24.11.2024

Н.Михалева-Сайа – БастакыХомустаахха

Ыам ыйын 24 күнүгэр Нам улууһун Бастакы Хомустаах нэһилиэгэр эмиэ биир ураты поэзия истиҥ кэрэ киэһэтэ буолан ааста.  Бу сырыыга биһиэхэ күндү ыалдьыт буолан кэллилэр айар куттаах Далбар хотуттарбыт, суруйааччылар сойуустарын норуоттар икки ардыларынааҕы уопсастыба диэйэтэлэ, СӨ култууратын үтүөлээхүлэһитэ,  хомоҕой тыллаах суруналыыһа, поэтесса Наталья Михалева-Сайа уонна СР культуратын үтүөлээхүлэһитэ Людмила Спиридонова-Сунтаар Күөрэгэйэ.

Сахалыы тыыннаах алаһа дьиэбитигэр поэзияны сөбүлээн ааҕааччылар, Сайа биэриилэрин сэргээн истээччилэр толору муһуннулар. Үс аҥар чаас устата Сайа саҥа тахсыбыт “Тыыннаах тылбаас” кинигэтин, поэзия туһунан сэһэргэьии, көрөөччүлэр куттарын туппут, киэҥ биһирэбили ылбыт телевизионнай биэриилэрин тула истиҥ сэргэх кэпсэтии барда. Нэһилиэкпит хоһоону сэргээн ааҕааччылара В.Власов “Ийэ тылым» хоһоонун, Н.Михалева-Сайа «Тыыннаах тылбааһыттан” нуучча улуу классиктарын, Омар Хайям рубаиларын, Шекспир сонеттарын, кыргыс билиҥҥи кэминээҕи бэйээттэрин айымньыларыттан быьа тардан толордулар. Бу дьоро киэһэҕэ Сайа айар талааныгар, сүдү поэзиятыгар сүгүрүйэр ааҕааччыбыт Александр Прибылых бүгүҥҥү ыалдьыппыт хоһоонноруттан аахта, Виктор Рожин Сайа тылыгар суруллубут ырыаны ыллаан бэлэх уунна. Көрсүһүүгэ кэлбит нэһилиэк олохтоохторо Е.И.Неустроева, Г.Г.Алексеева, М.Е.Новгородова, Е.Н.Жиркова, Л.Н.Степанова, С.Н.Попова, тумус туттар суруйааччыларбыт А.М.Софронов-Онтуон, А.М.Татаринов- Удьурҕай бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр, Сайа айар үлэтигэр ааҕааччылар кэрэхсиир айымньыларын өссө да айа-бэчээттэтэ,  хас биирдии саха ыалыгар күндү ыалдьыт буолар биэриилэрэ тохтообокко тахса туралларыгар баҕардылар, дьоро киэһэни бэлэхтээбитигэр дириҥ махтал тылларын эттилэр.

«Хомустаах 1-кы нэьилиэгэ» МТ баһылыгын солбуйааччыта Захаров А.Г., олохтоох модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Жиркова Н.Д. Наталья Владимировна айымньылаах айар үлэтигэр ситиһиилэри баҕаран туран эҕэрдэ истиҥ тылларын анаатылар, тыа кэһиитин туттардылар. Айар айылгылаах ытык ыалдьыттарбыт санааларын сайа этэн, хоһоонноро хото ааҕыллан, ырыалара дуоһуйа ылланан нэһилиэк олохтоохторугар кэпсээн кэһиилээх, дорҕоон тойуктаах, хоһоон доҕордоох олус сэргэх тэрээһини бэлэхтээн бардылар. Бу көрсүһүүгэ кэлбит тэрээһин кыттыылаахтара автор автографтаах саҥа кинигэтин атыылаһан дьиэлэригэр дьоһун кэһиилээх бардылар.

Бастакы Хомустаах модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ

Н.Д.Жиркова

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять