Хайа баҕар сир, дойду киэҥ туттар, үтүө холобур буолар дьонноох. Ол курдук, бүтүн Аан дойдуга норуот култууратын, олоҕун-дьаһаҕын билиһиннэрэр, оҕону, ыччаты кэрэҕэ, үчүгэйгэ иитиигэ киэҥ суолталаах, туһалаах «Сказочная Якутия», «Сказки народов Якутии», “Мачеха и падчерица” уонна “Сын медведя” кинигэлэр тахсалларыгар сыратын, кыһамньытын уурбут, ааптардары кытта тэҥҥэ үлэлэспит, научнай салайааччы — биир дойдулаахпыт, Хатырыктан төрүттээх, нэһилиэк биир киэн туттар ыччата — филологическай наука кандидата Павлова (Захарова) Надежда Васильевна буолар. Кинилиин мин сэтинньи ый 23 кунугэр М.К.Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатын аактабай саалыгар,бу кинигэлэр сүрэхтэнэр күнүгэр көрсөн сэһэргэстим.
— Надежда Васильевна, дорообо! Баһаалыста, үлэҥ туһунан билиһиннэр эрэ.
Надежда Васильевна.:- Күндү дьонум дорооболоруҥ! Мин РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун Фольклор уонна литература салаатын научнай үлэһитэбин.Саха фольклорун чинчийээччи (фольклорист)буолабын. Кандидатскай диссертациям тиэмэтэ — «Якутская волшебная сказка: сюжетный состав и основные образы».
—Сэдэх тиэмэ эбит: остуоруйаны хомуйуу, үөрэтии. Бу туһунан сырдатыаҥ дуо?
Надежда Васильевна.:-2003 с. М.К. Аммосов аатынан СГУ Саха филологиятын уонна культурологиятын факультетын бүтэрбитим. Дипломнай үлэм мин инники дьылҕабын быһаарбыта. Чинчийбит тиэмэм — «Саха олоҥхотун уонна хакаас алыптыг нымаҕын тэҥнээн ырытыы» диэн этэ. («Алыптыг нымах” – хакас героическай эпоһа). Билигин үлэлиир научнай институтум дьоно оппонент быһыытынан үлэбин үрдүктүк сыаналаабыттара уонна тута үлэҕэ ыҥырбыттара. Онон университет кэннэ тута научнай-чинчийэр институкка үлэҕэ киирбитим. Саҥа тиэмэҕэ, ол эбэтэр саха остуоруйаларын чинчийиигэ ылсан үлэлэһэн барбытым.
— Бу аҕыйах бириэмэ анараа өттүгэр тахсыбыт, дьон сэҥээриитин ылбыт «Сказочная Якутия» уонна аан дойду таһымнаах “Сказки народов Якутии”, “Мачеха и падчерица” уонна “Сын медведя” диэн кинигэлэр туһунан кэпсээ эрэ.
Надежда Васильевна.: -“Сказочная Якутия” кинигэни бэлэмнииллэригэр икки сыллааҕыта биир үтүө күн Москваттан «PressPass» издательство эрэдээктэрэ Александра Агафонова матырыйаал өттүнэн көмөлөһөргө көрдөһүүлээх төлөпүөммэр эрийэн тиийбитэ. Бастаан утаа «Кыым» хаһыат редакциятын көмөтүнэн хас да остуоруйаны булбуттар этэ. Саха остуоруйалара аар-саарга аатырдыннар, оҕолор өбүгэбит остуоруйаларын биллиннэр диэн санааттан үлэлэһэргэ сөбүлэспитим.
Ол курдук Саха сиринээҕи научнай киин архыыбын рукописнай салаатыгар харалла сытар урукку кэмҥэ бэчээккэ тахсыбатах хас да остуоруйаны, ону тэҥэ биллэр остуоруйаһыт, «Арай биирдэ…» өрөспүүбүлүкэтээҕи остуоруйа, сэһэн, кэпсээн киэһэтин кыайыылааҕа, Дьокуускайдааҕы коррекционнай оскуола биир тутаах үлэһитэ, ытыктанар учуутал Мария Ивановна Алехина-Ушницкая урут оҕо эрдэҕинэ икки эбээтиттэн истибит остуоруйаларын талан, редакцияҕа көрөллөрүгэр, бэлэмнииллэригэр ыыппытым. Маны таһынан издательство көрдөһүүтүнэн саха остуоруйатын туһунан кылгас билиһиннэрэр информацияны бэлэмнээн суруйбутум. Ол кинигэ бүтүүтүгэр баар.
Оҕо өйдүүрүн курдук көннөрөн, тылбаастаан бэлэмнээбиттэрэ, киһи сэргиирин курдук дьэрэкээн уруһуйдарынан таҥмыттара. Кинигэ биир уратыта диэн сорох кылгас остуоруйалары төлөпүөҥҥэ баар «куйаар код»( QR-код) сыһыарыы көмөтүнэн остуоруйаһыт Мария Ивановна Алехина-Ушницкая ааҕыытыгар истиэххэ сөп.
Онтон «Сказки народов Якутии» кинигэ Саха өрөспүүбүлүкэтин Тас дойдулары кытта сибээһи олохтуур министиэристибэ салайыытынан “Сказки народов мира и России” диэн международнай бырайыак чэрчитинэн бэһис таһаарыы быһыытынан бэлэмнэниллэн тахсыбыт кинигэ. Бу иннинээҕи таһаарыылар Алжир, Китай остуоруйаларыгар анаммыттар.
Бу остуоруйа хомуурунньугар Гуманитарнай чинчийии институтугар бииргэ үлэлиир коллегаларбын кытта тиэкистэри бэлэмнээбиппит. Ол курдук эбээн остуоруйаларын В.А. Петрова, эбэҥки остуоруйаларын М.П. Дьяконова, юкагир остуоруйаларын П.Е. Прокопьева, оттон мин саха остуоруйаларын булан биэрэргэ көмөлөспүппүт. Оҕолорго анаммыт таһаарыы буолан, тиэкиһэ анаан-минээн чочуллубут, эрэдээксийэлэммит. Кинигэ сүрүн уратыта – дьэрэкээн ойуутугар. 5000 тахса Россия араас куоратын, омук сирин оҕолорун уруһуйдарыттан талыллан киирбит бастыҥ уруһуйдарынан ойууламмыт кинигэ.
«Мачеха и падчерица», «Сын медведя» диэн кинигэлэр “Сказки народов Евразии” диэн международнай бырайыак чэрчитинэн бэлэмнэнэн тахсыбыттара. Евразияҕа олорор омуктар остуоруйаларын чинчийээччилэрин түмэн салайбыт киһинэн буолар – биллэр калмык фольклориһа, джангаровед, филологическай наука доктора, профессор Хабунова Евдокия Эрендженовна. Бу научнай таһаарыы буолан, ол эбэтэр остуоруйа тиэкиһэ остуоруйаһыт хайдах кэпсээбититтэн уларытыллыбакка, хайдах саҥарбытынан суруллан, бэчээттэнэн тахсыахтаах. Тиэкиһи ким кимтэн хаһан ханна суруйбутун туһунан ыйыллыахтаах. Ол аата айымньы пааспара диэн буолар. Тылбааһа тылыттан тылыгар сөп түбэһиэхтээх. Кинигэлэр Калмыкияҕа Элиста куоракка бэчээттэнэн тахсыбыттара. Билиҥҥи кэмҥэ серия үһүс томун бэчээккэ бэлэмнии сылдьабыт.
—Надежда Васильевна, улууспутугар быйыл Олоҥхо ыһыаҕа урдук таһымҥа буолан ааста, Олоҥхо ыһыаҕар анаан саҥа кинигэлэр бэчээттэнэн таҕыстылар. Биһиги улууспут култууратын, олоҥхоһуттарын туһунан кэпсиир кинигэлэргэ үлэлэстиҥ, ол туһунан сырдат эрэ.
—Надежда Васильевна: Гуманитарнай чинчийии институтугар фольклор уонна литература салаатыгар бииргэ үлэлиир коллегабын Данилова Анна Николаевналыын Намҥа Олоҥхо ыһыаҕын көрсө үс кинигэни бэчээккэ бэлэмнээбиппит. Бастаан утаа былырыын Нам улууһун нэһилиэктэринэн фольклорнай экспедиция үлэтин ыытан, фольклор матырыйаалын хомуйан, чинчийэн саҕалаабыппыт. Хомуллубут матырыйаал реестрын, бары сэһэргэспит информаннарбыт ааттарын ыйан туран, “Олоҥхо омоон суолунан” диэн кинигэбитигэр киллэрбиппит. Нам улууһун биллэр олоҥхоһуттарын, билиҥҥи толороочуларын, тарҕатааччыларын, чинчийээччилэрин туһунан хас эмэ түһүмэххэ наардаан сырдаппыппыт. Бу кинигэҕэ матырыйаалынан У.Д. Сивцева, В.Д. Попова көмөлөспүттэригэр махтанабыт.
Саха сиринээҕи научнай киин архыыбыгар Охлопков Е.Г.-Буоратай “Үрүҥ Уолан бухатыыр” диэн толору олоҥхото эмискэ көстөн, хата, биир дойдулаахтарбар коллегабынаан Анна Николаевналыын улахан бэлэх оҥорон таһаарбыппытыттан наһаа үөрэбит, астынабыт. Олоҥхоһут туһунан матырыйааллары кини аймаҕа Анна Егоровна Охлопкова булан биэрбитигэр махтанабыт.
Маны тэҥэ үһүс кинигэнэн 1940-с сыллардаахха институт корреспонденнара Нам олоҥхолорун 12 кылгас сюжеттарын суруйбуттарын “Эҥсиэли олоҥхолорун ис номохторо” диэн кинигэҕэ туспа бэлэмнээн таһаарбыппыт. Урукку кэмҥэ ханнык сюжеттаах олоҥхолор тарҕана сылдьыбыттарын туһунан туоһулуур кинигэ.
Түгэнинэн туһанан, бу кинигэлэр дириҥ суолталарын өйдөөн, үрдүктүк сыаналаан, бэчээккэ тахсыыларын үбүлээбит Нам улууһун дьаһалтатыгар, улуус култууратын салаатыгар дириҥ махталбытын биллэрэбин.
—Инники былааннарын туьунан үллэстиэҥ дуо?
Надежда Васильевна: Инники былаан элбэх. Саха остуоруйатын ыччаппыт билэрин, остуоруйа нөҥүө сахалыы саҥатын сайыннарарын туһугар араас тэрээһиннэри, бырайыактары биирдиилээн дьону кытта былаанныы сылдьабыт. Ону сотору кэминэн билиэххит.
Остуоруйаны фольклор атын жанрдарын кытта тэҥнээн, саха остуоруйатын дьиҥ уратытын арыйыахпын, араас өттүттэн чинчийиэхпин, үөрэтиэхпин баҕарабын.
Этэҥҥэ, чэгиэн сырыттахха, барыта кыаллыа, олоххо киириэ диэн эрэнэ саныыбын.
—Надежда Васильевна кэпсээнин иһин махтанабын. Дьэ кырдьык даҕаны, саха остуоруйата барахсан уос номоҕуттан сүтэн – оһон хаалбакка, кинигэҕэ тиһиллэн, бүтүн аан дойдуга тарҕанна, атын омуктар остуоруйаларын кытары тэҥҥэ турар кыахтаммытыттан үөрэбит, онтон биһиги, биир дойдулаахтарыҥ, бүтүн Саха сиригэр остуоруйаны анаан үөрэтэр соҕотох чинчийээччи Хатырык кыыһа буоларыттан киэн туттабыт!
Надежда Васильевна.:-Махтал!(сэмэйдик мичилийэр) Күндү бар дьоммор ырыа курдук ылбаҕай, хоһоон курдук хомоҕой, сэһэн курдук сиэдэрэй, кэпсээн курдук кэрэхсэбиллээх, остуоруйа курдук алыптаах уонна олоҥхо курдук уһун дьоллоох олоҕу баҕарабын!
Кэпсэттэ Татьяна Местникова
М.А.Охлопкова аатынан Хатырыктааҕы модельнай библиотека библиотекара.
Сэтинньи, 2019 с.