22.12.2024

Бөтүҥнэр Ийэ Дойду көмүскэлигэр

Олунньу 10 күнүгэр С.П.Оконешников аатынан “Айылгы” культурнай кииҥҥэ“Бөтүҥнэр Ийэ Дойду көмүскэлигэр” кинигэ презентацията буолан ааста. Кинигэ Улуу Кыайыы 75 сылынан ааспыт сыл Бэчээт дьиэтигэр 50 экземплярдаах бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэҕэ Бөтүҥ, ll Модут, Хатыҥ-Арыы нэһилиэктэриттэн Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт буойуннар, “Молотов”, “1 Маай”, “Шмидт” колхозтарга үлэлээбит, нэһилиэкпитигэр кэлэн олохсуйбут, сэмэй кылааттарын киллэрсибит дьон ахтыылара, 76 сэрии кыттыылаахтарын, 143 тыыл ветераннарын, 32 сэрии кэмин оҕолорун ахтыылара киирдилэр. 

Тэрээһин Е.С.Сивцев – Таллан Бүрэ аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын коллективын туруоруутугар Аҕа дойду сэриитин 2 степеннээх орден кавалера, сэрии ветерана, сэрии хонуутугар поварынан сылдьыбыт, Рейхстагка илии баттаабыт, киэн туттар биир дойдулаахпыт Мария Слепцова туһунан литературнай-музыкальнай композициянан саҕаланна.

Салгыы кинигэ таҥыллан тахсыытыгар үлэлэспит олохтоох модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Валентина Спиридоновна Колесова, оскуола библиотекара Мария Даниловна Уваровская кинигэ ырытыытын оҥордулар.

Кинигэ 3 түһүмэхтэн турар. “Саллаат ытык иэһин толорон” маҥнайгы түһүмэҕи орто оскуола историяҕа учуутала Егор Михайлович Софронов, “Түмсүүлээх үлэнэн – кыайыыга дьулуур” иккис түһүмэҕи ветеран сэбиэтин председателэ Людмила Васильевна Михайлова, “Сэрии кэмин оҕолоро – эйэлээх олох уустара” түһүмэҕи сэрии кэмин оҕото Дария Константиновна Прядезникова билиһиннэрдилэр.

Эр дьон ансаамбыла, “Күбэйэ” ансаамбыл, Михаил Кугданов ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр. Биир дойдулаахпыт, айар куттаах Наталья Ушницкая – Дайыына, Мирон Корнилов, Климент Ильин истиҥ иэйиилээх хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр.

Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ “Нам улууһа” муниципальнай тэриллии баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов кэлэн ыалдьыттаата, кинигэҕэ үлэлэспит дьоҥҥо махталын биллэрдэ, бу улахан үлэ хайҕабыллаах буоларын эттэ.

Түмүккэ “Бөтүҥ нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыга Михаил Васильевич Макаров тыыл ветераннарыгар, кинигэҕэ үлэлэспит дьоҥҥо махтал суруктары, саҥа кинигэни туттартаата.

“Бөтүҥнэр Ийэ Дойду көмүскэлигэр” кинигэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ, кэлэр кэнчээри  ыччаттарбытыгар история кэрэһитэ буолан үйэлэргэ үтүө холобур буолуохтун!

Валентина Колесова,

Бөтүҥ модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять