктэрбитигэр ананан тахсыбыт «Белые ангелы долины Эҥсиэли» саҥа кинигэ тула кэпсэтиибит үөрүүлээх күнүгэр кыттыыны ыллылар: «Нам улууһа» муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта Филипп Васильевич Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйа харыстыбылын министерствэтин кылаабынай акушер-гинеколога, медицинскай наука кандидата Екатерина Константиновна Ущницкая, Перинатальнай киин Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы нүөмэрдээх балыыһа – национальнай медицина киинин главнай бырааһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх бырааһа Татьяна Юрьевна Павлова, М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу — Илиҥҥи федеральнай университет медицинскай институтун акушерства уонна гинекологиятын кафедратын сэбиэдиссэйэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх бырааһа Наталья Ивановна Дуглас уонна өр сыллларга оройуоннааҕы киин балыыһаҕа үлэлээн-хамсаан бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор убаастабыллаах бэтэрээннэрбит, оройуоннааҕы киин балыыһа үлэһиттэрэ, ыҥырыылаах күндү ыалдьыттар.
Саҥа кинигэни таһаарар бу улахан сыралаах үлэ буолар. Маны кинигэни кытта үлэлэспит эрэ киһи билэр буоллаҕа. Кинигэбит ааптардара, бастатан туран бу проект ааптара Евдокия Николаевна уонна Розалия Прокопьевна туохтан саҕаланан кинигэ таһаарар санаа киирбитин, туох үлэ ыытыллыбытын, туох ыарахаттарын көрсүбүттэрин сиһилии кэпсээн көмөлөспүт дьонноругар истиҥ махтал тылларын, сибэкки дьөрбөлөрүн туттартаатылар.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар бу кинигэ тахсан Наммыт улууһун акушерскай-гинекологическай сулууспатын историята, үлэтэ-хамнаһа, үлэлээбит уонна үлэлии сылдьар үрүҥ халааттаах аанньаалларбыт тустарынан кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ уонна улуус олохтоохторо үйэлэр тухары махтана ахтыахтара, үйэтитиэхтэрэ диэн ис санааларын этэн, кинигэ ааптардарыгар махтал истиҥ тылларын эттилэр. Бу киэһээни ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр акушер – гинеколог быраас Раиса Атласова, Ирина Неустроева, Лена Корякина уонна элбэх оҕолоох ийэлэр ааттарыттан Вера Цыпандина. Кэлбит ыалдьыттар акушерскай-гинекологическай сулууспа үлэһиттэрин айар быыстапкаларын дуоһуйа көрөн, минньигэс астаах мааны сандалы остуолларыгар олорон урукку ахтын-санаан дуоһуйа кэпсэтэн, сынньанан үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Акушер-гинеколог икки олоххо – ийэ уонна кырачаан киһи олохторугар эппиэтинэстээхтэр. Нам улууһугар 2022 сыл түмүгүнэн 301 кырачаан күн сирин көрбүт. Быйылгы сыл бэс ыйын 23 күнүнээҕи даннайынан улууспутугар 108 оҕо төрөөн үгүс дьиэ кэргэн үөрүүтэ үксээтэ.
Нам улууһунааҕы ЗАГС отделын иһитиннэринэн кырачаан уолаттарга үксүн сөбүлээн Арылхан, Тимур уонна Эрсан диэн ааттары биэртэлээбиттэр, онтон кэрэчээн кыргыттарга Айаана, Алиса, Амелия, Милана, Мичийэ уонна София. Ураты сонун ааттар бу сылларга Айан, Алмаас, Дьолуо, Чэлгийээнэ уонна Эрэлчээнэ.
Үрүҥ халааттаах аанньалларбыт Орто дойдуга улуукан сыаннаһы – киһи доруобуйатын уонна олоҕун харыстыыргыт иһин барҕа махтал буолуохтун. Чэгиэн-чэбдик олох үөрүүтүн бэлэхтээбит, ийэ буолар дьолун биллэрбит кэрэ аҥардаргыт махтал тыллара уонна билиниилэрэ мэлдьи этиллэ турдуннар.
Баҕарабыт эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну, тапталы, өйөбүлү, үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри. Эһигини бэйэҕитин куруук Аанньалларгыт араҥаччылаатыннар.