25.11.2024

Олонхо — халлаан куйаарыгар

Олоҥхо – саха норуотун духуобунай олоҕун уһулуччулаах көстүүтэ, киһи аймах уопсай культуратын  күндү кылаата, норуоппут киэн туттуута. Олоҥхо киһи чиэһин үрдүктүк тутарга, киһини сыаналыырга, норуот үгэстэрин, сиэрин-туомун тутуһарга,  ыччаты  күүстээх-уохтаах, дьулуурдаах  буоларга,  сиэргэ-майгыга  иитэр. Нам улууһугар 13-с республикатааҕы Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, ыам ыйын 27 күнүгэр, Бүтүн Россиятааҕы библиотека күнүгэр, Бастакы Хомустаах нэһилиэгэр, Наммыт биллиилээх олоҥхоһуттарын сүдү айымньыларын ааҕыы, халлаан киэҥ куйаарыгар көтүтүү чаҕылхай түгэнэ буолан ааста. Бу «Олоҥхо-халлаан куйаарыгар» бырайыак көҕүлээччилэринэн нэһилиэк модельнай библиотекатын үлэһиттэрэ Н.Д. Жиркова уонна Л.П.Сивцева буолаллар.

Бырайыак толкуйдаммыт  сыалынан-соругунан буолар:

  1. Нам улууһун  олоҥхоһуттарыгар сүгүрүйүү, ааттарын үйэтитии.
  2. Ураты сонун ньыманан эдэр көлүөнэ ыччакка олонхо суду айымньыбыт буоларын өйдөтүү, олоҥхо эйгэтигэр сыһыарыы.
  3. Быйыл Наммыт улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларынан  нэһилиэкпит, улууспут дьонугар-сэргэтигэр, кэнчээри ыччаттарбытыгар умнуллубат ча5ылхай тугэни хаалларыы.

Бу чаҕылхай түгэҥҥэ бэйэлэрин эҕэрдэ тылларын эттилэр — “Хомустаах 1-кы нэһилиэгэ” МТ аҕа баһылыга Жирков В.Г. уонна Нам кииннэммит библиотечнай ситимин директора М.Р.Софронова. Самолет халлаан куйаарыгар көтүөн иннинэ  “Алгыс” НАК иһинэн үлэлиир олонхоһуттар түмсүүлэрэ наммыт биллиилээх олоҥхоһута, быйыл 110 сылын туолбут В.Н.Попов-Бочоох “Үөлэн Кыырдьыт” олоҥхотуттан быһа тардан аахтылар.

Ол кэннэ үйэттэн үйэлэр тухары,  көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр дириҥ ис хоһоонноох ураты күүстээх айымньыбыт  Олонхо – Мэҥэ халлааҥҥа көттө. Нам улууһун биллиилээх олонхоһуттара айан хаалларбыт сүдү айымньыларын мэҥэ халлааҥҥа таһааран оҕолорго билиһиннэрдибит, умнуллубат түгэни бэлэхтээтибит. Мэҥэ халлааҥҥа самолету салайан көтүттүлэр — “ОСА” авиационнай-техническэй спортивнай кулууп коллектива, салайааччы И.Г.Попов.

Бу бэлиэ түгэни үйэтиттилэр  “Саха” НКиХ уонна Намнааҕы киновидеоархив үлэһиттэрэ Е.М.Эверстова, В.Д.Попова уо.д.а.

 

Олоҥхо айыллара сатабыллаах,

Олоҥхо олуга тэрээһиннээх,

Олоҥхоһут уһуйуллара умсулҕаннаах,

Олоҥхо ылланара ыпсарыылаах.

 

Бастакы Хомустаах нэһилиэгэ Олоҥхо ыһыаҕын уруйдуур!!!

Библиотека сэб. Жиркова Н.Д.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять