22.11.2024

Ааҕааччы түһүлгэтэ

Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр киин библиотекаҕа  «Бенефис Читателя» диэн бэрт сэргэх-интэриэһинэй тэрээһин буолан ааста. Күндү-мааны ыалдьыппытынан РФ уопсай үөрэхтээһиин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, кыраайы үөрэтээччи, ааҕааччы, библиотекарь идэлээх Софья Гаврильевна Дмитриева буолла. Софья Гаврильевна, бэйэтэ Мэҥэ-Хаҥалас олохтооҕо, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, Намҥа оҕолорун билсэ-көрсө элбэхтик кэлэр. Биһиэхэ киин библиотекаҕа биир бастыҥ ааҕааччыбыт ол курдук Софья Гаврильевна олус элбэҕи билэр-көрөр киһи буолан, билигин биһиги улууспут историятын кытта үөрэтэр-интэриэһиргиир.

Бүгүҥҥү истиҥ көрсүһүү элбэх киһини муста, кэпсэтии “Суорун Омоллоон уонна Дойдунуускай” диэн аатын курдук, саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон уонна Дойдунуускай нэһилиэгин туһунан буолла. Суорун Омоллоону Намҥа сыһыаран Софья Гаврильевна ылыннарыылаахтык, умсугутуулаахтык кэпсээтэ. Кэлбит ыалдьыттар биирдии биирдии ойон туран Суорун Омоллоон, Дойдунуускай нэһилиэгин туһунан истиҥ-сылаас тылынан кэпсээтилэр, ахтыстылар.

Бу көрсүһүүттэн бары даҕаны икки өртүттэн астынан-дуоһуйан, Софья Гаврильевнаҕа махтанан тарҕастылар.

Өссө да Софья Гаврильевналыын былааннар бааллар, ол былааннар мантан эһиил олоххо киириэхтэрэ.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять