15.10.2024

II Хомустаахха саҥа библиотека арылынна

Балаҕан ыйын 7 күнүгэр 2-Хомустаах нэһилиэгэр элбэх хайысхалаах култуура уонна спорт киинэ « Сахам сирэ XXI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн тутуллан, ситэн-хотон, дьоһун дьиэтэ үлэҕэ киирдэ.
Икки этээстээх 800-тэн тахса кв.м. иэннээх эбийиэккэ элбэх тэрилтэ түмүллэн киирдэ: олохтоох дьаһалта, “Сэргэлээх” норуот айымньытын киинэ, нэһилиэкпит библиотеката, спорт, почта, олохтоох музей. Ону таьынан Аҕам саастаах дьоҥҥо, араас общественнай түмсүүлэргэ туспа хос ананна, өссө биир уратытынан ЗАГС хоһо бэлэмнэннэ, ол саахсаланыыга, эдэр ыаллар оҕолорун ааттарын-суолларын суруйтарыыларыгар умнуллубат кэрэ тугэннэрин үөрүүлээх быһыыга тэрийэн ыытарга ананан үлэлиэҕэ.
Саҥа обьекка киирии сиэрин- туомун айылҕаттан айдарыылаах алгысчыт Охлопков Петр Васильевич алгыһынан арыйда.
Тэрээһиҥҥэ Нам улууһун М.Т. баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов, Саха Республикатын Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Еремеев Алексей Ильич, СР тыатын хаһаайыстыбатын миниистэрэ Атласов Александр Павлович,нэһилиэкпит баһылыга Новгородов Лев Николаевич, Нам улууһа МТ баайын-дуолун бас билии Комитетын управлениятын начальнига Белолюбскай Святослав Святославович, Улуустааҕы биир кэлим сакаасчыт сулууспатын дириэктэрэ Винокуров Григорий Григорьевич, Нам улууьа МТ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениятын начальнига Прокопьев Ядрихинскай Семенович, Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим директора Софронова Майя Романовна, ССРС культуратын туйгуна Габышева Мария Николаевна уо.д.а. кыттыыны ыллылар. Ыалдьыттарга саҥа, сырдык сылаас дьиэ устун экскурсия оноһулунна. Нэьилиэк библиотекатын сэбиэдиссэйэ Слепцова Е.В.
нэһилиэгин историятын сырдатар кинигэ быыстапкатын, «Удьуор утумнаах уһуйааччылар» уонна «Үлэ чиэс- Албан аат» диэн быыстапкаларын сырдатта. Библиотека уопсай иэнэ- 45 кв.м тахса.
Култуура уонна спорт киинин саҥа сырдык, сылаас, киэҥ уораҕайа нэһилиэкпит дьонун,оҕолорун, эдэр ыччатын билиигэ-көрүүгэ, кэрэҕэ, чөл олоххо тиэрдэр суола нэлэһийэ арылынна

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять