09.12.2024

Саха сирин уһулуччулаах государственнай, политическай деятелэ И.Е.Винокуров 125 сылыгар анаан «Мин олохпун бар дьоммор анаабытым…»XII улуустааҕы “»Уоланнар ааҕыылара»

“ Уоланнар ааҕыыларын” күрэҕин балаһыанньата

Тэрийээччилэр: Намнааҕы оҕо модельнай библиотеката

Сыала-соруга:

— Саха сирин уһулуччулаах государственнай, политическай деятелэ И.Е.Винокуров ологун улэтин туһунан нэһилиэнньэ киэн аранатыгар тиэрдиигэ, кини аатын уйэтитиигэ улуус айар талааннаах уоланнарын кытыннарыы.

-Талааннаах оҕолору өйөөһүн,уус-уран ааҕыыга бастыҥнары быһаарыы.

Ааҕыылар куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар (өйтөн, дорҕоонноохтук ааҕан биирдиилээн эбэтэр бөлөҕүнэн видеоҕа устан ыытаҕыт)                                                                            

Үлэлэри Олунньу 10 күнүттэн Олунньу 26 күнүгэр диэри detskaya18@mail.ru электроннай почтаҕа уонна 89659958232,  89248784144 ватсап нөҥүө хомуйабыт. .  

 Көрүү усулуобуйата:  Саастарынан үс бөлөххө араарыллар

                                      1 бөлөх-6-7 саастаах уһуйаан оҕолоро

                                      2 бөлөх- 1- 4 кылаас

                                      3 бөлөх-5-11 кылаас

  • Хас биирдии кыттааччы 200 солк.кээмэйдээх взнос 89243640771 моббанк нөҥүө төлүүр.
  • Литературнай музыкальнай композиция,инсценировка,монолог, хоһоон
  • Айымньыны ааҕыы, толоруу 3-7 мүнүүтэ

 Конкурс ирдэбилэ:

  • Толоруллар айымньы уобараһын арыйыы, туттуу-хаптыы,сөптөөх таҥас
  • Компьютернай технологияны туһанан музыкальнай доҕуһуол көҥүллэнэр.
  • Түмүгү таһаарыы
  • Кыайыылаахтарга дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан бөлөх аайы Гран-При 1.2.3 миэстэ тахсар.
  • Анал уонна биһирэбил бириистэр туттарыллаллар.
  • Кыттааччыларга туоһу сурук бэриллэр.

Сайаапкалары олунньу 10 күнүгэр диэри Намнааҕы оҕо библиотекатын электроннай почтаҕа detskaya18@mail.ru ылабыт.

 Билсэр тлф 41-703, 89659958232, 89248784144

Сайаапка толоруллар формата

Кыттааччы АА

Нэһилиэгэ, оскуолата, кылааһа

Толоруу көрүҥэ, аата

Салайааччыта

 

 

 

 

 

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять