08.11.2024

Библиотека күнүн көрсө

Ыам ыйын 18 кунугэр, Ботун орто оскуолатын саха тылын  учууталларын холбоьуга, олохтоох модельнай библиотека, оскуола библиотекатын улэьиттэрин тэрийиилэринэн   «Мин дьиэ кэргэним реликвията» диэн  улахан кылаас о5олоругар  анаан, уорэнээччи обугэлэрин, дьиэ кэргэнин историятын билэригэр, торообут тылынан санаатын сааьылаан этэригэр олук уурар сыаллаах курэс ыытылынна.  Бу кун о5олор обугэлэриттэн эбээлэриттэн, эьээлэриттэн хаалбыт    дьиэ кэргэн ытыктаан , харыстаан илдьэ сылдьар малларын – салларын туьунан кэпсээтилэр, билиьиннэрдилэр. Ол курдук  колуонэттэн колуонэ5э бэриллибит урун комус киэргэллэртэн са5алаан араас туттар тэриллэр, былыргы кинигэлэр,туос иьиттэр уо. д а кордоруугэ туруорулуннулар.   Тэрээьин кыттыылаахтара анардас экспонаттар эрэ тустарынан буолбакка, угус дьиэ кэргэттэр тустарынан элбэ5и иьиттилэр, биллилэр. Онтон хас биирдии дьиэ кэргэн бу биьиги дойдубут историятын биир быстыспат сор5ото буолар.  Курэх тумугунэн кыайыылаахтарынан буоллулар  Эверстова Вика ( 11 кыл), Местников Айаал (8 кыл),Чирикова Марианна (7кыл), Суздалов Дима (7 кыл). Кыайыылаахтар Дипломнарынан уонна сыаналаах сертификатынан на5араадаланнылар, бары кыттааччыларга сертификат, ойдобунньук бэлэх туттарылынна.

Бутун Россиятаа5ы библиотекалар куннэрин корсо  араас тэрээьиннэр ыытылыннылар.

Ол курдук ыам ыйын 24 кунугэр улуустаа5ы инбэлииттэр обществоларын кытта « Аа5ар дьиэ кэргэн» дьиэ кэргэттэргэ аналлаах улуустаа5ы курэх буолан ааста. Манна барыта 3 нэьилиэктэн  аа5ыы абыланар ылларбыт дьиэ кэргэттэр кытыннылар. Курэх барыта туорт туьумэ5инэн:  бэйэни билиьиннэрии, литературнай викторина, о5олорго хоьоон аа5ыыта, «Биьиги дьиэ кэргэнинэн собулуур айымньыбыт» бэйэ оноьук кинигэ онорууга ыытылынна.  Бары дьиэ кэргэттэрбит олус учугэйдик бэлэмнэнэн кэлэн курэх сэргэхтик , интэриэьинэйдик ааста. Тумуккэ уьус миэстэни Костя, Елена Николаевна, Владимир Семенович Павловтар, иккис миэстэни Александра Максимовна Мордосова сиэннэрэ Айтал, Эрсан Мартыновтар уонна кыайыылаа5ынан Артем, Намияна Григорьевна, Афанасий Павлович Матаннановтар   буоллулар. Ону тэнэ « Бастын хоьоон аа5ааччы» анал ааты  Артем Матаннанов, «Бастын бэйэ оноьук кинигэ»  анал ааты Мартыновтар дьиэ кэргэттэрэ ыллылар. Бары кыттыыны  ылбыт дьиэ кэргэттэр сертификаттарынан, кыайыылаахтар Дипломнарынан, бэлэхтэринэн бэлиэтэннилэр. Курэ5и бэйэлэрин ыллам ырыаларынан киэргэттилэр Михаил Макаров, Алексей Слепцов.

Ыам ыйын 24 кунугэр, кыра кылаас о5олоругар анаан, «Аптаах остуоруйа» диэн ааттаах «Аа5ар ыскамыайка» Акция ыытылынна. Бу акция чэрчитинэн «Мин собулуур остуоруйам геройа» асфальтка уруьуй курэ5э, «Остуоруйа алыптаах дойдута» кинигэ быыстапката, «Остуоруйаны тоьо билэ5ин?», «Таабырынна таайсыах» викториналар ыытылыннылар.

Уорэнээччилэри аа5ыыга уьуйар, кэрэни кэрэхсииргэ, айар дьо5урдарын сайыннарар сыаллаах ыытыллыбыт  «Мин собулуур остуоруйам геройа»    уруьуй курэ5эр барыта 12 о5о кыттыыны ылла. О5олор дьууллуур субэ иннигэр уонна корооччулэргэ собулуур геройдарын асфальтка уруьуйдаан баран билиьиннэрдилэр. Бары кыттыбыт о5олорго сертификат туттарылынна.  Кыайыылаахтарынан Протопопова Динара, Дайаана Потапова, Бандерова Милена тахсан Дипломунан,  кинигэ бирииьинэн на5араадаланнылар. Тэрээьин бириэмэтигэр ыытыллыбыт викториналарга мустубут о5олор кохтоохтук кытыннылар. Угус элбэх боппуруоска сопко эппиэттээбит о5олор минньигэс бириис туттулар.

Быйылгы Волонтер сылынан, олохтоох  библиотека иьинэн орто суьуох кылаас о5олоругар  анаан  «Волонтеры книжной культуры» тумсуу тэриллэн  улэлиир.  Тумсуу сыалынан  о5олору библиотека улэтин ыкса билиьиннэрии, библиотекарь идэтин билиьиннэрии, утуо5э – сырдыкка уьуйуу. Тумсуугэ барыта 5 о5о суруттаран быйылгы уорэх дьылыгар библиотека араас улэтигэр комолостулэр. Ол курдук кинигэ фондатын сааьылааьынна, бэрээдэктээьиннэ, хаьыаттары , сурунааллары наардааьынна , ону тэнэ тыыл – улэ ветераннарыгар дьиэлэригэр кинигэ тиэрдиигэ, библиотека ыытар  араас тэрээьиннэригэр куус – комо буоллулар. Инникитин бу тумсуу улэтин  сал5ыыр, сайыннаран биэрэр былааннаах.

Колесова В.С., Бөтүҥ модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять